Кэмсинии (СЭҺЭНТЭН БЫҺА ТАРДЫЫ)

Ааптар: 
14.06.2017
Бөлөххө киир:

Тимир дьэбини сиир,

Киһини санаа сиир…

Эмиэ баччаларга этэ, сааскы кус саҥа түркүннээн кэлэн, дэриэбинэ эр дьоно барыта да көрдүгэн, садырым ууларын манаан дьиэҕэ-уокка тулуйан-тэһийэн олорбот буолбут түүннэрэ этэ. Кини Сергейэ, «кус күүтэ» диэн кыттыгас киһитиниин олорор эбэлэрин уҥуоргу үрэҕин баҕараҕар баар сыллата кус ытар ууларыгар барбыттара.

Александра ыала, ыкса дьүөгэтэ, биир идэлээҕэ, химия учуутала Надежда Семеновналыын, булчут эрдэрин куска атаарбыт дьон, айахтара аһыллан отой хойукка, түүн үөһүгэр диэри күннээҕи бүппэт түбүктэриттэн саҕалаан арааһы бары эргитэн астына-дуоһуйа сэлэспиттэрэ. Дьүөгэтин Надяны олбуор айаҕар диэри атааран баран, Александра дьиэтигэр киирэн, Сергейим сарсыарда баҕар эрдэ кэлиэҕэ диэн аһын-үөлүн бэлэмнээн, суунан-тараанан баран, сылаата таайан, сытаат да утуйан хаалбыта…

Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, төһө өр утуйбутун да билбэтэҕэ, уутун быыһынан иһиттэҕинэ, кимнээх эрэ тас ааны тыастаахтык арыйа-арыйа сап да сап буолбуттара. Түлүк уута тардан уутугар аҥаарыйа сылдьар дьахтар «Сергей кэллэҕэ… Эчи, туох ааттаах айманнаҕай» диэх курдук санаан аһарбыта уонна хат сурда суох утуйан хаалбыта… Эмиэ төһө өр кэм ааспытын билбэтэҕэ. Түүл түһээбитэ… Суох, түүл буолбатах… Илэ этэ… Түүл этэ дуу?.. Ким эрэ ойоҕоско имнэммитин курдук, эмискэ харахтарын көрөн, уһукта биэрбитэ. Уу чуумпу курдуга. Уонна өйдүүр ээ, ол иннинэ күүлэ аана аһыллар-сабыллар тыаһа лап-лабырҕас буола сылдьыбытын…

Арай, саала диэкиттэн бэрт чэпчэки атах тыаһа чөм-чөм дугуна үктэнэн, сып-сып сырдырҕаан куукунаҕа ааспыта. Онтон чочумча соҕус тохтуу түһэн баран, таас иһиттэри үрүт-үөһэ уурар тыас олох чуолкайдык, субу баардыы, илэ бааччы иһиллибитэ; салгыы ньуоска, биилкэ тыаһа талыгыраабыта. Ким эрэ иһит сууйара… «Сергей тоҕо иһит сууйуой, сууйар да иһитэ суох ини, ол соҕотох чааскытыгар тугун эмиэ кытахтанан таймаланан дархаһыйдаҕай, дьэ эмиэ муокас киһи диэтэҕиҥ…» Уута букатын көппүт Александра оронуттан туран кэмбинээскэнэн эрэ куукунаҕа барбыта. Куукуна аана лип сабыылааҕа. Урут хаһан да сабыллыбат аан холуодаҕа эпсэри тардыллыбытын көрөн, Александра ордук дьиктиргээбитэ. Аан аннынааҕы муостаҕа, ситэри ыпсыбатах аһаҕаһынан, ыам ыйынааҕы борук-сорук түүнү биллэ сырдатан, чаҕыл сырдык сандааран дьэргэлгэннэнэ оонньуура… «Тыый, тугуй ити… Эркиҥҥэ ыйаммыт лаампа кыла уунан итиччэ айылаах сырдаата дуо?» дии санаан ылбыта… Куукуна аанын тутааҕын туппутугар, ханнык эрэ көстүбэт көһүүн күүс саба кууспукка дылы буолбута, эт-этэ дьиктитик эппэйэ аһыллан кэлбитэ, ону кытта тэҥҥэ, били, муостаҕа сытыытык чаҕылыйбыт сардаҥа уостан, симэлийэн хаалбыта. Барыта чахчы, илэ этэ… Түүл бу курдугун кини билбэт, син сээкэйи буолары-буолбаты түһээн, ардыгар күннээҕи түбүктэн илистэ сылайбыт күннэригэр баттатан ыһыытаан-хаһыытаан Сергейин куттуур түүннэрэ кытары баар буолаллара. Онтон бу — түүл уонна… уонна илэ ыккардынан — чахчы этэ!.. Оннук!.. Чахчы!..

Александра аан тутааҕын тутан туран, аспакка эрэ:

— Сергей… Сергей, эн дуо? — диэн оргууй ыйыппыта.

