Кэлэр сылтан биэнсийэ кээмэйэ үрдүөҕэ

Бөлөххө киир:

2019 сылтан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ 1200-1300 солкуобайынан  үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, сылга 12 тыһыынчаттан тахса эбиллэр. Бу туһунан биэнсийэҕэ тахсар сааһы үрдэтэр уларыйыы кэмигэр эрэннэрбиттэрэ. 


Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 278 тыһыынча биэнсийэлээх баарыттан, 95 тыһыынча киһи үлэлии сылдьан, хамнаһы уонна биэнсийэни ылаллар. Кинилэргэ үрдээбэт. Үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ 2021 сылга диэри мораторий биллэриллэн турар.

Былырыын страховой биэнсийэ индексацията 3,5 % эбит буоллаҕына, 2019 сылга 7,05% буолуоҕа. Ону сэргэ сыл аайы 5-6% эбиллэн иһиэҕэ.

2019 сылга – 7,05%;

2020 сылга – 6,6%;

2021 сылга – 6,3%;

2022 сылга – 5,89%;

2023 сылга – 5,6 % үрдүөҕэ.

Урут биэнсийэ индексацията олунньуттан ыытыллар эбит буоллаҕына, кэлэр сылтан тохсунньуттан үрдэтэр буолуохтара. Алта сыл иһигэр биэнсийэ 1,5 төгүл үрдүүрэ күүтүллэр. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ страховой биэнсийэ орто кээмэйэ – 19,5 тыһ. солк.

Ангелина ВАСИЛЬЕВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0