Дойду кэлэр 3 сыл устата сайдыахтаах үбүн-харчытын быһаарар сүрүн докумуонун бырайыагын бастакы ааҕыытын Госдуума алтынньы 28 күнүгэр көрдө.
Михаил Мишустин төһө да уустук кэм буоллар, саҥа бүддьүөккэ биэнсийэни, хамнас алын кээмэйин уонна тиийинэн олоруу алын кээмэйин үрдэтэргэ, 6,5%-наах чэпчэтиилээх ипотеканы уһатарга үп-харчы көһүннэ диэн эттэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ туох баар социальнай эбэһээтэлистибэлэри толоруу улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.
Ол курдук, биэнсийэни төлөөһүнү уонна мэдиссиинэни үбүлээһин улаатыаҕа. Холобур, мэдиссиинэни үбүлээһин 2019 сыллааҕар үрдүк буолуоҕа. Бэрэсидьиэн Анал туһаайыытын толорууга үбүлээһин кэлэр сылга 15%, 2023 сылга 40% үрдүөҕэ.
Биэнсийэ 6,3% индексацияланан үрдүөҕэ, хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) 5,5% улаатыа. Инфляция 3,7%-тан үрдүө суохтаах. Оҕолордоох, кыаммат ыаллары өйүүргэ бүддьүөккэ 400 миллиард солкуобай көрүлүннэ.
2021 сылга дойду бүддьүөтэ 18,77 триллион солкуобайдаах буолара былааннанар. Ороскуот – 21,52 триллион солкуобай. Онон бүддьүөт дэписсиитэ 2,75 триллион солкуобай буолар. Ол да буоллар, бүддьүөт социальнай хайысхалаах буолуоҕа. Национальнай бырайыактарга барыта 2,25 триллион солкуобай көрүллүөҕэ.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — СИА.