Суох, харда суоҕа. Онуоха саҥатын өссө улаатыннаран:

— Сергей, эн дуо? — диэн хат нэмийэн ыйыппыта.

Суох, син биир хоруй суоҕа, ол эрээри, иһит сууйар тыас тохтооботоҕо… «Ама, хайдах киһи саҥатын истибэтий…» диэн урут кыраҕа тымтыбат, холку майгылаах бэйэтэ, бэл, кыйахана быһыытыйан ааны сүр эрчимнээхтик арыйа тардыбыта уонна… уонна көрбүтүн итэҕэйбэтэҕэ… Кини иннигэр, түннүк анныгар турар төгүрүк остуолга икки кыыс иһит сууйа тураллара. Биирэ — саҥа эт тутан, ситэн-хотон эрэр саастаах, көбүс-көнө дьулугурас уҥуохтаах, сиртэн-буортан тэйбиккэ дылы ып-ыраас кубаҕай хааннаах, үчүгэйкээн да үчүгэйкээн, кыраһыабай ахан кыыс кытахтаах ууга нарын тарбахтарын уган имигэстик, үөрүйэхтик хамсатан чааскылары сууйара. Онтон биирдэһэ — арааһата, түөртээх-биэстээх, будьурхай баттахтаах, бып-быллаҕар иэдэстээх, киһи эрэ сүрэҕэ нүөлүйэ аһыныах, таптыах оҕото атаҕын төбөтүгэр үктэнэн өгдөҥөлүү-өгдөҥөлүү, ынчыктыы-ынчыктыы, сууйуллубут чааскыны эҥил баһыгар иилиммит кураанах өрбөҕүнэн сотон баран, ыскаап долбууругар уура сатаан уунахалыыра. Кыракый кыыс бэрбээкэйигэр тиийэр уһуннаах, хас да сиринэн самсыы ууруу абырахтаах, араҕас өҥнөөх эргэрбит бэйбириэт ырбаахылааҕа. Александра ол кыракый кыыс ырбаахытын хонноҕун анна сиигинэн хайдан этэ көстө сылдьарын уонна сыгынньах атахтарын тилэхтэрэ хараара киртийбиттэрин тоҕо эрэ бэлиэтии көрбүтэ…

Кыргыттар киһи киирдэ диэн хайыһан да көрбөтөхтөрө, дьоһуннаах аҕайдык, сүрдээх оттомноохтук туттан-хаптан иһиттэрин сууйбуттарын курдук сууйа турбуттара. Александра эмискэ этэ-сиинэ нукаай курдук ыараан сонно охтон түһүөх киһи аан холуодатыттан өйөнөн турбута, бэл, саҥата да кыайан тахсыбат турукка киирбит этэ.

Улахан кыыс эҥил баһа аһаҕас, тобугун үөһэнэн сылдьар, сир симэҕэ ойуулаах, чараас сайыҥҥы сарапааннааҕа, хоп-хойуу ыас хара суһуоҕун мөлбөччү өрүммүтэ хас хамсаннаҕын аайы самыытыгар охсуллан уҥа-хаҥас дэйбиирдэнэрэ. Кыргыттар иккиэн туохха эрэ ыксыыр, тиэтэйэр, ыгылыйар курдуктара. Ордук улахан кыыс элэгэлдьитэн түһэн эрчимнээхтик хамсанан сүр түргэнник туттара-хаптара, сыгынньах атахтарынан тэтимнээхтик дугуна үктэнэн, синньигэс биилин тупсаҕайдык имиллэҥнэтэ оонньуура…

Александра бары күүһүн-кыаҕын түмүнэн:

— Эһиги… Ким… Кимнээхтэргитий?.. Ким оҕолорунаҕытый?.. Бачча түүн… — диэн иһэн эмиэ саҥата да кыайан тахсыбат буола сэниэтэ эстэн, нукаай курдук, охтубатарбын эрэ ханнык диэн аан холуодатын икки илиитинэн бобо кууһан, түүҥҥү кыргыттар хас хамсаналларын көрөн таалан турбута…

Кирпииччэ оһох кэннигэр туох эрэ чаҕыл сырдык саспыт быһыылааҕа, оһох кэннинээҕи хараҥа муннук тоҕо эрэ бэрт дьиктитик үүт тураан ыйдаҥа сырдыгын санатан сырдаан кэлэ-кэлэ өһөрө…

Биир түгэҥҥэ кыра кыыс Александра мэлдьи бэйэтэ эрэ иһит гыммыт от күөҕэ өҥнөөх, хатыйыы анньыы сиик курдук иилии эргийбит ойуулаах, бэрт өрдөөҕүттэн илдьэ сылдьар анал чааскытын мүлчү туппута муостаҕа түһэн, үлтүрүйэн уон аҥыы ыһыллан бытарыс гыммыта. Бу эрэ кэнниттэн кыргыттар аан холуодатыгар өйөнөн турар дьахтары таба көрөн утары одуулаабыттара. Александра кыргыттар дьүһүннэрин, дьэ, үчүгэйдик сыныйан көрбүтэ. Ханна эрэ, хаһан эрэ көрбүт оҕолорун курдуга… Чахчы… чахчы… билэр дьүһүннэрэ… Хаһан эрэ, ханна эрэ да буолбатах — күннэтэ, мэлдьи көрөр, билэр мөссүөннэрэ этилэр… Ол эрээри, тоҕо эрэ атыҥырыы, эмиэ да хаан уруу кэриэтэ харааста аһынар ураты дьикти иэйиилэр саба кууспуттара… Хантан ылбыт сэниэтэ эбитэ буолла, ол туран, кыргыттар иккиэ да буоллаллар:

— Эн кимҥиний?.. — диэн ыйыппыта, ол саҥарбыт саҥата бэйэтин куолаһа буолбакка, олох атын киһи саҥатын курдук дьэбирдик иһиллибитэ…

Кыра кыыс буспут моонньоҕон курдук хап-хара хараҕын муҥунан көрөн, Александраны супту одуулаабыта. Күн сардаҥата элгээн эбэ ортотугар эрэһэ долгуннарга бигэнэн күлүмүрдүү оонньуурунуу көмүскэлэрин иһэ уунан туолан чаҕылыһан кэлбиттэрэ, уонна сонно тута култайбыт иэдэскээннэрин устун сып-сырдык, дьэп-дьэҥкир, ып-ыраас бөдөҥ таммахтар «аны кэлэн уйунар кыахпыт суох» диэбиттии аллара халыс гыммыттара. Кыыс уоһа мэрбэҥнээн, субу ытаан тоҕо барыах дьүһүннэммитэ. Онтон эмискэ сыгынньах атахтарын тилэхтэринэн тыастаахтык тибигирээн кэлэн, улахан кыыс кэннигэр түспүтэ уонна доҕорун чараас сиидэс сарапаанын тэллэҕин мыс курдук эттээх илиитинэн бобо тутан, ыһыллыбыт хойуу хара будьурхай баттаҕын быыһынан көрөн сэрбэллэн турбута… Барыта — түүл курдуга… барыта — устугас этэ… Ол эрэн, барыта — чахчы, илэ этэ…

Киһи эрэ кэрэхсии одуулаһыах кыраһыабай да кыраһыабай кэрэ дьүһүннээх улахан кыыс синигэр түспүттүү, туохха да тымтыа, долгуйуо суохтуу санньыччы туттан тура түспүтэ уонна олус дьэҥкэ куолаһынан аргыый аҕай:

— Ийээ… Мин дии… Бу биһиги дии… — диэбитэ.

— Ким?.. Кимнээх?.. — Александра син сэниэ булан, тута ыйыппыта.

Кыыс кэмэ суох кэлэйбит, холооно суох хом түһэн хоргуппут, хомойбут ып-ыраас хараҕынан Александраны тобулу көрөн туран, син биир эппит тылын хатылаабыта:

— Ийээ, бу биһиги дии… — диэбитэ, онтон эмиэ тохтуу түһэн баран: — Бу биһиги, эн оҕолоруҥ… Мин — Надябын… оттон бу — Чээнэ…

«Ийээ… Эн оҕолоруҥ… Надябын… Чээнэ…» диэн тыллар Александра чөл өйүгэр өтөн киирэн чанчыгын чабырҕаччы кэйиэлээбиттэрэ. Бэрт кыра, чыпчылҕан кэриэтэ кыл түгэн иһигэр Александра Алексеевна бүтүн олоҕун түөрэ эргитэн ыларга дылы гыммыта. Тугу эрэ саныы сатаан, чочуллубут, тупсарыллыбыт сыыйа тардыы дьураа хаастарын түрдэтэн, харахтарын биир кэм мээнэнэн сүүрэкэлэппитэ. Чахчы истибит, билэр ааттара… Чээнэ… Надя… Чээнэ… Надя… Тыый!.. Ама дуо!.. Ону хантан биллилэр?.. Чээнэ уонна Надя…

Александра ийэтэ үстэ оҕоломмута, үһүөн кыргыттар этилэр. «Мин ийэм курдук үс кыыс оҕолоннохпуна, Күннэй, Чээнэ уонна… уонна хайаан да ийэм аатынан Надя, Надежда диэн ааттаталыаҕым…», — диэн эдэр сылдьан иэйбит-куойбут кэмнэригэр этэн аһарааччы, ыра санаа оҥостооччу. Суох кини санаатын, баҕатын хоту буолбатаҕа. Айыыһыт Хотун бастакы оҕотун Күннэйи эрэ киһи аймах кэрэ аҥаарынан, кыыс оҕонон айан бэлэхтээбитэ… Онтон уолаттара… Онтон?.. Дьэ ол кэннэ кэлиэхтээхтэрэ эбитэ буолуо ээ, эдэр сылдьан ыра оҥостубут кыргыттара…

Сэһэн салгыытын “Бичиккэ” бэчээттэнэн тахсыбыт Сэмэн Маайыһап «Аҕа» кинигэтигэр ааҕыҥ!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0