Кэмпэндээйигэ Туус собуотун үлэтэ күөстүү оргуйар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Кэмпэндээйи тууһун собуотугар үлэ күөстүү оргуйар. Хорууну хаһыы, тууһу күрдьүү, кууллааһын үлэтигэр отучча киһи күн солото суох үлэлииллэр.

Александр Федоров – Туус Боотура диэн анал ааттаах күүстээх үлэһит. Бу ааты кини 2015 сыллаахха туус собуотун үбүлүөйдээх ыһыаҕар хас да түһүмэхтээх тургутууну ааһан ситиспитэ. Туус Боотура быйыл оҕолорунаан Мотреналыын уонна Радомирдыын киирэн күүстээх үлэни кыайа-хото туталлар. Кэмпэндээйилэр бэс ыйа буолла да Туус собуотугар сөбүлэҥинэн үлэҕэ киирэн тууһу кууллаан эбии дохуот оҥостоллор. Сыл аайы туус бассейныттан 2000 тонна тууһу кууллууллар. Быйылгы үлэҕэ иккилии-үстүү киһилээх 11 хамаанда үлэлиир. Күрдьэхтээх эдэр уолаттар, кыргыттар ону кытта саастаах хоһуун эр дьоннор, дьахталлар сайын куйааһыгар тууһу туһаҕа таһаараллара бэртээхэй. Билигин Кэмпэндээйи тууһун тыа хаһаайыстыбатыгар уонна нефть, газ тэрилтэлэрэ көдьүүстээхтик туһанар буоллахтарына, от ыйыгар биэс араас киһи аска  туттуллар тууһу  оҥорон таһаарыахтара диэн күүтэбит. Хаар түспүт түһүлгэтин санатар туус үлэтин туһунан сотору кэмпэндээйилэр ырыа аргыстаах тэттик киинэ бэлэмнээн сүрэхтиэхтэрэ. Онно күүстээх үлэ хаамыытын, Кэмпэндээйи кэрэ айылҕатын, дьиктитин сэргии көрүөххүт диэн эрэнэбин.
https://www.instagram.com/tv/CQQoI5rIIUj/?utm_medium=copy_link

Мария Кобельянова, Сунтаар

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0