Кэмпиэккэ ымсыыран (кэпсээн)

11.05.2018
Бөлөххө киир:

Биир сайын биһиги нэһилиэккэ тэлигирээп баҕанатын туруорар нуучча дьоно кэлбиттэрэ. Бары даҕаны уҥуохтарынан улахаттара, саҥалара-иҥэлэрэ дорҕооннооҕо биһигини, тыа оҕолорун, олус сөхтөрөрө да, дьиктиргэтэрэ да. Оннооҕор аһыыр астара да биһиги аспытыттан сыттыын-сымардыын уратыта.

Кэлбит дьону бөһүөлэк ыалларынан тарҕатан олордубуттара. Биһиги дьиэбитигэр үс үтүктүспүт курдук төрөл уҥуохтаах, хойуу кугас бытыктаах, хоп-хойуу ньаассын түүнэн саба үүммүт суп-суон илиилээх-атахтаах, бэйэлэрин тылларынан айахтара хам буолбакка кэпсэтэ-кэпсэтэ күлэн күһүгүрэһэр дьону олохтообуттара.

Мин биэс саастааҕым быһыылааҕа. Икки убайбын ийэлээх аҕам, үлэлэригэр илии-атах гынаары, бэйэлэрин кытта мэлдьи илдьэ бараллара. Кыра балтым эбээ атаах сиэнэ буолан кинилэргэ баара. Мин дьиэбэр соҕотоҕун хааларым. Күнүс дьонум суоҕар баҕана туруорааччыларбыт кэлэн аһыыллара. Күө-дьаа буолан чэй оргутунан бухааҥка хара килиэби быһынан, ардыгар сибиинньэ туустаах сыатын кытта, ардыгар ынах арыытын лоппоччу биһинэн, улахан-улаханнык уобалаан ыстаан кимиритэллэрэ, арыгы куттан иһэллэрэ. Остуолга кыра миискэҕэ араас өҥнөөх төгүрүк кэмпиэт бөҕөнү уураллара.

Оо, ол кэмпиэттэргэ ымсыырарым туһунан этэ да барбаккын. Ороммор олорон харахпын төгүрүк кэмпиэттэртэн адьас араарбаппын. “Төһө эрэ минньигэс, айахпар уктан баран эмэ сырыттарбыын!..” дии саныыбын. Ол аайы айаҕым иһэ тута силинэн туоларын сонно ыйыстан иһэбин. Мин диэки эргиллэн көрө түстэхтэринэ харахпын куоттаран умса тутта охсобун, долгуйан, ыстааным тобугар дабархай сыстан хараара хаппытын тыҥырахпынан тарбыыбын. Өр-өтөр буолбат, сүүһүм аннынан миискэҕэ кутуллубут төгүрүк кэмпиэттэргэ эмиэ харахпын хатыыбын…

Арай биир күн, ити курдук, идэбинэн иҥсэрэ олордохпуна биир арыый саастаахтара миигин остуол таһыгар ыҥыран ылла. Олорор сирбиттэн сүр түргэнник ойон туран, остуолга чугаһаатым. Анараа киһим биир илиитигэр арыгы кутуллубут ыстакааны, аҥаар илиитин ытыһыгар толору төгүрүк кэмпиэти тутан олорор.

“Маны истэххинэ бу кэмпиэттэри биэриэм” диир быһыылаах — аан бастаан ыстакааннаах арыгытын миэхэ уунар, иккис кэмпиэттээх илиитин төттөрү тардар. Мин буоллаҕына тобус-толору кэмпиэттээх ытыстан харахпын араарбаппын: “эчи элбэҕин, эчи өҥнөрө дьэрэкээнин!” “Бэристэҕинэ балтыбар, убайдарбар кэһии гыныам, баҕар, ийэлээх аҕабар даҕаны бэрсиэм” диэн санаа кылам гынар.

Ыксааммын муннубун туора соттобун, айахпар толору мустубут силбин быһа ыйыстабын. Иннибэр күлэн ыртайан олорор киһини утары көрөбүн уонна биллэр-биллибэттик сөбүлэһэн төбөбүн хоҥкук гынабын. Суп-суон түүлээх илии уунан биэрбит арыгылаах ыстакаанын харахпын симэн баран, уоспар тиэрдэн эрдэхпинэ амырыын сыт муннубар саба охсубутугар төттөрү анньыах курдук буолан иһэн, минньигэс кэмпиэттэри биэриэҕин санаан, биир тыынынан иһэн кэбистим уонна чочумча тыыммын кыайан ылбакка, хараҕым уута ыгыллан тахса-тахса бобуллаҥныы турбутум. Улахан эрэйинэн тыыммын ылбытым кэнниттэн ымсыырбыт кэмпиэппин икки ытыспын тоһуйа туппуппар тобус-толору кутан биэрбитин туппутунан оронум диэки сүүрэн дьөгдьөрүйбүтүм. Кэннибэр остуолга олорооччулар күлэн күллүгүрэһэ хаалбыттара…

