Алаастарынан, күөллэринэн сүөһү-сылгы ииттэн, бүөмнээн олорбут саха тыатын сирин ыалларын Өктөөп өрөбөлүүссүйэтиттэн күөдьүйэн тахсыбыт гражданскай сэрии уота тумнубатаҕа. Сэрии буолла даҕаны – сиэртибэлээх, алдьархай аргыстаах, иэдээн эҥээрдээх. Үрүҥҥэ-кыһылга арахсан, аймахтар атааннаһыылара, ини-биилэр иирсээннэрэ үгүс ыал олоҕун аймаабыта.
Икки өттүттэн 3 тыһ. кэриҥэ киһи өлбүтэ
История билимин хандьыдаата Владимир Пестерев сабаҕалыырынан, Саха сиригэр буолбут гражданскай сэриигэ икки өттүттэн 3 тыһ. кэриҥэ киһи өлбүт буолуон сөп, ол иһигэр саа-саадах тутан сэриилэспэтэх оҕо-дьахтар элбэх. Быһа холоон, кыһыл өттүттэн – 800-чэ, үрүҥнэртэн уонна эйэлээх нэһилиэнньэттэн тыһыынчалыы иһэ-таһа. Владимир Ильич билигин биирдии улууһунан, нэһилиэгинэн чуолкайдыыр үлэни ыыта сылдьар эбит.
Кыһыл буоллун, үрүҥ буоллун – кинилэр үгүстэрэ бэйэбит олохтоох дьоммут, сахалар, тоҥустар этилэр итиэннэ хайа да өттүттэн «көҥүл олох иһин охсуһабыт» диэн өлөллөрүн утуйарга холоон киирсибиттэрэ эрэбил. Ити гынан баран, «Аҥаара – таҥара маһа, аҥаара – күрдьэх маһа» диэбиккэ дылы, үйэ тухары кэлтэйдии кыһыллары арбаан, кэриэстээн, үйэтитэн кэллибит. Сыыстарбат буоллахпына, хомуньуус баартыйатын 1991, Сэбиэт былааһын 1993 сс. сууллардыбыт диэбиттэрэ. Ол тоҕо эрэ күннээҕи олохпутугар биллибэт ээ. Бара сатаан, салалтаҕа билиҥҥэ диэри урукку сэбиэскэй-партийнай каадырдар олороллоруттан харгыстанар дии саныыбын.
Устуоруйа өйдөбүнньүктэрэ
Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ 1976 сыл ахсынньы 31 күнүгэр «История уонна култуура пааматынньыктарын туруктарын уонна көрөр-харайар үлэни тупсарыыга дьаһаллар тустарынан» уурааҕы таһаарыаҕыттан Саха сиригэр тутуллубут пааматынньыктарга болҕомто ууруллан, харысхалга ылбыттара. Бу докумуон ССКП XXV сийиэһигэр «музейдар үлэлэрин, история уонна култуура пааматынньыктарын харыстааһыны уонна пропагандалааһыны күүһүрдэргэ» ыйыы бэриллэн, ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ ылыммыт онно сыһыаннаах сокуонугар уонна уурааҕар олоҕурбута.
Бу кэнниттэн сааһылааһын-саамылааһын үлэтэ ыытыллыбытын түмүгэр 1980 с. бэчээттэнэн тахсыбыт «Памятники истории и культуры» ыйынньык-кинигэҕэ 600-чэ пааматынньык испииһэгэ киллэриллибитэ. Өйдөбүнньүктэри өрөспүүбүлүкэ (РСФСР) уонна олохтоох (АССР) суолталаах диэннэргэ араарбыттар. Үгэс курдук, тыа сиригэр үксэ – мастан, бетонтан «самодеятельнай» оҥоһуктар. История билимин хандьыдаата Пантелеймон Петров этэринэн, улахан суолтата да суох оҥоһуктар испииһэккэ киирэн хааланнар, «таһаҕас» буолбуттар.
