Кэлэр сылга бүддьүөппүт хайдах буолуоҕай?

27.12.2017
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ эһиилги сыллаах бүддьүөтүн ылыныы уустук соҕус буолуохтааҕа эрдэттэн биллэрэ. Урукку өттүгэр доллар кууруһа үрдээн, улахан хампаанньалар нолуоктарыттан хааһынаҕа үгүөрү үп киирэ турбут буоллаҕына, быйыл ити хартыына хатыламмата. edersaas.ru

Быйыл дохуоппут 187,5 млрд солк. буолла

Эһиилги бүддьүөтү ырытыахпыт иннинэ, бастаан быйылгы сыллааҕыбыт хайдах туолан иһэрин көрүөххэ. Үп сүрүн докумуонугар бүтэһик уларытыыны киллэриинэн, бүддьүөт дохуоттаах чааһа 187,5 млрд солк. тэҥнэстэ. Дефицит 1,5 млрд солк. үрдээн, 7,8 млрд солк. буолла. Үп миниистирэ Валерий Жондоров бэлиэ­тииринэн, бу уларыйыы судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэр “РИК плюс” хампаанньаны кытары дуогабардарын уларыппыттарыттан, бүддьүөт дефицитин сабыыга атын источниктары көрдөөһүнтэн тахсыбыт. Ол курдук, судаарыстыбаннайа суох тэрилтэлэртэн киириэхтээх суума 1,5 млрд солк. кыччаата. Оттон дефицити сабыыга федеральнай бүддьүөттэн кирэдьиит ылбыттар. Ол иһигэр 1,5 млрд солк. бастакы күөҥҥэ турар ороскуоттары сабыыга барыаҕа, 517,9 мөл. солк. – иэһи төлөөһүҥҥэ.

Оттон “АЛРОСА” туһунан эттэххэ, быйылгы сыллаах бүддьүөккэ хампаанньа 48,3 млрд солк. киллэриэх курдук. Ити сууматтан 25,1 млрд солк. барыстан уонна сир баайын хостооһунтан киирэр нолуоктар ылаллар. Ону сэргэ, 16,4 млрд солк. дивиденд быһыытынан хампаанньаттан бүддьүөккэ түспүт. “Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр быйылгы сыл түмүгүнэн, хампаанньа нолуок быһыытынан уонна атын төлөбүрдэринэн 48,3 млрд солк. төлүөҕэ. Былырыыҥҥы сылы кытары тэҥнээтэххэ, 7,7 млрд солк. үрдүк”, — диэн этэр хампаанньа кылаабынай бухгалтера Светлана Линник дьокутааттары кытары көрсүһүүгэ.
Уопсайынан ылан көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ бы­йылгы сылы ситиһиилээхтик түмүктээн эрэр. Ол курдук, регионнааҕы валовай бородуукта бу сыл түмүгүнэн 870-900 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. Инвестиция киириитэ үрдээн, 320 млрд солк. буолбут. Ити былырыыҥҥы сылы кытары тэҥнээтэххэ, 10 % үрдүк. Промышленнай оҥорон таһаарыы сир баайын туһаҕа таһаарар тэрилтэлэр суоттарыгар эмиэ үрдүү турар. Холобур, таас чох — 17, ньиэп – 10,2 мөл. тонна хостоммут, 306 мөл. карат алмаас экспорка тахсыбыт. Тырааныспар эйгэтэ эмиэ куһаҕана суох көрдөрүүлээх. Кэнники кэмҥэ дьон-сэргэ айанныыра да, таһаҕаһы таһыы да элбии турара бэлиэтэммит. Тутууга быйылгы былаан туолан, 600 тыһ. кв м тахса иэннээх дьиэ тутулунна. Ону сэргэ, быйылгынан хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата түмүктэннэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 11,3 тыһыынча кыбартыыраттан 28,8 тыһ. киһи көстө, 348 саҥа дьиэ тутулунна. Ону таһынан РФ президенин ыам ыйынааҕы ыйаахтарын толорууга Саха сирэ инники күөҥҥэ иһэр.

