“Кэлэйии” кэпсээн. Салгыыта (7-8 чааһа)

Ааптар:  Родион Данилов - Ородьумаан
19.01.2025
Бөлөххө киир:
Хаартыска: www.perfectstock.ru

Ньургун кыыһынаан Виленалыын сиэттиһэн баран хаамсан иһэллэр. Иккиэн холбоһон ыал буолуохпут диэн ыраламмыттара даҕаны, дьонноро эр биир батынан кэбиспиттэрэ.

Ама, ол дьонноро быыбарга сатаспатахтарын иһин, кинилэр тапталлара атырдьах салаатыныы арахсыа, уостуо дуо? Суох! Кинилэр хатыҥнар быыстарыгар киирэн хаһан да ыытыһыа суохтуу, ыга куустуһан турдулар. Вилена иэдэһинэн хараҕын уута сүүрэр, Ньургуна өрө эрэ тыынар уонна кыыс хараҕын уутун сотор.

— Дьоммутуттан бардыбыт дии. Саатар, мин оҕолоноору сылдьабын. Ханна барабыт, оҕобут ханна олорор буолар? — диэн кыыс Ньургуну эбии аймаата, долгутта. Кинилэр бу курдук эрэ түөрэ эргийиэ дии санаабатахтара.

Төттөрүтүн иккиэн аҕалара тойоттор буолан, өссө эбии өйдөһөн, байан-тайан олоруохпут дии санаабыттара ханна баарый.

— Чэ, Вилена, тугу эмэ токкуйдуохпут, көстөн иһэр ини. Санаарҕыыр, долгуйар оҕоҕо куһаҕан дииллэр этэ.

— Тоҥнум, аччыктаатым, Ньургун, ханна барабыт… оҕобут хайдах буолар? — диэн кыыс эппитигэр Ньургун ыксаан ханна да барыах-кэлиэх сирин булбата.

Саакычча үлэтинэн улууска үс хонон баран киэһэ дьиэтигэр кэллэ. Ханна эрэ корпоративтаан холуочуйбут.

— Хайа, били кыыспыт билиннэ дуо? — Саакычча дьэ өйдөөбүттүү ойоҕуттан ыйытар.

— Суох. Барбыта да суох. Эйигиттэн ыйытаары сылдьыбытым. Эн дьоҥҥор дэриэбинэҕэ барбатаҕа дуо? Төлөпүөнэ арахса сылдьар, — диэн эригэр эппитигэр, дьонугар эрийэ сылдьыбытын “суох, кэлбэтэҕэ” диэтилэр. Онуоха дьэ өйдөнөн айманнылар.

— Үнүр барыам иннинэ өсөһөн тахсыбыта. Били, Баанньыска уолун кытта билсэр эбит. Ону мөхпүтүм.

— Хайа, оччоҕо оҕобут сүппүт дуо? Эн быыбарыҥ айдаана! Эбиитин кыыспыт хат буолбута…

— Өссө диэ! Көр да маны! Оччоҕо көҥүлэ суох Баанньалаахха бардаҕа дии! Кыыспар оҕо оҥорбуттарын, бэлэм сылтах эппиэккэ тардыам! Билигин мин тиийиэм кинилэргэ! — Саакычча бараары таҥынна.

— Барыма! Кыыскын оҕолоон баран быраҕан бэйэҕин күөрт ыт күлүүтүгэр киллэриэхтэрэ! Соруйан да гыммыттара буолуо! — ойоҕо этэрин истибэккэ Саакычча ааны хайа быраҕа сыһан тахсан барда.

Александр Терентьевич массыынатынан айаннаан Иван Ксенофонтовичтаахха тиийдэ. Баанньыска дорооболоһон илиитин биэрбитин ылбата.

— Кыыһым ханна баарый?! — диэн сирэйэ дэлби барыахтыы бобуллаҥныыр.

— Ханнык кыыһы этэҕин?

— Билбэтэҕэ буолума! Уолгут мин кыыспын күрэппит.

— Манна аҕалбатаҕа. Уолбутун бэйэбит сүтэрэн баран олоробут.

— Оччоҕо уолгут кыыспын ханна гыммыта биллибэт эбит дуо?!  Хаһан мин суолбуттан туоруур киһигиний? Миэхэ мэлдьи моһол буолаҕын! — Саакычча эбии холуочуйан тугу саҥарарын да билбэт курдук.

— Эс! Мин эйиэхэ моһол буола иликпин. Хата, эн мэлдьи миигин буулуугун! Быыбар иннинэ эдэр уолаттарга төлөөн миигин кырбаттарбыккын билбэтэ буолуо диигин дуо? Мин эйиэхэ биир куһаҕан тылы саҥара да иликпин, эн эбиитин миэхэ дьиэбэр кэлэн киэптиигин уонна өссө атаҕастаммыт буолаҕын дуо? — Иван Ксенофонтович холку бэйэтэ куолаһа титирэстээн ылла. Саакычча тугу эрэ этээри кыбдьырынан баран, Баанньысканы охсон саайда. Биирдэһэ аһыттаран биэрэн баран, мээнэ садьыйбытыгар өлүү түбэлтэлээх, тэлгэһэҕэ сибэкки иһитигэр төбөтүнэн түстэ. Куйахатын хайа түһэн хаана ыһылынна. Ыксаан суһал көмөнү ыҥырдылар. Ону кытта полиция эмиэ кэллэ.

— Дьэ, суукка эппиэттэппэтэхпинэ мин буолуоҕум! Дьокутааттаан бүтүөҕүҥ! — диэн Саакычча саана-саана хаанынан соруйан таҥаһын бистэн дьабахтанар. Уонна уоһун ханньатан ымаҥныыр.

— Бу биһигини туох киһитэ буулаата? Быыбарга хотторбутун биһигинэн таһаарар! — Баанньыска кэргэнэ этэр. Баанньыска дьиэтигэр киирэн сытынан кэбистэ. Төбөтүгэр араас санаалар элэҥнииллэр.

— Ваня, уолбут кинилэргэ баара буолуо дии санаабыппыт атын күтүр буолла дии. Хайдах буолабыт? Төлөпүөнэ да арахса сылдьар.

— Сарсыарда көрдүү барыахпыт — диэтэ Иван Ксенофонтович.

Сарсыныгар полиция үлэһиттэрэ кэлэн бэбиэскэ туттардылар.

Саакычча: “Иван Ксенофонтович миигин дьиэтигэр албыннаан ыҥыран баран кырбаата” — диэн ис хоһоонноох сайабылыанньа суруйбут

Салгыыта бэчээттэниэ. Иннин манна аах.

+1
21
+1
4
+1
2
+1
0
+1
2
+1
0
+1
2