Дьокуускай куорат. Туймаада хочотун томтойор саалыгар “Махтал” эрэстэрээҥҥэ уруу дьоро киэһэтэ буола турар. Маҥнайгы остуол ортолоото эрэ бадахтаах. Маннык түгэҥҥэ, өрүү буоларыныы, алгыс тыл арыылааҕа этилиннэ, ас киэнэ амтаннааҕа аһанна. Сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт, өрүкүйбүт дьон ортотугар, уоллаах кыыс олорор киин остуолларыгар аарыма кырдьаҕас кыырыктыйбыт баттаҕа ыраахтан туртайан көстөр. Бу – тоҕус уон үһүс хаарыгар үктэммит Сэмэн Толооноп оҕонньор.
Бачча үөрүүлээх киэһэҕэ ала-чуо кини тоҕо эрэ саппаҕырбыт, санааҕа баттаппыт көрүҥнээх. Сатахха, саҥарар тэрил тыаһа-ууһа улахана оннооҕор дөйүҥү кырдьаҕаһы куу-хаа гынна. Аттыгар кинилиин тэҥҥэ кэпсэтэр киһи баара даҕаны буоллар, хаһыы даҕаны иһиллибэт дьүүлэ-дьаабыта. Кини үөлээннээхтэрэ, бэл, куоракка аҕыйаатылар. Эгэ, ыраах тыаҕа кэлиэхтэрэ баара дуо, бараннылар. Сымалыырдар бүтэһик бэтэрээнинэн кинини ааҕыналлар эрээри, Сэмэн Уйбаанабыс сиэн балтыта, ити бүгүн сыбаайбалыыр Сэмэнчик ийэтэ ынньаҥалатан, Дьокуускайга сэрии бэтэрээннэригэр анаан тутуллубут таас дьиэттэн биир хостоох кыбартыыра ылбыта уонча сыл буолан эрэр. Кыбартыыратын ити Сэмэнчигэр анаан сылдьар. Ол даҕаны иһин бүгүн далбар олоххо даххаһытан олортохторо.
Сэмэн бэйэтэ силис-мутук тардыммакка, соҕотоҕун сорсуйда. Сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ сылдьыбыт үтүө саастарын холкуоска-сопхуоска сылгыһыттаан, булчуттаан, наар тыа-сыһыы ыырданан бараабыта. Онон кыыс-дьахтар диэн иктэ суоҕа. Ытык кырдьаҕас иһигэр тугу саныырын ким даҕаны билбэт. Кини букатын сүүрбэччэлээх сааһыгар эргиллэн, санаа-оноо баттыгар олорорун сэрэйбэттэр бөҕө буоллаҕа. Ити Сэмэнчик кэргэн ылан эрэр кыыһа Күннэй үүт-үкчү кини Маайыһын санатар. Бу киэҥ сиргэ түбэһэр даҕаны буолар эбит: кыыс аймахтарын кытта кэпсэтэн, кийиит Күннэй Маайыһын удьуордара, Сиимэнэптэр, сиэн кыыстара буоларын билэн, өйө-санаата букатын өрүкүйдэ.
Оҕолор, баҕар, оскуола саҕаттан билсибиттэрэ-бодоруспуттара буолуо уонна устудьуоннуу сылдьан холбоһорго быһаарыннахтара.
* * *
Сиимэнэптэр – халыҥ аймах дьон. Сымалыыр нэһилиэгэр аҥардастыы күннээн-күөнэхтээн олорбуттара. Оҕо сылдьан абаҕата сэһэргиириттэн өйдөөн хаалбытынан, ини-бии Сиимэннэр аллараттан тахсан маҥнай Сымалыыры булалларыгар кэриим, кумалаан аҥардаах эбиттэр. Онтон олохтоох кыргыттары ойох ылыталаан, төрөөн-ууһаан, биллэр-көстөр аҕа ууһа буола тэнийбиттэр. Өссө өрөбүлүүссүйэ буолуон эрэ иннинэ аҕа ууһуттан кинээс киһи тахса сылдьыбыт. Ол гынан баран, сэбиэскэй былааһы, бастакы артыаллары эмиэ Сиимэнэп аймах төрүттэспититтэн тойонноотоххо, ханнык даҕаны күн-дьыл уутугар-уотугар ылларбат сытыы-хотуу, тобуллаҕас удьуордар эбит.
Сэмэн буутун этэ буһуута, холун этэ хойдуута эт саастыы Маайыс кыыһы сөбүлүү көрөн, кэргэн кэпсэтээри гыммытын аҕата Сүөдэр: «Мин тыыннаахпар Сиимэн хаана мин балаҕаммар үктэниэ суоҕа», – диэн быһа хаһыыран кэбиспитэ. Сэмэн ол төрдүн-төрүөтүн хантан билиэ баарай. Кини үрүҥ-кыһыл кыргыһар, былаас былдьаһар сахха саҥа төрөөтөҕө эрэ. Ийэлээх аҕата сэниэ ыал ахсааныгар сылдьыбыттар. Онтон сэбиэскэй былаас тыына тиийэн, сир үллэһигэр өлбүгэ сирдэрин былдьаан ылбыттарыттан абараннар аҕата уонна икки убайа ити Сиимэннэр уһук туттар киһилэрин ревком Баһылайы өлөрүүгэ кыттыбыттар. Ону кэлин кырдьаҕастар кистии-саба кэпсэтэллэриттэн истибитэ.
Аҕалаах убайдарын сэбиэскэй былаас бу уһук сиргэ туругуран, холкуос тэриллэригэр кулаактаабыттара. Суут бириигэбэринэн Сүөдэр оҕонньору түөрт сылга хаайыыга уураахтаабыттара гынан баран, саастааҕын аахсаннар, хаалларбыттара. Оттон убайдара хаайыыга барбыттарын айыыта онон. Уруккуну-хойуккуну иэстэһэн, Толоон аймаҕы Сиимэн удьуордара ыал аатыттан аһарбыттара. Онтон тута сөрөөн сут, сэрии дьыллара кэлбиттэрэ…
Дьиктитэ баар, киһи кырыйдаҕын ахсын бүгүн туох буолбутун тутуһан туран умнар, ол оннугар былыргытын дьэҥкэтик өйдүүр буолар эбит. Сэмэн Толооноп 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барбытын күн бэҕэһээ курдук өйдүүр. Кыракый Сымалыыр нэһилиэгиттэн 30-ча этилэр.
Ити саамай улахан хомуур буоларын кэлин, дойдутун булан баран, билбитэ. Оройуон киинигэр киирэр айан аартыгыттан чугас сытар Илин Бас куулатын саҕатынааҕы сыыр көнө кырдалыгар сэриигэ барааччылары атаара нэһилиэк дьоно-сэргэтэ оҕолуун-уруулуун, кыанардыын-кыамматтыын бары мустубуттара. Дьуохар бөҕө, ол быыһыгар ытаһыы-соҥоһуу, бырастыылаһыы. Дьон быыһыгар Маайыһын хара харахтара сайыспыттыы көрөн туралларын элэс көрөн аһарбыта. Хантан билиэ баарай — ити Маайыстыын бүтэһик көрсүһүүлэрэ буоларын. Кини «эһиил эбэтэр онтон эһиил сэрии бүттэҕинэ тыыннаах эргиллэн кэлэн, Маайыспын кэргэн ылыам» диэн киччим санаалааҕа. Дойдуларыгар ити сайын курааннаан, өссө ыарахан дьыл сатыылаан, элбэх ыал буруота сабыллыбыт этэ. Бука, дьон тыла тиийдэҕэ буолуо, Маайыс ийэлээх аҕата хоргуйан өлөннөр, 1943 сыл сайыныгар холкуос аайыттан 2-лии киһини бэдэрээккэ үлэҕэ хомуйбуттарыгар хоһуун үлэһит кыыс тылланан барбыт уонна айан суолун оҥоһуутугар үлэлээн баран, үргүлдьү Алдан оройуонугар Томмокко нууччаҕа эргэ тахсан, олохсуйа хаалбыт сураҕын кэлин дьонтон истибитэ…
