«Кэлэр кэмҥэ сурук»

31.01.2020
Бөлөххө киир:

СӨ  Национальнай бибилэтиэкэтэ «Кэлэр кэмҥэ сурук” диэн аахсыйаны ыытар.

edersaas.ru

“Кэлэр кэмҥэ сурук” аахсыйаҕа ким баҕалаах кыттан, бэйэтигэр, дьонугар сурук суруйуон сөп. Суругу биирдиилээн киһи, оскуола үөрэнээччилэрэ кылааһынан, тэрилтэлэр кэлэктиибинэн  суруйуохтарын сөп. Сурук арыллар кэмин суруйааччы киһи бэйэтэ ыйар. Бу суруктар “Сандалы-Бичик” диэн ааттаах анал тыытыллыбат бэчээт пуондатыгар  харайыллыахтара. Суруктаргытын бибилэтиэкэ үлэлиир чааһыгар тиийэн, суруйан хаалларыаххытын сөп. Кэмбиэр, былаанка бэриллэр.

Ааспыт кэмҥэ тугу саныы сылдьыбыккын, былааннаргын билэр, эбэтэр оҕолоргор, сиэннэргэр баҕа санааларгын суругунан тириэрдэр ураты түгэни мүччү тутумаҥ.

Ньургуйаана Иванова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

Иһиттиннэрии СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин социальнай ситимиттэн

Хаартыска интэрниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0