Хамнаска улахан болҕомто уурулунна

Аны эһиилги сыллааҕы бүддьүөтү уонна кэлэр 2019-2020 сс. үп сүрүн докумуонун былаанын ылан көрүөххэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэн уочараттаах XXXIII пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ эһиилги бүддьүөтүн ылыннылар. Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ, нолуок уонна сыана бэлиитикэлэригэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев бэлиэтииринэн, сокуон барылын иккис ааҕыытыгар барыта 228 уларытыы киирбит. Ол иһигэр 216 уларытыы – бырабыыталыстыбаттан, 12 – норуот депутаттарыттан. Биир улахан уларыйыы инвестиционнай бырагыраамаҕа барда. Манна 71 уларытыы киирбититтэн, 53 уларытыыны ылымматылар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит 2011 с. Россияҕа биир бастакынан үбү бырагыраамаларынан тыырыыга киирбитэ. Быйыл манна уларыйыы киирэн, 37 бырагыраама оннугар эһиилги бүддьүөтү 23 хайысхаҕа тыырдылар.

Пленарнай мунньах иннинэ Ил Дархан Егор Борисов, үгэс курдук, норуот дьокутааттарын кытары көрсүбүтэ. Онно кини төһө да өрөспүүбүлүкэ экономическэй туруга куһаҕана суоҕун иһин, эһиилги сыллааҕы бүддьүөтү тыырыы уустуктардааҕын эппитэ. Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтиигэ, социальнай төлөбүрдэргэ болҕомтотун ууран туран: “Социальнай эбэһээтэлистибэлэри толорууга инвестиционнай бырагырааманы уонна сорох судаарыстыбаннай бырагыраамалары кыччатарга бэлэм буолуҥ”, – диэн иһитиннэрбитэ. Онон эһиилги сыллаах бүддьүөккэ хамнаһы үрдэтиигэ, дьон дохуоттаах, дьарыктаах буолуутугар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Холобур, хамнаска диэн бүддьүөккэ 74,7 млрд солк. көрүллэн турар. Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар эһиил 7 пилотнай бырайыак киириэҕэ. Манна сүрүн болҕомтону ыччаты промышленнай эйгэҕэ, тутууга үлэлэтиигэ ууруохтара. Элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит учаастактар инфраструктураларын оҥорууга 2,2 млрд солк. көрүлүннэ. Ону сэргэ, социальнай эбийиэктэри тутуу салҕанан барыаҕа. Эһиил 10 оскуола, 23 оҕо саада, 3 балыыһа, 5 спортивнай саала, култуура эйгэтигэр 7, дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыбаҕа 4 эбийиэк тутуллара былааннанар.

“АЛРОСА” 35,3 млрд солк. киллэриэҕэ

Быйыл нолуокка уларыйыылар киирбит­тэрэ сиртэн хостонор баайынан эргинэр хампаанньаларга улаханнык оҕуста. Бүддьүөппүтүгэр биир улахан суолталаах хампаанньабыт “АЛРОСА” эһиил бары эйгэлэриттэн нолуок быһыытынан хааһынаҕа холбоон-илбээн 35,3 млрд солк. киллэрэр былааннаах. “Ити кыччааһын, бастатан туран, “Мир” рудник үлэтин тохтоппутуттан таҕыста” – диэн бэлиэтиир Светлана Линник. Манна даҕатан эттэххэ, бу соторутааҕыта Ил Дархан “АЛРОСА” салайааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр, хампаанньа президенэ Сергей Иванов эһиил үлэлэрин сүнньүн булан, ырыынакка бигэ туруктаах киириэхтэрин иһитиннэрдэ. Ону таһынан, хампаанньа социальнай бырайыактарын тохтоппот. Ити бырайыактары таҥыыга өрөспүүбүлүкэ, муниципальнай тэриллиилэр этиилэрин учуоттуур. Хампаанньа Кэтээн көрөр сэбиэтэ бу бырайыактары бигэргэтэн турар.

Түмүк

Эһиилги сыллаах бүддьүөт дохуоттаах чааһа – 188,6, ороскуота – 190,2 млрд солк. буолуоҕа. Дефицитэ 1,5 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. 2019 сылга дохуот – 126,2, ороскуот – 126,6 млрд солк. буолуоҕа. 2020 сылга дохуот – 126,1, ороскуот – 124,9 млрд солк. тэҥнэһиэҕэ. Онон эһиилгиттэн бүддьүөт дефицитин кыччатыыга, судаарыстыба иэһин төлөөһүҥҥэ болҕомтону ууруохтара. Манна биир сүрүн оруолу федеральнай структуралары кытары үлэлэһии, үбүлээһини көдьүүстээхтик туһаныы ылыаҕа.

Аграфена КУЗЬМИНА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0