Кэнники хонукка алта ойуур баһаара умуруоруллубут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка алта ойуур баһаара умуруоруллубут.

СӨ суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, кэнники хонукка 641,5 га иэннээх сири хаппыт алта ойуур баһаара умуруоруллубут. Салгын аалынан уонна космостан хонтуруоллааһын түмүгүнэн үс ойуур баһаара (868 га) булуллубут.
 От ыйын 3 күнүгэр сарсыардааҥҥы иһитиннэриинэн, 36 ойуур баһаара (38562,5 га) бэлиэтэнэр, итинтэн 12 уоту умуруорууга үлэлэһэллэр. Үс ойуур баһаара (6673,5 га) бохсуллубут. Уоту умуруорууга 440 киһи, 15 тиэхиньикэ үлэлиир.
«Авиалесоохрана» «Циклон АН-26» зондировщига Уус Маайаҕа уонна Алдан оройуоннарыгар үлэлээбит.
Ааспыт күннэргэ Нерюнгри, Алдан, Өлүөхүмэ, Мииринэй оройуоннарыгар этиҥнээх ардах түспүтэ бэлиэтэнэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0