Кэнэҕэс көлүөнэ пааркатын архитектурнай былаанын «Atrium/Восток+» оҥоруоҕа

23.01.2019
Бөлөххө киир:

2,4 га иэннээх сиргэ Дьокуускай куорат 79 кыбартаалыгар, ХИФУ оройуонугар Белинскэй, Петровскай, Каландаришвили, Ойуунускай уулуссалар быһа охсуһууларыгар Кэнэҕэс көлүөнэ паарката тутуллуоҕа. Ол паарка генеральнай былаанын уонна архитектурнай ис-тас көстүүтүн оҥорорго бүтүн Арассыыйа үрдүнэн аһаҕас күрэх биллэриллибитэ.  

edersaas.ru

Дойду араас куораттарыттан 36 хамаанда, 87 кыттааччы араас бырайыагы ыыппытыттан, түмүктүүр биэтэккэ биэс бастыҥ үлэлээх түмсүү таҕыста. Кинилэр тохсунньу 23 күнүгэр кыайыылаах дизайн-бырайыагы талар тыҥааһыннаах күҥҥэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи Медиа-кииҥҥэ бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Тутуу уонна архитектура эйгэтигэр экспертэр, Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Ил Дархан Айсен Николаев инникитин төгүрүк сыл үлэлиэхтээх саҥа паарка бырайыактарын сыаналаатылар.

Архитектордар саха төрүт култууратын, үс кутун кытта ситимнээн, 2-3 миэтэрэ сир анныгар киирэн, дьон санаатын сааһыланар, айылҕаны кытта алтыһар, онтон таһырдьа тахсан, успуорт араас көрүҥнэринэн дьарыктанар былаһааккаларын макетын көрдөрдүлэр. Саха сирин ураты бэлиэтин сүүнэ улахан кумаар пааматынньыгын оҥорон, олохтоохтор, ыалдьыттар хаартыскаҕа түһэр сирдэрэ буолуон билиһиннэрдилэр.

Атыттар Москватааҕы «Зарядье» паарканы кытта дьүөрэлии тутан, оҥоһуу мырааннарга үрдүгэр мас олордуохха, дьон күүлэйдиир сирэ оҥоруохха сөбүн, оттон иһигэр киирэн, сылаас дьиэҕэ кафе, кэпсэтэр, сынньанар сир баар буолуон кэпсээтилэр. Саҥа паарканы «сухуой фонтан» киэргэтиэн, ол аата уу сүүрүгэ сир анныгар анал дьөлөҕөстөрүнэн курдары иһиккэ сүүрэн хаалар, онтон төттөрү тыгыан сөбүн эттилэр. Оччотугар уу мунньуллубат, биир кэм эргийэ турар.

«Бу болуоссат Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, бүтүн Уһук Илин инновационнай архитектурнай көстүүлээх буолуон баҕарабыт. Онон маннык үрдүк таһымнаах күрэх аан бастаан ыытылынна. Ол эрэн, аҥаардастыы кыраһыабай көстүүлээх, ыарахан технологичнай эбийиэктэри эккирэттэхпитинэ, ороскуоппут 2-3 миллиард солкуобайга тиийиэҕэ. Итинтэн сиэттэрэн, олоххо киирэр кыахтаах бырайыагы талыахпытын наада», — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Ити курдук элбэх араас сонун санааны истэн, сүбэлэһэн баран дьүүллүүр хамыыһыйа куоластааһынынан, Москватааҕы «Atrium/Восток+» бөлөх кыайда. Тэрилтэ Кылаабынай архитектора Полина Явина этэринэн, саҥа пааркаҕа быыстапка ыытар Экспокиин, оҕолор, эдэр ыччат уонна аҕа саастаах дьон интэриэстэринэн мустар сирдэрэ, сылаас сиргэ успуордунан, таһырдьа скандинавскай хаамыынан дьарыктанарга сөптөөх усулуобуйа, сабыылаах каток, фудкорт, о.д.а. баар буолуоҕа. Бу тутуулар мыраан курдук аныгы павильоннарга оҥоһуллуохтара. Ахсынньы-тохсунньу тоһуттар тымныытыгар дьон таһырдьа тоҥмотун туһугар паарканы аныгы технология көмөтүнэн сылытыахтара.

«Atrium/Восток+» бөлөх бырайыагын олоххо киллэрэргэ, саҥа паарканы тутарга «Куорат табыгастаах эйгэтэ» бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэнэҕэс көлүөнэ тус сыаллаах пуондата» 200 мөлүйүөн солкуобайы үбүлүөҕэ. Паарка иһинээҕи тутуулары аахпакка.

СӨ Кылаабынай архитектора Ирина Алексеева: «Паарка атыы-эргиэн киинигэр кубулуйуо суохтаах, манна төгүрүк сыл сылаас сиргэ кэлэн куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сынньанар общественнай сирдэрэ тутуллуоҕа. Быйыл паарка бырайыага уонна сметата чуолкайданан, аны күһүн үлэ саҕаланан, өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр 2022 сылга диэри, баҕар, өссө онтон эрдэ бүтүө диэн эрэнэбит», — диэтэ.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0