Бэҕэһээ, тохсунньу 31 күнүгэр 2018 сыллааҕы үлэ түмүгүн таһаарар отчуокка Майя Данилова, СӨ экэниэмикэтин миниистирэ: «Сахабыт сиригэр экэниэмикэ сайдыыта 5% тиийдэ, бу дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк көрдөрүү.
Бу манна сир баайын эрэ хостооһун киирбэт, инфляция тэтимэ бытааран, нэһилиэнньэ дохуота 2% диэри эбилиннэ, Уһук Илин биһиги манан эмиэ чорбойдубут. Ону таһынан, экэниэмикэ сайдыытын чаҕылхай туоһута — былырыын аан бастаан өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорон таһаарыы суумата 1 триллион солкуобайы куоһарда», — диэн иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Ону таһынан, 2032 сылга диэри Саха сирин социальнай-экономическай сайдыытын стратегията сокуон быһыытынан бигэргэннэ. Онно 27 улуус уонна уокуруктар сайдыыларын тосхоло киирдэ. Быйыл сыл устата судаарыстыбаннай бырагыраамалар оҥоһуллуохтара.
В. Путин сүрүннээбит 12 Национальнай бырайыагыттан өрөспүүбүлүкэ 11-гэр кыттыаҕа. Холобур, олорор дьиэни тупсарыы бырайыак чэрчитинэн, саахалланар туруктаах хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ 2024 сылга диэри 60 миллиард солкуобай үп федеральнай киинтэн киириэҕэ. Уопсайа 51000 киһи саҥа дьиэҕэ көһүөхтэрэ.
СӨ экэниэмикэтин миниистирин солбуйааччы Василий Десяткин этэринэн, кэлэр биэс сыл иһигэр 1000 тахса килэмиэтир эрэгийиэннээҕи суол-иис өрөмүөннэниэҕэ, Дьокуускай тула 201 км усталаах суол саҥардыллыаҕа. Итиэннэ массыына харыыта аҕыйыырын туһугар кыараҕас суоллар кэҥэтиллиэхтэрэ.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru