Кэнники хонукка уон ойуур баһаара умуруоруллубут

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, СӨ Бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников брифиҥҥэ билиҥҥи туругунан эрэгийиэҥҥэ 206 604 га иэннээх сиринэн 40 ойуур баһаара баарын эттэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 139 253 га иэннээх сиргэ 6 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ ыытыллар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат.
Биир хонук устатыгар 10 ойуур баһаара (350 га) умуруоруллубут, үс  бохсуллубут (67 048 га). Уоту утары 421 киһи, 20 тиэхиньикэ үлэлиир.
Ойуур баһаардарын умулларыыга, балаһыанньаны кэтээн көрүүгэ уонна тус састаабы көһөрүүгэ өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар барыта тоҕус салгын аала үлэлээбит.
Үс оройуоҥҥа ойуур баһаарын умуруоруу үлэтэ ыытыллар: Мииринэйгэ — 2, Уус Маайаҕа -3, Чурапчыга — 1.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0