Сэмэннээх оройуон киинигэр холкуостара тэрийбит ыҥыырдаах аттарынан киирбиттэрэ. Онтон Дьокуускайга диэри борохуотунан айаннаабыттара. Куораттан “Молотов” борохуокка олордон, Уус-Кукка аҕалбыттара. Ити курдук массыынанан, тимир суолунан айаннаабыттарын кэннэ “Молотов уобалаһыгар” кэллигит диэбиттэрэ. Манна сахалары барыларын кэриэтэ 19-с хайыһар биригээдэтигэр киллэрбиттэрэ уонна сыл аҥарын эрэ кыайбат кэм устатыгар байыаннай үөрэххэ дьарыктаан баран, Ленинград куорат көмүскэлигэр барыахтаах этэрээти сүүмэрдээбиттэрэ. Сэмэн иһигэр хайа муҥун “иккиттэн биирин быһаарсан кэбиһэр” баҕа санаалаах буолан, сэриилэһэр этэрээккэ түбэспититтэн сүрдээҕин үөрбүтэ. Саҥа синиэл уонна хаатыҥка биэрбиттэрэ. Дьэ, онтон ый аҥара айаннаан, били билигин кэпсэлгэ сылдьар иэдээннээх Ильмень күөл чугаһыгар тиийбиттэрэ. Бөҕө, халыҥ таһаалаах эдэр уолга, Сэмэҥҥэ, илии бүлүмүөтүн сүктэрэн кэбиспиттэрэ. Кини баар 2-с батальона сүрүннээн автоматчиктартан турара.
Көс кэриҥэ сири айаннаан, күөл кытылын булбуттара. Сарсыарда халлаан суһуктуйуон иннинэ аҕай атаакаҕа туруорбуттара. Күөл мууһунан сыыллан, Павлово диэн дэриэбинэҕэ чугаһааттарын кытта өстөөхтөр күүтэн сыппыттыы, күүстээх уот ардаҕынан саба тибиирбиттэрэ. Снаряд түһэриттэн муус тостон өрүтэ түллэҥниир тыаһа, өлөн эрэр дьон хаһыыта, ама даҕаны ааспытын иһин, киһи өйө көтөр дьулаан көстүүтэ этэ. Киниттэн эрэ аҕыйахтыы сыл аҕа саастаах биир түөлбэлээхтэрэ Ньыкыс Ньукуус уонна Кыһыл Сүөдэр улахан уола Бүөтүр өстөөх буулдьатыгар табыллан охтубуттарын хараҕын кырыытынан эрэ көрөн хаалбыта: байҕал хараҥа тымныы уутугар тимис гынаахтаабыттара…
Сэмэн биирдэ өйдөммүтэ – атаҕа күөл уҥуоргу кытылын тоҥ буоругар үктэнэн турара. Киэһэ биирдэ артиллерия уота сэллээбитигэр тыыннаах ордубуттары дэриэбинэни сэриилээн ылалларыгар бирикээс кэлбитэ. Этэрээттэн тыыннаах хаалбыт бэйэлэрэ даҕаны сүүрбэччэлэр эрэ. Хараҥанан сирэйдэнэн, өмүтүннэрэн, дэриэбинэни бэрт кэбэҕэстик сүтүгэ суох ылбыттара. Дэлби сылайаннар, аһаат даҕаны, биир бүтүн соҕус дьиэ турарыгар киирэн утуйан хаалбыттара. Арай, сарсыарданан ньиэмэс сөмөлүөттэрэ буомбалыыр тыастарыттан соһуйан уһуктубуттара. Таһырдьа ойон тахсан, дьиэттэн чугас турар кэбиһиилээх окко хорҕойбуттара. Онтон буомбалааһын тохтообутугар траншея устун күөлгэ киирэнбаран, атын сиринэн төннөннөр, көс кэриҥин айаннаан, 3-с батальон тобоҕун көрсөн холбоспуттара.