Кырдьык, ааспыт үйэ 50-70-с сылларыгар «кытарар кыһыл буолла даҕаны – үчүгэй» диэн өйдөбүлүнэн сирдэтэн, куоталаһа-куоталаһа сир-дойду ахсын хомсомуолларга, хомуньуустарга пааматынньык бөҕө тутуллубут эбит. Ити иһигэр историяны иҥэн-тоҥон билбэттэн алҕас турбут көрүнньүк-өйдөбүнньүктэр аҕыйаҕа суохтар. Дьиҥэр, Пантелеймон Пантелеймонович бигэргэтэринэн, өрөбөлүүссүйэ тыына Саха сиригэр 1920 сыл кэнниттэн биирдэ биллибитэ. Өрөбөлүүссүйэ, гражданскай сэрии дойду киинигэр буолбуттара. Гражданскай сэриини үөһэттэн анаан-минээн тэрийбиттэрэ. Оттон биһиги араас хаамаайы халабырдьыттарга, хааны тохпут дьоҥҥо пааматынньык бөҕө туттахпыт!
Халабырдьыттар кыһылларга
кыттыспыттара
Холобур, дьэбириэй Яков Бук Амурга баанда тэринэн, кытайдары халыы-талыы сылдьан тутуллан, Саха сиригэр сыылкаҕа утаарыллар. Өрөбөлүүссүйэ буолбутугар «эрэйи-муҥу көрбүт» киһи быһыытынан, Рыдзинскай этэрээтэ кэлбитигэр милииссийэҕэ үлэлии киирэр уонна идэтинэн дьону халыыр. Кыһыллар кыайтарбыттарыгар тутан, кинини Иркутскай түрмэтигэр хаайарга уураллар. Хаайыылаахтары борохуотунан илдьэн истэхтэринэ, үс дьэбириэй куомуннаһан, хаартылааһыны тэрийэллэр. Айдаан тахсыбытыгар кинилэри үҥсэн биэрэннэр, Үөдэйгэ таһааран үһүөннэрин ытан кэбиһэллэр. Ол миэстэтигэр «сэбиэскэй былаас иһин охсуһа сылдьан өлбүт кыһыл гвардеецтарга» диэн пааматынньык туруорбуттара…
Ити Бук курдук дьиҥнээх бандьыыттыы сиэрдээх мээнэ, түбэһиэх дьон Губчекаҕа киирбиттэрэ элбэх. Кинилэр сэниэ, орто дьону халаан, кырбаан, түүрэйдээн, хаайан, саҥа былааска утары туруорбуттара. Үөһэ ахтыллыбыт ыйынньык-кинигэттэн көрдөххө, Дьокуускайга уонна, чуолаан, куорат кытыытынааҕы бөһүөлэктэргэ кыһыл гвардеецтарга аналлаах пааматынньык баһаам. Тоҕо диэтэххэ, ытыалаһыы-өлөрсүү куорат тас өттүгэр буолбут. Холобур, киин куоракка «Марат болуоссатыгар» (дьиҥнээх аата – площадь Павших борцов) букатын туора Мэҥэ сиригэр тоһуурга түбэһэн охтубут 30 байыаһы аҕалан кистээбиттэрэ.
