Уус Алдан улууһун Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл быйыл СӨ Ил Дарханын 1,5 мөлүйүөннээх «След оставленный в будущее» диэн ааттаах гранын кыайан, буоскаттан фигуралары Санкт-Петербургтан сакаастаан “Кэм-кэрдии үрдүк мындаатыгар” диэн сүдү дьоммутугар аналлаах экспозицияны туруорда.
Экспозицияҕа Бороҕон улууһун төрүттэрэ Лөгөй Тойон, А.И. Аржаков-Сэһэн Ардьакыап үтүө мөссүөннэрэ, ону тэҥэ, саха дьахталларыттан бастакынан христианскай итэҕэли ылыммыт Бороҕон улууһун Өнөкүй баай кыыһа Абакан Сүчү, аныгылыы буосканан фигураларга үйэтитиллэн, бар-дьон көрүүтүгэр турдулар.
Хас биирдии омук, хас биирдии аймах, уруу былыр-былыргыттан “хантан хааннаахпытый, кимтэн кииннээхпитий” диэн ырыҥалыыра уонна номохторго, үһүйээннэргэ кэпсэнэр, ааспыт дьалҕааннаах кэмнэргэ дурда-хахха буолбут, саргыбытын түстээбит ханнык бас-көс дьонноох этибитий диэн ырытан көрөрө. Норуоту салайар, сүрүннүүр кыахтаах бас-көс дьон былыр-былыргыттан бааллара.
Лөгөй Тойон олус уустук кэмҥэ, быһа холоон XVII үйэ ортотугар олорон ааспыта. Кини нууччалар кэлиилэригэр Бороҕон аҕа уустарын бас-көс, баһылык киһилэрэ этэ. Кимтэн да тутулуга суох, бэйэтин бэйэтэ дьаһанан олорбута уонна атын уустар саба түһүүлэриттэн дьонун-сэргэтин көмүскээн туруктаах олохторун хааччыйара.
Нууччалар аан бастаан кэлиилэригэр бороҕоттор уонна намнар быысаһар сирдэригэр остуруок (бөҕөргөтүнүү) туттан олохсуйбуттар. Бойобуода Головин да, Бекетов даҕаны саҥа остуруок туруохтаах сирдэрин олохтоохтортон кэпсэтии быһыытынан сөбүлэһиннэрэн эрэ баран ылбыттарын элбэх докумуоннар даҕаны, үһүйээннэр даҕаны туоһулууллар. 1632 сыллаахха атамаан Иван Галкин суругар чахчы да сөҕөн: “и земли широкие и конца им неведомо…”, — диэн суруйбут. Оччолорго бороҕон сахалара биир бастакынан кэлии дьон сатабылларын, туттар сэптэрин-сэбиргэллэрин билсэн биһирээбиттэрэ уонна бодоруһан, ылсан-бэрсэн олорон барбыттара.
1642 сыллаахха нуучча бойобуодата Головин сахаларга биэрэпис ыыталларын утаран өрө туруулар саҕаламмыттара. Биэрэпис сахалартан сүөһүлэрин-астарын былдьаары ыыталлар үһү диэн сурах тарҕаммыт. Нам кинээһэ Мымах уонна Бороҕон кинээһэ Лөгөй Головины тохтото сатаабыттарын истибэтэҕэ. Биэрэпис ыытааччылары өлөрбүттэрэ уонна олунньу ыйга сэптээх-сэбиргэллээх саха улуустарын боотурдара остуруок тула мустан барбыттара. Иккис өттүнэн “бетунцы говорили: «только де Логуй с нами не станет на русаков, мы де и Логуя убьем».
Онуоха Лөгөй Тойон Хаҥалас, Бөтүҥ уонна да атын улуус баһылыктарын кытта кэпсэтэ, өйдөтө сатаабыта. Намҥа ыытыллыбыт мустууга Лөгөй өрө турууну утаран, бэйэтин кытаанах санаатын көрдөрбүтэ уонна мунньахха сэбэ-сэбиргэлэ суох турар бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Лөгөй толкуйдуур ыыра быдан киэҥ таһымынан сылдьарын көрдөрбүтэ. Күүстэр олус тэҥэ суохтарын кини билэрэ.
Мантан көрдөххө, Лөгөй Тойон инникини өтө көрөн муударайдык дьаһаммыта уонна норуот тыыннаах хаалар эбэтэр өлөр-тиллэр дьалҕааннаах кэмигэр соҕотох сөптөөх суолу тутуспутун устуоруйа бигэргэтэр. Лөгөй Тойон устуоруйаҕа киирбит личность быһыытынан оруолун норуот суруйааччыта Суорун Омоллоон үрдүктүк сыаналаабыта уонна саха норуотун иннигэр сүдү үтүөнү оҥорбут киһинэн буолар диэн бэлиэтээбитэ.
Олох кырдьыга кэрэһэлииринэн, Саха сирэ Арассыыйаны кытта биир дьылҕаланара итинник саҕаламмыта.
