Кэмпэндээйи тууһун туһата

Ааптар: 
08.10.2021
Бөлөххө киир:

Сахабыт сирин тууһа – Кэмпэндээйи тууһа. Туус промышленнай эрэ хабааннаах туһаҕа тахса турбут буоллаҕына билигин аска туттуллар, ону кытта дьон доруобуйатын чэбдигирдэр.

Бу күннэргэ «Солнышко», «Ньургуһун» уһуйааннарга «туус хосторо» оҥоһуллан үлэҕэ киириэхтэрэ. Кэмпэндээйи тууһун туһата олус элбэх, онтон биирдэстэрэ сөтөл, тумуу о.д.а ыарыылартан харыстыыр кыахтаах.

Ол кыаҕы Кэмпэндээйитээҕи туус собуота чинчийэн улуус дьаһалтатын көмөтүнэн, үбүлээһининэн икки уһуйааҥҥа «туус хосторун» сотору арыйыахтара. Кэтээн көрдөххө муораҕа сынньаммыт оҕолор кыһыны этэҥҥэ этэҥҥэ туорууллар, ол эрэн хас биирдии оҕо муораҕа сынньаммат, муора салгынынан тыыммат. Ол да иһин маннык  хостор ыччат дьоҥҥо олус туһалаах буолуохтара.

«Солнышко» уһуйааҥҥа үлэ номнуо түмүктэнэн эрэр, оттон «Ньургуһун уһуйааҥҥа» үлэ үгэнэ. Кэмпэндээйитээҕи туус собуота былаана киэҥ, онтон биирдэстэрэ саха косметикатын сайыннарыы. «Антуар» тэрилтэ инвестора буолан, оборудованиянан көмөлөһөн биһиги тууспутунан ванна тууһа оҥоһуллар. Кыра-кыралаан Кэмпэндээйибит тууһа туһаҕа тахсара бэртээхэй, сотору эмтиир аналлаах спрей кытта баар буолуоҕа уонна оҕолорбут арктикаҕа, муораҕа сыньанабыт дии-дии туус хоһугар киирэн эмтэниэхтэрэ буоллаҕа.

Сиһилии манна киирэн көрүҥ:
https://www.instagram.com/tv/CUujj9-D2zx/?utm_medium=copy_link

Мария Кобельянова, Сунтаар 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0