Кэлэр сылга биэнсийэ үрдүүр дуо?

Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи Биэнсийэ пуондатын  отделениетын управляющайа Георгий Степанов кэлэр 2022 сылга биэнсийэ хас бырыһыан үрдүүрүн  (индексациялааһын) туһунан иһитиннэрдэ.

– Биэнсийэни сылын аайы индексациялааһын туһунан РФ Төрүт сокуонугар сурулла сылдьар. Кэлэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ страховкалыыр чааһа 5,9 %,   муус устар 1 күнүттэн  социальнай биэнсийэ 7,7 % уонна олунньу 1 күнүттэн  ый аайы көрүллэр социальнай төлөбүрдэр 5,8 % үрдүөхтэрэ.

Дьиҥэр, үлэлиир биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ индексацияланар эрээри,  үлэлэриттэн уурайдахтарына, кэлэр ыйдааҕы биэнсийэлэригэр ол эбиллэн биэрэр. Биһиги  үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ индексациялара улаатарын ситистибит. Оннук буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ, үлэлээбэт дьоҥҥо дохуот биэнсийэлэриттэн эрэ киирэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ алтынньы 1 күнүнээҕи туругунан,  сааһынан биэнсийэҕэ барбыт киһи страховой чааһа 22 тыһ. 628 солк.  буоллаҕына, үлэлээбэт биэнсийэлээх киэнэ 24 тыһ. 300 солк. тэҥнэһэр, — диэн Георгий Степанов быһаарар.

Санатар буоллахха, Саха сиригэр 272 тыһ. тахса биэнсийэлээх баар. Мантан 14 тыһ. 80 саастарын ааспыттар, 17 тыһ. киһи биэнсийэҕэ тахсар сааһы этэҥҥэ атыллаабыттар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0