Биир хоноотторун кытта кимэн киириигэ бэлэмнэнэргэ бирикээс кэлбитэ уонна хас биирдии саллаакка 300-түү ботуруону эбии биэрбиттэрэ. Эмиэ били бэҕэһээ быраҕан куоппут дэриэбинэлэрин аттыгар ытыалаһаннар, киһи бөҕөлөрүн сүтэрдилэр. Күн оройун саҕана уонтан эрэ тахса буоланнар, дэриэбинэни босхолооннор, бэҕэһээ утуйбут дьиэлэрин булан сытан эрдэхтэринэ, эмискэ сир өрүтэ эккирээтэ. Эмиэ тыын харбаһан, кэбиһиилээх окко ыстаннылар. Ити икки ардыгар дэриэбинэ күөх таҥастаах ньиэмэс саллааттарынан туола оҕуста. Сэмэн дьэ итиннэ өстөөҕүн илэ көрбүтэ. Тутуһан туран хардарыта ытыалаһыыга икки өттүттэн хас даҕаны саллаат табыллан оҕунна.
Сэмэн таһаҕас тиэйэр массыына турарыгар сөрүөстэн уот арыйда. Ол турдаҕына уҥа атаҕа ньир гына түстэ даҕаны, өй-мэй барда. Ньиэмэс саллааттара “куут-маат” буолан саба сырсан кэлэн эрэллэрин үдүк-бадык өйдүүр. Охторон түһэрэн тэбиэлээбиттэригэр букатын “сүтэн” хаалбыта. Арай, өйдөнөн кэлбитэ – атын, билбэт сиригэр сытара. Ити сэриигэ хас даҕаны батальонтан сүүһүнэн киһини билиэн ылбыттар этэ. Өлүктэри тиээр курдук, массыына кузовыгар үрүт-үрдүлэригэр быраҕаттаан, ханна эрэ ыраах илдьибиттэрэ. Ыараханнык бааһырбыт муҥнаахтар сонно айаннаан иһэн тыыннара быстыбыта. Сэмэн, баччаҕа тиийэн кэлиэх быата тардан, үөһээ дьапталҕаҕа түбэһэн тулуктаспыта. Нууччалартан ыйыталаһан, Белоруссия биир куоратыгар аҕалбыттарын билбитэ. Манна түөрт ый эмтээннэр, атаҕа төһө даҕаны көнтөс буоллар, хаамар оҥорбуттара. Онтон Минскэй куорат таһыгар үлэҕэ ыыппыттара. Ити курдукэрэй-муҥ бөҕөнү көрөн-көрсөн, саллаат Сэмэн Толооноп дойдутугар Кыайыы кэннэ, 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.
* * *
Билиэҥҥэ сылдьыбыт саллаат дойдутугар кэлэн даҕаны үтүө хараҕынан көрүллүбэтэҕэ: таҥнарыахсыт дьаралыктанан, Кыайыы биир да бырааһынньыгар ыҥырыллыбат этэ. Хата, кэлин бэтэрээн аҕыйаан дуу, маанылыыр буоллулар. Өссө нэһилиэгин, улууһун дьаһалталара өйөөннөр, кыбартыыра бэрдэрдилэр. Дьиҥэр, былаас былдьаһыытын түмүгэр Сэмэн ыал буолбатаҕар уонна өстөөх билиэнигэр түбэспитигэр кини буруйа суох. «Көннөрү киһи дьылҕата маннык буолуо» дии санаан эрэйи эҥэринэн тэлбит тыа оҕонньоро бэйэтин алы гынар эрэ.
Сыбаайбаҕа аймахтар ааттарыттан ытык кырдьаҕастан алгыс тылын этэригэр көрдөспүттэригэр Сэмэн Уйбаанабыс: «Толоон уонна Сиимэн сыдьааннара үйэлэр тухары силигилии турдуннар!» – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Көннөрү киһи олоҕун оҥоһуута оннук буоллаҕа.
Баҕадьа Баһылай, «Саха сирэ» хаһыат архыыбыттан, 2016 сыл