Үөһээ бүлүүлэр номнуо 8 көмпүүтэри таҥнылар

Ааптар: 
30.04.2020
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун “Оҕо технопаарката” тэрилтэ үлэһиттэрэ аҕыйах хонуктааҕыта “Эргэ көмпүүтэри туттар” диэн аахсыйаны биллэрибиттэрин туһунан “Эдэр саас” саайт суруйан турар. Бүгүн 8 көмпүүтэри номнуо таҥмыттар.

edersaas.ru

Нэһилиэнньэттэн киирбит көмпүүтэри оҕо технопааркатын үлэһиттэрэ таҥан, оскуола оҕолоро дьиэлэриттэн олорон (дистанционно) үөрэнэллэригэр биэриэхтээхтэр. Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэххэ управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев: “Күн бүгүн нэһилиэнньэттэн 20 эргэ көмпүүтэр киирдэ. Исписэлиистэр итинтэн номнуо 8 көмпүүтэри таҥан бэлэмнээтилэр. Бастакы көмпүүтэри бүгүн Харбалаах сэлиэнньэтин соҕотох ийэ иитэр оҕолоругар ыытабыт”, — диэн иһитиннэрдэ.

Итини тэҥэ, Ил Түмэн норуодунай дьокутаата Гаврил Алексеев Горнай уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын элбэх оҕолоох ыалларыгар биэстии планшеты бэлэхтээтэ.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0