Кэнники хонукка 17 ойуур баһаара умуруоруллубут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэнники хонукка 17 ойуур баһаарын умуруордулар.

Уот уопсайа 438,5 га иэннээх сиринэн тайаабыта ыйыллар. Итинтэн икки баһаара Өлүөнэ очуостарыгар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников брифиҥҥэ эттэ. Ойуур баһаардара Нам, Алдан, Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас, Өлөөн, Мииринэй оройуоннарыгар, ону сэргэ Маҕан уонна Марха сирдэригэр-уоттарыгар умуруоруллубуттар.
Кэнники хонукка аҕыс ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 2 293,2 га иэннээх сир) уонна биир ландшафтнай (ойуур) баһаары булбуттар. Барыта 80 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 50 052,7 га) бэлиэтэнэр: 30 -Нерюнгри оройуонугар, 18 — Алдан оройуонугар, 16 — Уус Маайаҕа, 4 — Өлөөҥҥө, 3 — Мииринэйгэ, иккилии — Мэҥэ Хаҥаласка уонна Томпоҕо, биирдии — Амма, Чурапчы, Хаҥалас оройуоннарыгар. Ону сэргэ икки ойуур баһаара Өлүөнэ очуостарын сиригэр-уотугар (8 га иэннээх сиринэн) диэн ыйыллар.
Былырыын бу кэмҥэ 299 ойуур баһаара (991 982,1 га) бэлиэтэммит.
19 ойуур баһаарын (уопсай иэнэ 7 466,7) Алдан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нерюнгри, Өймөкөөн, Өлөөн, Томпо, Чурапчы, Уус Маайа, Хаҥалас оройуоннарыгар уонна «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка сиригэр-уотугар умуруораллар.
Сэттэ ойуур баһаара (1 729 га) Мэҥэ Хаҥаласка, Нерюнгригэ, Уус Маайаҕа, Хаҥаласка уонна биир баһаар «Өлүөнэ очуостарыгар» НП сиригэр бохсуллубут.
Ойуур уотун умулларыыга 668 киһи үлэлиир. Итинтэн 449 парашютнай-десантнай сулууспа байыаһа, 161 ойуур баһаарын утары охсуһар сулууспа үлэһиттэрэ, олохтоох нэһилиэнньэттэн 58 киһи бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн ойуур уотун утары охсуһууга үлэлии сылдьаллар. 41 тиэхиньикэ баар.
«Циклон Ан-26 салгын аала Дьокуускайга, Горнай, Алдан, Уус Маайа оройуоннарынан көппүт.
Сааскы кэмтэн өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 312 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 143 921,6 га) бэлиэтэммит. Былырыын бу кэмҥэ 931 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 1 147 986,57 га) бэлиэтэнэн турар.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0