Саакыччалаах Баанньыска биир оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Баанньыска туйгун үөрэнээччилэр бочуоттаах дуоскаларыгар мэлдьи тахсара. Көхтөөх кыттааччы бэрдэ буолан учууталлартан өрүү хайҕанара. Кыргыттар да сэмээр уолу кытта билсэ сатыыллара.
Ол иһин Саакычча Баанньысканы сөбүлээбэт этэ. Аны билигин быыбарга бииргэ түбэһэн иһэ буһар, кыйыттар. Дьон эмиэ Баанньысканы биһирээн талыа диэн бары моһолу оҥоро сатыыр.
Дебат диэннэригэр ыҥырбыттарын барбата. Кини үлэтин көрдөрүүтэ мөлтөҕүн, Баанньыска гиэнэ ордугун санаан буолуммата. Тэлэбиисэргэ устуохтара, ыйытык биэриэхтэрэ, онно туох диэн хоруйдуой. Ол иһин “сыыла сылдьан сыарҕа быатын быһан” пиарданарын сөбүлүүр.
Бүгүн Тиэхээннээх нэһилиэктэригэр Александр Терентьевич мунньахтыы кэлбит. Кини айылҕа харыстабылын тойонун солбуйааччытынан үлэлиир. Хараны көрөн туран үрүҥ диэн кэпсиирин иһин биир киһи тулуйбата, тыл көрдөөн эттэ-тыынна.
Ол кэннэ аны Баанньыскалаах ыстааптарын дьонун кытта кэллилэр. Иван Ксенофонтович бэйэтин тустаах үлэтин таһынан уопсастыбанньык быһыытынан, көмүсчүттэр саас өрүһү быһыттаан кэбиспиттэрин туруорсан хомуйтарбыт. Бөхтөрүн-сахтарын мээнэ ыспыттарын-тохпуттарын ыстарааптаппыт.
“Хайа, били, үнүр кэлэ сылдьыбыт хандьыдаат, айылҕа харыстабылын тойоно хамнастаах үлэтин үлэлээбэт хандьыдаат” — диэн Баанньысканы сөхтүлэр.
Аҕыйах хонон баран Баанньысканы уулуссаҕа кимнээх эрэ кырбаабыттар. Ону Саакычча эбэн-сабан: “Иван Ксенофонтович итирэн баран охсуспут, хараҕа көҕөрбүт” — диэн суруйан интэриниэтинэн сымыйа сураҕы тарҕатар.
Тиэхээннээх Баанньысканы ыҥыран аҕалан дьиэлэригэр хоннорбуттара. Кини үтүөтүн дьоҥҥо кэпсииллэрэ. Саакычча албына-көлдьүнэ арыллан, кирэ-хоҕо ыраас мууска ууруллан быыбарга хотторбута. Онтон сылтаан Саакычча Баанньыскаҕа таала өссө кырыыламмыта.
Түбэһиэҕин түбэһиэх Баанньыска уола Ньургун Саакычча кыыһа Виленаны таптыыра. Оҕолор барахсаттар төрөппүттэрэ атааннаһалларын хантан билиэхтэрэй, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан сылдьыбыттара да ыраатта.
Ньургун Виленаны кытта холбоһуохтаахтарын дьонугар этиэхтээх. Сороҕор аҕата үлэтинэн командировкаҕа барар, ол иһин сөптөөх түгэн көстүбэккэ эппэккэ хаалар. Ньургун бүгүн ийэтигэр этэргэ сананна.
— Ийээ, аҕам хаһан кэлиэҕэй?
— Дьокутаат буолуоҕуттан үлэтэ эбии элбээтэ, сарсыҥҥа диэри кэлэр ини. Туох баарый тоойуом?
— Ээ, оттон, мин наадалаах этим — уол кыбыстан сирэйэ кытарар.
— Аҕаҕар дуо?
— Киниэхэ эрэ буолуо дуо. Төрөппүттэрбиттэн ыйытаары… туох кистэлэ кэлиэй ийээ. Мин ыал буолаары сылдьабын…
— Бэрт дии, тоойуом. Киһи эрэ таптыыр, киһи эрэ ыал буолар. Сааскын ситэн үөрэххин да бүтэрдиҥ — ийэтэ үөрэн сэгэс гынна. Ханнааҕы кыыһый?
— Маннааҕы ыаллыы нэһилиэк кыыһа. Аҕата тойон Александр Терентьевич диэн — Ньургун киэн туттубуттуу ыраас баҕайытык көрөр. Өссө да кыыһын туһунан, үчүгэйи кэпсиэҕин ийэтэ, иһит сууйа туран чааскытын мүлчү тута сыста.
— Ийээ, аата Вилена диэн. Эмиэ үөрэҕин бүтэрбитэ. Учуутал идэлээх.
Ньургун ийэтэ саҥарбат буолбутун дьиктиргии көрдө, — ийээ кини туох да куһаҕана суох кыыс, — Ньургун кыыспын сирдэ дии санаан өрүһүспүттүү саҥарар.
Ол кэмҥэ Саакычча дьиэтигэр кыыһын Виленаны мөҕөр.
— Хотуой! Ити Иван Ксенофонтович уолун кытта билсэҕин дуу, тугуй?! Төлөпүөҥҥэр барыта кини хаартыската көстөр! Дьэ, отой киниэхэ чугаһаан көр! — аҕата эппитигэр кыыһа бастаан бөтө бэрдэрэн тугу да саҥарбата.
— Өйдөөтүҥ ини? Сотторон кэбис! Уонна киниэхэ чугаһаама! — Саакычча кыыһын төлөпүөнүгэр үүт-үкчү Баанньыска эдэр эрдэҕинээҕитин курдук уола олорор этэ.
— Аҕаа, мин кимниин да билсиим! Ону эн быһаараҕын дуо?
— Төрөппүт быһаарбакка уонна ким быһаарар?!
— Ол эн быыбарга хотторбуккар, биһиги туохпут буруйай! — кыыһа этиититтэн Саакычча эбии кыйытынна. Эттээх сирэйэ, эбии дэлби барыахтыы кытарда. Кыыһын баттаҕыттан тардыалаата. Онуоха Вилена ытыы-ытыы дьиэтиттэн сүүрэн таҕыста.
Салгыыта бэчээттэниэ. Иннин манна аах.
Родион Данилов-Ородьумаан.