Татарстан Камал аатынан тыйаатырын «Килмешәк/Пришлый» — сахалыы эттэххэ, “Кэлии киһи” испэктээгин гостуруол бастакы күнүгэр, атырдьах ыйын 22 күнүгэр көрдөрдө.
Киһи элбэх. Саха тыйаатырын саалата толору. Испэктээк татаардыы тылынан барар буолан, синхроннай тылбаастаах — бары кэриэтэ наушниктаахпыт. Саха көрөөччүтүгэр бу сонун. Урукку кэмнэргэ, Саха тыйаатырыгар, тылы билбэт көрөөччү кэлэн, наушник кэтэн сэргэстэһэ олордоҕуна – тылбаасчыт саҥата эйиэхэ эмиэ иһиллэр буолара. Билигин олох атын – “Bosch” диэн бэртээхэй фирма аппараатын туһанныбыт.
Испэктээк саҕаланыан иннинэ сценаҕа ыалдьыттарбытын култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Владимир Тихонов, Саха тыйаатырын дириэктэрэ Анатолий Николаев истиҥник эҕэрдэлээтилэр. Владимир Иванович Камал тыйаатырын режиссерун, Арассыыйа уонна Татарстан искусстволарын үтүөлээх деятелин Фарид Бикчантаевы “Арассыыйа-Саха сирэ 385 сыл бииргэ” үбүлүөйдээх бэлиэнэн наҕараадалаата, итиэннэ дириэктэр Илфир Якуповка “СӨ култууратын туйгуна” ааты иҥэрдэ. Оттон Камал тыйаатыра доҕотторугар – Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар коллекционнай национальнай куукулаларын бэлэх аҕалбытын туттарда. Дьэ ол кэнниттэн, испэктээк саҕаланна.
“Кэлии киһи” биир тыынынан барда. ССРС үрэллибитин кэннэ урукку автонуомунай өрөспүүбүлүкэлэр норуоттара бэйэлэрин устуоруйаларын үрүҥ страницаларыгар болҕомтолоро күүһүрбүтэ. Холобур, Арассыыйа норуоттарыгар ахсаан өттүнэн иккис сылдьар татаар омукка, Гитлер баһылыктаах Германия концлааҕырдарын туох баар ыар сылларын ааһан, туораан баран, аны үһүс рейх кыаттарбытын кэннэ, сталинскай ГУЛАГ хаайыылаахтарынан буолбут бойобуой саллааттар уонна эписиэрдэр дьылҕалара олус кутурҕаннаах тиэмэнэн буолбута. 50-с сыллардаахха дойдуларыгар эргиллэн кэлэр дьолломмуттар бэрт соторутааҕыта эрэ Иккис аан дойду сэриитин кыттыылааҕын статуһун ылбыттара. Ол гынан баран, кинилэр ортолоругар, хаттаан тутуохтара диэн сэрэхэдийэн, дойдуларыгар эргиллибэтэхтэр эмиэ бааллара. Кинилэр аан дойду устун ыһыллыбыттара. Холобур, бу испэктээк дьоруойа Накип (Татарстан норуодунай артыыһа Радик Бариев), Дьылҕа Хаан оҥоруутунан, сэрии кэнниттэн Канадаҕа тиийэн, олоҕун саҥаттан саҕалыыр. Бу дойду биир ыраах, чуумпу куоратыгар кини бэйэтин олоҕун, туспа, кыракый татарскай дэриэбинэ курдук тэринэн, олорор. Хортуоппуй олордор эбит, оттон Хэллоуин оннугар татаар омук Сабантууйун тэрийэр. Күөх тиэргэҥҥэ хаастар хаамсаллар… Оннооҕор кэргэнин Джоаннаны (Татарстан норуодунай артыыската Люция Хамитова), татаардыы тартарыылаахтык, “Жаным” (Душа моя), диэн ыҥырар. Ол олордохторуна, ыаллара Самуэль (Татарстан үтүөлээх артыыһа Минвали Габдуллин), Шотландияттан төрүттээх, эмиэ кини курдук “кэлии киһи”, урукку Сэбиэскэй Сойуус дьоно ССРС-ка, дойдуларыгар төннөн кэлэллэрэ көҥүллэммит, аны кинилэргэ билигин туох да куттал суох, диэн сураҕы аҕалар.
Дьэ, бу түгэнтэн, уу-нуһараҥ олох бүтэр. Накип ностальгиялыыр – төрөөбүт төрүт дойдута хараҕар көстөн кэлэр.., онно хаалбыт бастакы сэмэй таптала – кэрэ кыыс Зайтуна (Айгуль Абашева), күн күбэй ийэтэ… Онтон сэрии, ньиэмэс билиэнэ, концлааҕыр, кыраныысса таһыгар күрээһин… Оттон Жаным? Кини, тапталлааҕым баран хаалыа диэн, сүрэҕэ толугураахтыыр, арааһа, үйэтигэр аан бастаан, хайдах да буолуон, тугу да гыныан билбэт… Икки артыыс оруолларыгар бүүс-бүтүннүү киирэн хаалаллар, олус итэҕэтиилээхтик оонньууллар.
Саамай интэриэһинэйэ – испэктээк устата биир уларыйбат декорация – халлаан күөҕэ кырааскалаах, хайдах эрэ, теремогу санатар ис-киирбэх дьиэ фасада, күп-күөх тиэргэн. Онно кууллаах хортуоскалары төттөрү-таары сыымайдыыр Накиптаах Джоанна… Дьэ маннык сэмэй быһыыга-майгыга көрөөччү иннигэр араас – 30-с, 40-с, 50-с, 90-с сыллар сабыытыйалара элэҥнээн ааһаллар, Накип олоҕун бүүс-бүтүннүү кэпсииллэр. Ол табыллар. Дьоруойдарбыт сороҕор бэйэлэрин эдэр эрдээҥилэрин бэйэлэрэ оонньууллар, ардыгар, эдэр артыыстар кинилэри оонньуулларын туораттан кэтээн көрөллөр.
Ыллыыллар, үҥкүүлүүллэр. Барыта көрөөччүгэ өйдөнөр. Киһи тута ылынар. Бу режиссер, артыыстар маастарыстыбалара. Манна даҕатан эттэххэ, декорацияны барытын Саха тыйаатырын үлэһиттэрэ, хайдах эппиттэринэн, чопчу, уурбут-туппут курдук оҥорон кэбиспиттэрин көрөөт, Камал тыйаатырын кэлэктиибэ олус сөхпүт, махтаммыт этэ.
Бу испэктээк ис хоһооно – киһи аймахха, араас омукка, хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ аана суох алдьархайы аҕалан ааспыт сэрии дуораана… Хаһан даҕаны хатыламматар ханнык.
Этэллэринэн, эдэр драматург Сөмбел Гаффарова бу пьесатынан, эбээтин сэрии толоонуттан эргиллибэтэх улахан убайын сырдык аатын үйэтиппит. Дьоно кини өлбүтүгэр итэҕэйиэхтэрин олох баҕарбатахтар, онон, араанньы буолан билиэҥҥэ түбэспит, онтон… омук дойдутугар тиийэн хаалбыт боростуой татаар уолун дьылҕатын туһунан номох үөскээбит…
Татьяна Маркова.
Хаартыскалар тыйаатыр фондатыттан.