Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Сунтаар Кэмпэндээйитин тууһа атыыга тахсан эрэрин туһунан иһитиннэрии тарҕанан, үгүс дьон бу сонуну кэтэспиттии үөрэ, сэҥээрэ иһиттилэр. Кырдьык, бэйэ сиригэр хостонор тууһу атыылаһан, дьон-сэргэ аска туһаныахтарын баҕарбыттара ыраатта. Кэмпэндээйи тууһа хаһан улуустарга тарҕанан, атыыга тахсарын туһунан “Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньата” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Алексей Игнатьевтыын кэпсэтэ сырыттым.
Кэмпэндээйи улуус кииниттэн 50-тан тахса килэмиэтир тэйиччи сытар. Аҕыйах сыллааҕыта суоллара эрэгийиэннээҕи таһымнанан, чааһы кыайбатынан Сунтаары булаллар. Устье – Кэмпэндээйи хайысхатынан ыарахан уйуктаах массыыналар кыһыннары-сайыннары таһаҕас тиэйэллэр. Айан-сырыы тохтообот. Нэһилиэккэ 500-ҕэ чугаһыыр киһи олорор. Манна тууһу таһынан, 20-чэ килэмиэтирдээх сиргэ баар Хоҥуру диэн сиртэн цеолиты хостууллар.
2000 туоннаны хостууллар
Кэмпэндээйи тууһа алтынньы бүтүүтүттэн саҕалаан, муус устарга диэри сир анныттан өрө тэбэн тахсан биир сиргэ мунньуллар. Тахсыбыт туус бастаан убаҕас ууга маарыҥныыр, онтон сааһыары сытан эрэн кууран, үп- үрүҥ тууска кубулуйар. Бэс ыйыттан саҕалаан мунньуллубут тууһу кууллаан бараллар. Туус састааба тастан кэлэр туустан туох да атына суох.
Кэмпэндээийлэр сылга ортотунан 2 тыһыынча туонна тууһу хостууллар. Бу үлэҕэ үгүс өттүгэр олохтоохтор бэйэлэрэ үлэлииллэр. Оҕолуун-улаханныын сайыҥҥы өттүгэр 20-чэ киһи сылдьар. “Быйыл 200 туонна ыраас тууһу хостоотубут. Онтубутун атыыга таһаарыахпыт”, — диэн Алексей Романович кэпсээтэ.
Үс көрүҥү бэлэмнииллэр
Туустарын үс көрүҥҥэ араараллар. Бастатан туран, бырамыысыланнас хампаанньаларыгар анаан тиэхиньиичэскэй тууһу бэлэмнииллэр. Маны бырамыысыланнас хампаанньалара үлэлэригэр хамаҕатык туһаналлар. Ол эрээри Алексей Романович кэпсээбитинэн, уруккуттан үлэлэспит хампаанньалара кэлиҥҥи кэмҥэ бородууксуйаларын олох ылбат буолбуттар. “Ньиэп, гаас хампаанньаларын кытары үлэлээччибит. Ол гынан баран, кэлин батарыыга ыарахаттар үөскээтилэр. Аны сорохтор харчыларын кэмигэр төлөөбөккө, билигин сорохторун кытары сууттаһа сылдьабыт. Быйыл “Газпром” хампаанньа Чайыҥдаҕа үлэлиир бэдэрээтчитигэр 600-чэ туоннаны тиэйэн илдьиэхтээхпит”, — диэн эбэн эттэ.
Иккиһинэн, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар тууһу бэлэмнииллэр. Ону хаһаайыстыбалар сүөһүгэ анаан атыылаһаллар. 50 киилэлээх улахан куулу Сунтаарга маҕаһыыннарга итиэннэ хампаанньа Дьокуускайга баар баазатыгар атыылаталлар.
Кэлиҥҥи сылларга балыгы, оҕуруот аһылыгын тууһааһыҥҥа анаан дьоҕус куулларга тууһу кутан батараллар. Хаһаайкалар Кэмпэндээйи тууһун балыгы, тэллэйи, оҕуруот аһын тууһааһыҥҥа кэлии туустааҕар быдан ордугун этэллэр.
Саҥа сүүрээн
— Быйылгыттан аска-үөлгэ күннэтэ туттуллар бытархай тууһу оҥорон эрэбит. Кэмпэндээйигэ тууһу суулуур анал сыаҕы туттубуппут. Кытайтан уонна атын эрэгийиэннэртэн сыах тэриллэрин сакаастаан аҕаллыбыт. Билигин онтубутун таҥан эрэбит. Балаҕан ый саҥатыгар сыаҕы үлэлэтэр былааннаахпыт. Биэс араас суулаах тууһу оҥорон нэһилиэнньэҕэ атыылыахпыт. Ол иһигэр биир киилэлээҕи, “Мельница” диэн улахан тууһу, араас тумалаах тууһу. Былырыыҥҥыттан 3-5 киилэлээҕи оҥорон саҕалаабыппыт. Балыгы, оҕуруот аһын тууһуурга анаан, — диэн Алексей Романович саҥа саҕалааһыннарын туһунан кэпсээтэ.
Онон мантан күһүн маҕаһыын долбуурдарыгар “Кэмпэндээйи тууһа” диэн ааттаан Саха сиригэр хостоммут, оҥоһуллубут бэйэбит тууспут баар буолуоҕа. Сыаната оччо буолуо диэн этэр билигин эрдэ буолуо.
Инникитин “Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньата” ХЭТ бородууксуйатын өрөспүүбүлүкэ таһыгар, чуолаан Новосибирскайга, Хабаровскайга батарар былааннаах. Маны таһынан интэриниэт нөҥүө атыыга эмиэ киирсэр соруктаах.
Арассыыйа холобуругар…
Билигин Арассыыйаҕа тууһу хостооһунунан уонна оҥорон таһаарыынан тарбахха баттанар ахсааннаах хампаанньа дьарыктанар. Ол иһигэр «Руссоль» ХЭУо (Астраханскай, Иркутскай уонна Оренбургскай уобаластар), «Соль Руси» ПАУо (Нижегородскай уобалас), «Тыретскайдааҕы солерудник» ААУо (Иркутскай уобалас), “Алтайдааҕы тууһу хостуур хампаанньа” ХЭУо (Алтайскай кыраай) киирэллэр.
Арассыыйаҕа тууһу оҥорон таһаарар бөдөҥ хампаанньанан «Руссоль» буолар. Бу хампаанньа Илецкэйдээҕи, Баскунчактааҕы уонна Усолье-Сибиирдээҕи туус саппаастаах сирдэри түмэр. Ааспыт сылга 33,75 тыһыынча туонна тууһу экспорка таһаарбыта.
edersaas.ru