…Арай өйдөнө биэрбитим, доҕоор, төбөм ыарыыта сүр, адьас хайа барыах курдук, мэйиим эргийэр, хотуолуох курдукпун. Айаҕым кууран хаалбыт, санаабар, куура хатан хатыыламмыт тылым таҥалайбар сыстыбыт курдук. Дьиэҕэ, ким да суох быһыылаах, уу чуумпу. Ороммуттан эрэйинэн оронон туран сиргэ түстүм.

Дьэ эбитээ, атын иэдээҥҥэ түбэстим. Дьиэм иһэ күп-күөгэҥнэс, мэйиим эргийэр, атахтарым адьас нукаай курдуктар, субу сууллан түһүөх курдукпун. Ол кыһалҕаттан туох баар кыаҕым баарынан икки илиибинэн оронум сыҥаһатыттан кытаахтаһабын. Харахтарым хараҥарар, байааттаҥнаан ылабын, уйуттумуна накык гына турабын. Хаһан да түбэспэтэхпэр түбэһэн, бу туох айылаах буоллум диэн олус куттанным. “Өлөн эрэбин быһыылаах…” дии санаан, ыгылыйан тыыным хаайтарар. “Оо, хайдах субу сибилигин ийэлээх аҕам суоҕугар өлөн хаалыамый…” диэн бэйэбин аһынан ороммор умса түһэ сытан саҥа таһааран маккыраккы ытаан эрэрим баара…

— Бу уол туох буолан күнүстэри утуйа сытар, — диэн ийэм саҥата хантан эрэ ыраахтан дуорайан иһиллэргэ дылы гыммыта.

Төбөбүн көтөхпүппэр, куһаахан сирэйбин көрө биэрээт, ийэм:

— Ыы, бу уол ыалдьыбыт дуу, тугуй? — диэн хабытайдана түспүтэ.

— Ийээ… өлөөрү гынным быһыылаах… — диэн ыган-ыган таһаарбытым. — Үүт иһиэхпин баҕарабын… — диэн, аһыннарыах киһи курдук, эбэн эппитим.

Ийэм төбөбүттэн имэрийбитэ, сыллаары нөрүйэн баран, эмискэ:

— Аньыы даҕаны, арыгы сыта кэлэр. Бу ким оҕобор арыгыны иһэртэ? Этэ оҕус, нохоо, ким диибин дии! — ийэм саҥата кытаата охсубута, санныбыттан илгиэлээбитэ.

Ханна барыахпыный, кэмпиэккэ ымсыыран, нууччалар арыгы ис диэбиттэрин испитим туһунан кэпсээн биэрбитим.

Ол дьону кытта ийэлээх аҕам туох диэн кэпсэппиттэрэ буолла, мин ону билбэтим. Ол күнтэн дьукаахтарбыт биһигиттэн атын ыалга көспүттэрэ.

Ордук күүскэ хомойорум диэн, итиччэ бүтүн бэйэбин толук ууран туран, икки илиим ытыһыгар толору бэриһиннэрбит кэмпиэппин сиэбиппин да, сиэбэтэхпин да ончу өйдөөбөппүн. Били балтылаах убайдарбар кэһии гынарым эрэ, ийэлээх аҕабар бэрсэрим эрэ. Мэлийэн хаалбытым. Туох буолбутун өйдүүр аат суох. Ээр-сэмээр утуйар таҥаһым быыстарын арыйталаан, ыстааным сиэбин хасыһан көрүтэлии сылдьыбытым даҕаны кэмпиэт сылдьыбыт сыта да суоҕа.

Оо, саатар, биир эмэ кэмпиэт хаалбатах муҥа буоллаҕа. Ымсыырбыт кэмпиэтим амтанын даҕаны билиминэ, итирэн сытан, барытын мэтийэн кэбистэҕим буолуо. Дьэ, бу абатын көрүҥ!

Хас да күнү быһа төбөм ыалдьан, сэниэтэ суох, аһыах санаам кэлбэт буола сылдьыбытым.

Дьэ, ити курдук кэмпиэккэ ымсыыран иэдэйэ сылдьыбыттааҕым. Субу бүгүҥҥэ диэри ити иэдээннээх арыгы диэн астарын сытын ыллым да адьас куһаҕан буолабын.

Августина Лонкунова.

«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0