«Кэнэҕэски дипломат-2017» кыайыылааҕа Дипломатическай академияҕа быһа киириэҕэ
Хас да күн устата бэрт сытыытык барбыт «Кэнэҕэски дипломат-2017» оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи XI куонкурус финала түмүктэннэ. Куонкурус бастакы түһүмэҕэр Саха сирин араас муннуктарыттан барыта 1000 кэриҥэ оҕо кыттыбыта. Иккис түһүмэххэ сыымайданан, финалга 21 улуустан 54 оҕо күрэстэстэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Кыттааччылар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы, Россия тас бэлиитикэтин туһунан ырытан, уустук тургутууну аастылар. Бэрт сытыы күрэхтэһии түмүгэр, барыларыттан таһыччы билиилээҕин көрдөрөн, куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан Дьокуускай куорат 5-с №-дээх оскуолатын 11-с “а” кылааһын үөрэнээччитэ Егор Аргунов таҕыста.
“Куонкуруска үһүс төгүлүн кыттабын. Иллэрээ сыл финалга киирбитим эрээри, араатардар түһүмэхтэригэр тиийбэтэҕим. Былырыын араатардар куонкурустарыгар тиийбитим эрээри, миэстэлэспэтэҕим. Бүгүн мин кыайдым. Куонкурус миигин элбэххэ үөрэттэ: бэйэм санаам, этиим иһин туруулаһарга, итэҕэтиилээхтик саҥара-иҥэрэ үөрэнним, бэйэм өрөспүүбүлүкэм туһунан, аан дойдуга туох буола турарын туһунан элбэҕи биллим. Историяны, бэлиитикэни, литэрэтиирэни, кинематографияны сэҥээрэбин. Дипломатическай академияҕа үөрэнэр ыра санаалаах этим. Дипломаттартан Сергей Лаврову холобур оҥостобун. Куонкурус муҥутуур кыайыылааҕынан буолуом диэн эрэммэтэҕим. Барыларыгар махталбын биллэрэбин», — диэн Егор санаатын үллэстэр.
Онтон куонкурус уонна кыттааччылар туһунан Россия дипломаттарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФ суһал уонна боломуочуйалаах Посола Валерий Егошкин: “Биһиги, Россия дипломаттарын ассоциацията, аныгы профессионаллары солбуйар көлүөнэни иитэн таһаарар соруктаахпыт. РФ тас дойдуларга министиэристибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэрэстэбиитэлистибэтэ атыттартан инники сылдьар. Хомойуох иһин, атын субъектарга маныаха ханыылыы куонкурустар ыытыллыбаттар. Биһиги манна сырыыбыт уонна кыттааччылары, бырагырааманы кытта билсиһиибит түмүгэр, атын субъектарга маннык куонкурустары ыытыыга кыах биэрэр. Бастакы субъегынан Москва уобалаһа буолар. Номнуо муус устар ыйга, онно миэстэтигэр эһиги куонкурускут презентацията буолар. Саха сирин оҕолорун кытта мин өссө “Артек” лааҕыр эдэр дипломаннарын симиэнэтигэр алтыһан турабын. Эһигиттэн 30 оҕону ыҥырбыппыт. Кинилэр атын оҕолортон таһыччы бэлэмнээхтэрэ. Сорохторо бүгүн манна кыайыылааҕынан, призердарынан буоллулар”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Быйылгы куонкурус уратыта диэн, аан маҥнайгытын 7-8 кылаас оҕолоро кытыннылар. Тустаах тэрээһин бу сыллар тухары таһыма үрдээн, кыттааччыта эбиллэн, Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойдуга тиийэ билиннэ.
Куонкуруска 7-8 кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыбыт буолан, түмүк үрдүкү уонна алын лигаҕа тус-туспа таҕыста. Кыайыылаахтар бары сыаналаах бириистэринэн, өрөспүүбүлүкэ уонна дойду тарбахха баттанар лааҕырдарыгар сынньанарга сэртипикээттэринэн, Ил Дархан истипиэндьийэтинэн наҕараадаланнылар. Муҥутуур кыайыылаах Россия Тас дойдуларга министиэристибэтин Дипломатическай академиятыгар быһа үөрэххэ киирэр сэртипикээти тутта.
Куонкурус РФ Тас дойдуларга министиэристибэтин Саха сиринээҕи бэрэстэбиитэлистибэтин, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, СӨ Тас сибээскэ департаменын итиэннэ Эбии үөрэхтээһин уонна оҕо тэрилтэтин сайыннарар киин кыттыгас бырайыактара буолар.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Василий ПАК хаартыскаҕа түһэриитэ.