Кэлэр сылларга өрөспүүбүлүкэ 21 нэһилиэнньэлээх пууна гааска холбонуоҕа

29.11.2020
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, сэтинньи 28 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев быһа эпиирин кэмигэр өрөспүүбүлүкэ салалтата гааска холбонуу бырагырааматыгар интэриэстээҕин, ол туһугар үлэ көхтөөхтүк ыытыллыаҕын туһунан эппитэ. 

Өрөспүүбүлүкэни гааска холбооһун былаана «Сибиир күүһэ» бырайыагы кытта сибээстээх. «Газпрому» кытта бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн Алдаҥҥа, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ, Нерюнгрига кэлэр сылларга 21 нэһилиэнньэлээх пуун гааска холбонуоҕа», — диэн Айсен Николаев иһитиннэрбитэ.

Сөбүлэһиигэ 2025 сылга диэри эрэгийиэн нэһилиэнньэлээх пууннарын гааска холбооһун уонна гааһынан хааччыйыы киирэр. Маныаха 9 миллиард солкуобай үп көрүллүөҕэ.

 edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0