1641 сыллаахха Парфен Ходырев этэрээтин киһитэ нуучча хаһааҕа, устуоруйаҕа киирбит улуу айанньыт Семен Дежнев Лөгөй Тойонтон чугас олохтоох Өнөкүй баай кыыһын Абакан Сүчүнү ыраахтааҕыттан көҥүллэтэн туран, сокуон быһыытынан бэргэһэлэммитэ. Ити нууччалар уонна Лөгөй үчүгэй сыһыаннаахтарын туоһулуур.
ССРС Наукаларын Академиятын Өлүөнэтээҕи история уонна археология экспедициятын начаалынньыгын солбуйааччы, саха бастакы тюркологтарыттан биирдэстэрэ И.И. Барашков суруйарынан, Өнөкөй 9 уоллаах уонна биир соҕотох мааны кыыстааҕа. Дежнев бэйэтин суругар маннык суруйбут: “«… якольскую женку крестить именем Абакаяда Сючю, оставил я корову и с теленком Борогонской волости якуту Манякую…». «Семен Дежнев женку крестить Абакан». Архив ЛОИИ.Ф.160,оп.1,кв.4,л.6. Онон Абакан Сүчү саха кыргыттарыттан бастакынан сүрэхтэммитэ. Кыыс аатыгар “абакан”, “абакай” диэн тыллар суолталарын калмык (уруккута ойрат) тылыгар Абакай-ханша, тайша, оттон теленгит тылыгар “Абака” ханская дочь” диэн Г.Ф. Миллер “История Сибири» кинигэтигэр ааҕыахха сөп. Онон Абакан бу кэлин саха тылыгар суолтатын сүтэрбит аҕа ууһун баһылыгын кыыһын аата. Бу тылларга хан уолун аата тегин (тыгын) диэн буоларын биллэр кыраайы үөрэтээччи З.И. Петухова быһаарар.
Остуруоктан олох чугас Кэйигэстээххэ олорбут баай, Абакаяда аҕата, Өнөкүй уонна Парфен Ходырев бэйэлэрин икки ардыларыгар үтүө сыһыаннаахтарын туоһулуур докумуон көстүбүтэ: “Февраля в 19 день бил…челом якут Бетунской волости Книга на якута Онюкея в отгоных кобылах, и Парфеней(Ходырев) сказал ему так:пожалуй де, Книга, не бей челом мне на того Онюкея, мне, де, он друг” (ЦГАДА,ЯОУ,ст.43,л.315).
Оттон Өнөкүй улахан уола Чыҥаада бөҕө сырыыта-айана киэҥинэн, дьаһала далааһыннааҕынан, күүһүнэн-уоҕунан аатырбыта. Кини туһунан архыып докумуоннарыгар да, үһүйээннэргэ даҕаны элбэхтик суруллар. Чыҥаада туһунан саха норуотун суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан “Тыгын Дархан» романыгар суруллубута.
Өнөкүйдээх тустарынан сэһэнньиттэр, олонхоһуттар, биллиилээх фольклору хомуйааччы, кыраайы үөрэтээччи С.И. Боло кэпсээн, докумуоннарга суруйан хаалларбыттара.
Оттон норуот номоҕор Сэһэн Ардьакыап билгэһит, ичээн, көрбүөччү быһыытынан ойууланар. Кини аатын дьон-сэргэ үйэлэри туоратан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ тириэрдэн умнубакка аҕалбыта бэйэтэ биир таабырын. Сэһэн Ардьакыап эдэр эрдэҕиттэн баай ыалларынан ыҥырыыга сылдьан олонхолуур, тойуктуур идэлээх эбит. Оҕо сылдьан Дьокуускайга киирэн Калина Аржаков диэн чиновникка олорон сурукка-бичиккэ, нууччалыы саҥарарга үөрэммит. Сэһэн Калина Аржаковы бэйэтин ииппит аҕатынан билинэн “…восприемным своим отцом …” диэн бигэргэппит суруга баар.
Сэһэн кэлин нэһилиэгэр тахсан кинээстээбит, онтон салгыы Бороҕон улууһун кулубата буолар. Сэһэн Ардьакыап кэмигэр саха дьонун олоҕор Арассыыйа империята хотугулуу-илиҥҥи Чуумпу акыйаан биэрэктэригэр тиийэ сирдэри бас билэр баҕата ордук охсубута. Ол инниттэн сир-уот каартатын оҥоруу, материктар ханан силбэһэллэрин, туох сир баайа баарын быһаарар уонунан ааҕыллар географияҕа, астрономияҕа сыһыаннаах, араас холбоһуктаах (комплекснай) экспедициялар тэриллибиттэрэ. Онуоха Саха сирэ бу экспедициялары хааччыйыыга плацдарм буолан, нуучча хаһаактара саха дьонун уонна сылгытын хото туттубуттара. Сыл аайы сүүһүнэн, тыһыынчанан сылгы-көлөттөн дойдуларыгар аҥарыттан аҥара эрэ төннөрө, ыраах сындалҕаннаах айаҥҥа эрэллээх сирдьиттэринэн саха эр дьонун күһэйэн туран илдьэ тураллара. Улуустарга саха ахсаана сыыйа аччаан испитэ.
