«Кэлэр кэм дипломата» — Уус Алдаҥҥа

Бөлөххө киир:

Үөрэнээччилэргэ туһуланан ыытыллар «Кэлэр кэм дипломата»  өрөспүүбүлүкэтээҕи XIII күөн күрэс  тэрийэр кэмитиэтэ Уус Алдан улууһугар Бороҕоҥҥо тиийдэ. Манна илин эҥээрдэр оскуолаларын оҕолоругар куонкурус иккис кэрдииһэ ыытыллар. Бу туһунан биһиэхэ СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин пресс-сулууспатыттан иһитиннэрдилэр.


Күөн күрэс үгэс курдук үс кэрдииһинэн ыытыллар: оскуолаларынан, зоналарынан уонна түмүктүүр күрэс. Тохсунньуга тэрийэр кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ Бүлүүгэ бара сылдьыбыттара, олунньу бүтүөр диэри Намҥа тахсыы былааннанар. Ол кэнниттэн, Дьокуускайга зональнай күрэс ыытыллар. «Кэлэр кэм дипломата» бырайыак  дипломатическай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэҕэ дьоҕурдаах оҕолору буларга, Арассыыйа тас бэлиитикэтигэр үүнэр көлүөнэ болҕомтотун тардарга туһуланан былааннаахтык уонна тиһиктээхтик ыытыллар.
Манна өрөспүүбүлүкэ бары муннугуттан оҕолор кыттар буолбуттара күөн күрэс сыллата далааһыннанан, кэҥээн иһэрин туоһулуур. Ол курдук, 2016 сыллаахха куонкурус бары кэрдииһигэр 200-тэн тахса үрдүкү кылаас оҕолоро кыттыбыт буоллахтарына, 2018 сылга 500-тэн тахса оҕо кыттыбыта. 2016 сыллаахха Дьокуускай куораттан 15 оскуола кыттыбыт буоллаҕына, 2018 сылга 26 оскуола кыттыбыта биллэр.
Зональнай кэрдиискэ аан дойду бэлиитикэтигэр тирээн турар боппуруостарга уонна норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа дебат ыытыллар. Маны сэргэ, күөн күрэскэ омук тылын үчүгэйдик билии, дьон-сэргэ иннигэр ылыннарыылаахтык, чобуотук саҥарыы, бэйэ позициятын сатаан дакаастааһын, көмүскээһин уонна мөккүөрү дьүүллэһии  сыаналанар.
СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэриттэн турар күөн күрэс хамыыһыйата, иккис кэрдиис түмүгүнэн, кулун тутарга Дьокуускайга ыытыллыахтаах түмүк күрэскэ кимнээх кытталларын быһаарар. Күөн күрэс муҥутуур кыайыылааҕа РФ Бэрэсидьиэнин дьоҕурдаах ыччаттары өйүүр бириэмийэтигэр түһэриллэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0