Кэнники хонукка 20 ойуур баһаара умуруорулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка тоҕус ойуур баһаарын Нерюнгри оройуонугар, түөрдү  — Алдаҥҥа, биирдии ойуур баһаардарын Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлөөн, Томпо, Уус Алдан, Уус Маайа оройуоннарыгар уонна Өлөөн оройуонугар биир ландшафтнай баһаары (уопсай иэнэ 37 га) умулларбыттар. Уот хаппыт уопсай иэнэ 9 212,8 га.

Бу туһунан бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр, суһал ыстаап мунньаҕар СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы, өрөспүүбүлүкэ сүрүн лесничэйэ Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Бүгүн сарсыардааҥҥы туругунан, 7 146 га иэннээх сиринэн тайаабыт алта ойуур баһаара Дьааҥы, Бүлүү, Мииринэй, Уус Алдан уонна Уус Маайа оройуоннарыгар, ону сэргэ биир ландшафтнай баһаар Өймөкөөн улууһугар бохсуллубут.

Салгын аалынан уонна космостан кэтээн көрүүнэн, ааспыт хонукка биэс гектардаах сири хаппыт биир ойуур баһаара Уус Алдан улууһугар көстүбүт.

Хонук саҕаланыаҕыттан 86 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 226 261 га) уонна атын категория сирдэргэ икки ландшафтнай баһаар  (уот хаппыт иэнэ 1 542 гектар) бэлиэтэнэр. Былырыын бу кэмҥэ  2 416 542,5 га иэннээх сиринэн 173 ойуур баһаара бэлиэтэнэн турар.

—Билигин уопсайа 40 044 га иэннээх сиринэн 17 ойуур баһаарын уонна атын категория сирдэргэ биир ландшафтнай баһаары (1 537 га) умуруорууга үлэ ыытыллар. Итинтэн түөрт ойуур баһаара ыраах уонна уустук суоллаах-иистээх сиргэ баар. Ойуур уотун утары 1 146 киһи, 110 тиэхиньикэ үлэлиир. Бүгүҥҥү күҥҥэ былыттан көрөн, Авиалесоохрана Ан-26 зондировщик-сөмөлүөтэ уонна уот күүскэ турбут сирдэригэр Росгидромет Як-42 салгын аала үлэлииллэрэ былааннанар. Маны таһынан, РФ ЫБММ Бе-200  салгын ааллара Сунтаар, Мииринэй оройуоннарыгар үлэлииллэрэ былааннанан турар. Ааспыт хонукка ойуур уотун умуруорууга уонна баһаары утары охсуһааччылары көһөрүүгэ сэттэ салгын аала, ботурууллааһыҥҥа эмиэ сэттэ салгын аала үлэлээтилэр, — диэн иһитиннэрдэ Андрей Коноплев.

Сааскы кэмтэн 504 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 401 972 га) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ 1 328 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 4 359 443 га) бэлиэтэнэн турар. Маны сэргэ, атын категория сирдэргэ 25 ландшафтнай баһаар уонна ураты харыстанар сирдэргэ алта ойуур баһаара (33,5 га) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ ураты харыстанар сирдэргэ 16 ойуур баһаара (30 382 га) бэлиэтэнэн турар.

Хаартыскаҕа Мария Васильева (СИА) түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0