Кэнники хонукка аҕыс ойуур баһаарын умуруордулар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сарсыарда аҕыс чаастааҕы иһитиннэриинэн, уопсайа 1 693 га иэннээх сиринэн тэнийбит аҕыс ойуур баһаарын Томпо, Эдьигээн, Уус Маайа, Өймөкөөн, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар умуруорбуттар.

Бүгүҥҥү туругунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 39 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 271 082 га) бэлиэтэнэр. Ньурбаҕа – 2, Үөһээ Бүлүүгэ – 1, Алдаҥҥа – 13, Нерюнгригэ – 1, Орто Халымаҕа – 1, Эдьигээҥҥэ – 1, Өлөөҥҥө – 1, Уус Маайаҕа – 18. Оттон былырыын бу кэмҥэ уопсайа 3 503 393,5 га иэннээх сиринэн 178 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

Билигин аҕыс ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 75 112 га) Алдан, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Орто Халыма, Уус Маайа оройуоннарыгар умуруорууга үлэ ыытыллар. Мантан алта баһаар Алдаҥҥа, Үөһээ Бүлүүгэ, Орто Халымаҕа, Сунтаарга, Уус Маайаҕа бохсуллубут.

Ойуур уотун утары 689 киһи, итинтэн 569 — парашютно-десантнай баһаарынай сулууспаттан, ойуур баһаарын утары үлэлиир сулууспаттан — 28, 20 — ГПС уонна МЧС, олохтоох нэһилиэнньэттэн бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн 72  киһи үлэлиир. Ону сэргэ, 51 тиэхиньикэ туһаныллар.

Быйыл сааскыттан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар уопсайа 495 738,01 га иэннээх сиринэн тайаабыт 512 ойуур баһаара бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ – 1389 ойуур уота (5 726 507,02 га иэннээх сиргэ) бэлиэтэнэн турар;

Атын категория сиргэ 25 ландшафтнай ойуур баһаара 18711 га иэннээх сиринэн баара ыйыллыбыт. Былырыын бу кэмҥэ икки ландшафтнай ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 552 га) бэлиэтэммитэ;

Ураты харыстанар сиргэ алта ойуур баһаара (уопсай иэнэ 33,5 га) баар буоллаҕына, былырыын баччаҕа 16 баһаар уопсайа 30 382 га иэннээх сиргэ ыйыллыбыт.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторун уонна ыалдьыттарын ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу ирдэбилин тутуһаргытыгар сүбэлиир. Өскөтүн айылҕаҕа сылдьан ойуур баһаарын көрдөххүтүнэ, эрэгийиэннээҕи диспетчерскэй сулууспаҕа 8-4112-44-74-76, эбэтэр 8-800-100-94-00 нүөмэргэ биллэрэҕит.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0