Бу барыта Арассыыйа судаарыстыбатын кыһалҕата буоларын уонна сахалар маны таһынан ыраахтааҕыга өссө дьаһаах төлүүллэрин ыйан туран тиэрдэргэ, Петербурга бары өттүнэн бэлэмнээх, нуучча итэҕэлин ылыммыт, ыраахтааҕыттан мэтээллээх, Бороҕон улууһун кулубата Алексей Аржаков аттаммыта. Кини Санкт-Петербурга ханна да барбакка 1788-1790 cc. олорбута уонна балаҕан ыйын 18 күнүгэр 1789 сыллаахха ыраахтааҕыны көрсөрү ситиспитэ. Сэһэн Ардьакыабы Хотун Ыраахтааҕы боротокуол быһыытынан 15 мүнүүтэ көрсүөхтээх этэ да, 4 чаас устата санаатын истибитэ. Онуоха В.В. Никифоров-Күлүмнүүр маннык бэлиэтээбитэ: “…тому вероятно немало способствовали красивая наружность, высокий рост и замечательный ум”.
Алексей Аржаков бэйэни дьаһанан олорууга улахан суолталаах «Сахалар тустарынан былаана» ылыннарыылаах, оттон туруорсуулара олохтоох уонна дьоһуннаах этилэр. Докумуон ханнык эрэ ойдом дьон интэриэһинэн муҥурдаммакка, бүтүн норуот туһун көрөр чопчу соруктары туруорбута. Ис тутула эмиэ оннук — бастаан сахалар урукку олохторо-дьаһахтара, онно сахалар ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕ бэйэлэрин баҕа өттүнэн холбоспуттарын кэпсиир, онтон билиҥҥи олохторун уонна туруорсууларын быһаарар. Дьэ маннык туруорсуулары Сэһэн олус дипломаттыы, сатабыллаахтык, тоҕоостоохтук, Чуумпу акыйаан кытылын кытта сибээһи саха дьоно тутан олороллорун, сахалар туруктаах үчүгэй олохтоннохторуна Арассыыйа акыйаан кытылыгар диэри сабыдыала өссө күүһүрүө этэ диир. Кинээс, кулуба да буоларын быһыытынан Сэһэн Аржаков бу экспедициялары тэрийиигэ быһаччы кыттыбыта. Биллингс муоратааҕы экспедициятын тэрийсиигэ кыттан «Слава России» диэн суруктаах кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта “…удостоился золотой медали, изображающей божественное лицо Вашего императорского величества” диир.
“Сахалар тустарынан былаан” оччотооҕу кээмэйинэн олус суһаллык, икки нэдиэлэни кыайбатынан, 1789 сыллаахха алтынньы 1 күнүгэр Судаарыстыбаннай Сэбиэт мунньаҕар көрүллүбүтэ уонна кини дьаһалынан Иркутскайга Илин-Сибиир генерал-губернатора Пиль көрүүтүгэр бэриллибитэ. Онон Екатерина Великая докумуону олус суолталаабытын көрдөрбүтэ.
1908 сыллаахха В.В. Никифоров-Күлүмнүүр “Сахалар тустарынан былааны” булбута уонна «Саха олоҕо» диэн сахалыы хаһыакка аан бастаан бэчээккэ таһаарбыта. Кини XVIII үйэҕэ Саха сиригэр бэйэни салайыныы, оннооҕор автономияны олохтооһуҥҥа холонуулар бааллара диэн суруйбута. Сэһэн Ардьакыап “Сахалар тустарынан былаанын” өр сылларга иитиэхтээн илдьэ сылдьыбытын туһунан императрицаҕа эппитэ, ону туоһулуур тылларынан «Бу санааларбын мин өр сылларга иитиэхтээн илдьэ сылдьыбытым” (“Сии размышления многие годы занимали душу мою”) диэн ааттаан устуорук, бэрэпиэссэр В.Н. Иванов (эпп. эрэд. А.А. Борисов) улахан үлэни 2015 сыллаахха суруйан таһаарбыта.
Айылҕаттан дэгиттэр айдарыылаах олоҥхоһут, көрбүөччү, философ, бэйэтин кэмин чулуу киһитэ, сахалар Арассыыйа састаабыгар сылдьан бырааптарын кэҥэтинэн, бэйэлэрин дьаһанар кэскиллээх боппуруостары туруорсубут Алексей Аржаков аата үйэлэргэ норуотун өйүгэр-санаатыгар умнуллубакка ааттаныа, үөрэтиллиэ.
Зоя БЕЛОЛЮБСКАЯ, Уус Алдан улууһун Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэл научнай сотруднига.