Кэмпэндээйитээҕи туус собуота уонтан тахса бастайааннай үлэһиттээҕин таһынан, сайыҥҥы өттүгэр тууһу таһаарыыга дуогабар быһыытынан 40-ча киһи быстах кэмҥэ үлэнэн хааччыллар.
«Сааһыары туус сөҥмүтүнэн барар. Ону бэс ыйыгар таачыканан үөһээ таһааран куулга кутабыт. Сылга ортотунан 2 тыһ. тонна тууһу хостуубут», – диэн собуот маастара Геннадий Сымытов кэпсиир. Айылҕа бэйэтин күүһүнэн оҥоһуллар тууһун маннык судургутук ылыы Кэмпэндээйигэ эрэ баарын тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.
Кэлиҥҥи сылларга туустарын батарыыга ыарахаттары көрсүбүттэр эрээри, бастайааннай килийиэннэрдээхтэр, ол иһигэр Дьокуускайдааҕы ТЭЦ, Мохсоҕолооҕу циэмэнтэ собуота, «Сахабулт» концерн. Билигин аны улууска үлэлээн эрэр нефтяниктары, газовиктары кытары сибээс олохтообуттар.
Былырыын Кэмпэндээйигэ туус хостуур собуот тэриллибитэ 375 сылын бэлиэтээбиттэр. Онон баай, дириҥ силистээх-мутуктаах тэрилтэ.
Анивера АКИМОВА.