Кэмпэндээйи бадараанын манна аҕалбыт ордук

01.09.2019
Бөлөххө киир:

СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова ыыппыт пресс-кэмпириэнсийэтигэр суруналыыстар Кэмпэндээйи санаторийын уонна “Хоту” профилакторий инники дьылҕаларын интэриэһиргээтилэр. Онуоха Елена Борисова маннык харданы биэрдэ:

edersaas.ru

— “Санаторийга-куруорка эмтэнии” доруобуйа харыстабылын систиэмэтигэр киирбэт. Арай, сэбиэскэй кэмҥэ биһиэхэ киирэллэрэ туох да куһаҕана суох уонна көдьүүстээх этэ. Билигин ити барыта атын тэрилтэлэргэ бэрилиннэ. Оттон эһиги интэриэһиргээн ыйытар “Хоту” профилакторий уонна Кэмпэндээйи куруордун туһунан этэр буоллахха, биһиги бэйэбитигэр ылбаппыт. Тоҕо диэтэххэ, материальнай өттүнэн уустуктардаах. Баҕар, медицина саҥа өҥөтүн киллэриэхпит диэн, “Хотуну” баран көрө сылдьыбыппыт. Ол эрээри кыаллыбатын билбиппит…
Кэмпэндээйи санаторийын хайдах көдьүүстээхтик туһанар туһунан атын министиэристибэлэрдиин дьүүллэспиппит. Доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр (реабилитация) тэрилтэни толкуйдуур буоллахха, анал көҥүл баар буолуохтаах. Мин бара сылдьан, усулуобуйата, базата онно эппиэттэспэтин көрбүтүм. Доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэргэ наадыйар дьон Кэмпэндээйигэ баран иһэллэрэ ыарахан. Ол кэриэтэ бадарааны тиэйэн аҕалан, манна эмтиир судургу буолуо.
Кэмпэндээйи бадараана киһиэхэ барытыгар сөп түбэспэт. Сүрэх ыарыылаах, саахарынай диабеттаах, хааннарын баттааһына түһэр-тахсар дьон эмтэммэттэр. Арай, итинник эмтэнии оҕолорго көрүллүөн сөп. «Санаторийга-куруорка эмтэнии» булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа киирэ илик, онон биһиги инникитин да ылар кыахпыт суох…

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0