Оҕолуун-уруулуун имири кыргыы
Тулагы Киллэмигэр Эверстов баай кыстыгар 1922 с. буолбут сэриигэ өлбүт байыастарга обелиск туруорбуттара. Дьиҥэр, манна кыһыллар «бандьыыттары» эрэ буолбакка, киһи бөҕөнү кыдыйбыттар, оҕону-дьахтары тыыннаахтыы умаппыттар. «Өлбүт – саҥарбат, тыыннаах – тыллаах» диэбиттии, күл-көмөр буолбуттар буордуун булкуһан сыттахтара. Мэҥэҕэ саһа сытар Боссоойкону өлөрөллөрүгэр, «бандьыыты тыллаабатаххыт» диэн буруйдаан, 30-ча киһини, алаас ыалларын аҥаар кырыы кырган тураллар. Онно туохтаахпытый? Бииргэ көмүллүбүт ииннэрин омооно оһон эрдэҕэ…
Бу курдук Саха сирин соҕуруу-хоту, арҕаа-илин түбэлэригэр тахсыбыт алдьархайдары төһө баҕарар салгыы туруохха сөп. Мин билэрбинэн, билиҥҥитэ Нам Никольскайыгар эрэ саҥа былаас сыыһа бэлиитикэтин сөбүлээминэ өрө турбуттарга Мэҥэ таас турар. Ити кыргыһыыга (кыргыыга) өлбүт өрө турааччылартан 130-ча киһи биир ииҥҥэ көмүллүбүтэ биллэр. «Дьоруой» Иван Строд киһиргээн чабыламмытынан, 400 үрүҥ байыаһы өлөрбүттэр уонна бааһырдыбыттар. Оттон биир өттүттэн атамаан Семенов көрдөрүүтүнэн, кыһыллартан 6 киһи өлбүт, 5 киһи бааһырбыт. Дьэ, ити кэннэ ыйааһын бэскитэ төттөрү баттыыра төһө сиэрдээҕий? Орто сүнньүн булан, кэнчээри ыччакка кырдьыгы кэпсиир, көрдөрөр кэм кэллэ. Тойоттор-хотуттар, уһуктуҥ!
Манна даҕатан эттэххэ
Иркутскай куоракка адмирал Колчакка 5-6 сыллааҕыта пааматынньык туруорбуттара. Ону, амнистияламматаҕа диэн, хомуньуустар көтүртэрэ сатыыллар. Оттон биһиги амнистияламмыт даҕаны дьоммутугар киһилии уҥуох туппакка олоробут. Учуонай Пантелеймон Петров-Хардыы этэрин курдук, сатаатар, «Гражданскай сэрии сылларыгар өлбүттэргэ» диэн ааттарын-суолларын ыйан-суруйан туран, өйдөбүнньүк туруортуохха баара. Бу үйэни эрэ кыайбат кэм устатыгар быһаарыллыбакка кэлбит боппуруоска өрөспүүбүлүкэ, улуустар, нэһилиэктэр чөмчөкөлөөхтөрө ылысталлар диэн эрэнэбин.
Санаа ситимэ
Валерий Луковцев, «Саха» уопсастыбаннай киин сүбэтин чилиэнэ:
– Нам улууһун Хамаҕатта нэһилиэгин олохтоохторо Иван Бережнев уонна Георгий Ильич Кривошапкин (кини нэһилиэгэр сир үлэтигэр аналлаах музейы тэрийбитэ) туруорсууларынан, 1997 сыл сайыныгар «Саха» уопсастыбаннай киинтэн И.И.Шамаев, Н.Д.Кириллин уонна историк Е.Е.Алексеев, суруналыыс Д.В.Кустуров о.д.а. буоламмыт Никольскай хонуутугар охтубут өрө турааччылар кэриэстэригэр Мэҥэ таас туруорбуппут. Сымара гранит тааһы Худфондаттан көҥүллэтэн ылан, скульптордарга суруйтарбыппыт.
Никольскайга кыһыллартан букатын аҕыйах киһи өлбүтэ чахчы. Бэринээри олорор бэрдээҥкэ эрэ саалаах дьону тахсан, буусканан уонна бөлөмүөтүнэн ытыалаабыттарыгар уолуйан куоппуттарын тоһуйан сытан атынан саба сүүрдэн киирэн саабыланан кэрдибиттэр. Өскөтүн сэриилэһэр санаалаахтара буоллар, эрдэттэн тоһуур оҥорон, бэйэлэрин кыргыахтар этэ. Өрө турааччылар истэригэр бэргэнник ытар тоҥус хоһууна элбэх үһү. Киллэмнээҕи уонна Төхтүрдээҕи ытыалаһыыга икки өттүттэн сүүһүнэн киһи тыына быстыбыта. Онон, ааспыт олох быһыытын-майгытын сиэрдээхтик, туох баарынан көрдөрүү эрэйиллэр.
Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru