“Кэлэйии” кэпсээн. Салгыыта (3-4 чааһа).

Ааптар:  Родион Данилов-Ородьумаан
16.01.2025
Бөлөххө киир:
Хаартыска: www.perfectstock.ru

Тиэхээн эмээхсинэ Сөдүөрэ оҕонньоро Дьокуускайга барбыта да ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтүгэр, санааҕа ылларда. Онон көрдүү барарыгар тиийдэ. Оҕонньоро барбытын курдук борохуотунан буолбакка, уу аала – ракетанан айаннаата.

Дьоҕус аал уоҕун ылан, иннигэр хайыһардаах буолан өрө көтөҕүллэн уу кырсынан дайан ууну өрө күдээритэн иһэр. Сарсыарда эрдэ араҕан баран киэһэ алта саҕана Дьокуускайга тиийдэ.

Куоракка биир да аймахпыт, оҕолорбут олохсуйбатахтара эрэй эбит дии санаата Сөдүөрэ. Ол да буоллар социальнай ситим бөлөҕө баара абыраата, онтон ыйыталаһан, дьүөгэтин нүөмэрин булан онно түстэ.

Сарсыныгар Саакыччаҕа тиийэн тугу саныырын барытын эттэ. Хас эмэ сылы мэлдьи бэрийтэрэн баран, оҕонньорун саатар аҕыйах хоннорон балыыһаны булларбатаҕын, оҕонньоро сүппүтүн ытамньыйан туран үҥсэргээтэ, кэлэйбитин эттэ. Саакычча онно да улаханнык таарыйтарбыта биллибэт. Хата ойоҕо эрин көмүскэһэн эмээхсини үүрэн кэриэтэ таһаарда.

“Киһи байдаҕына, улааттаҕына итинник буолара буолуо дуо? Тоҕо сүрдэрэй!” – диэн Сөдүөрэ кэлэйэн сиргэ силлээтэ.

Тиэхээн төһө өр сыппыта биллибэт. Өйүн сүтэрэн баран өйдөммүтэ, ханнык эрэ ыалга аҕалбыттар эбит. Уу иһэрдибиттэригэр арыый да хараҕа сырдаан кэллэ.

Кырдьар диэн кырыыс буолар эбит. Эдэрэ буоллар ити муннуларын уоһахтара куура да илик молохочуостарга бэринэн бэрт. Аармыйаҕа сылдьан, икки уол көмөлүү сатаабытын бэриммэтэҕэ. Уһун хатыҥыр Москва уолаттара түспүттэрин, эр биир кум-хам тутан кырыһы кирдэрбитэ, хара буору уоптарбыта. Дьыалаҕа эриллиэм диэн сутуругунан охсуталаабатаҕа. Тустуунан дьарыктаммыта элбэхтик туһалаабыта. Ол бэйэтин ити бэдиктэр, эмэҕирбит баҕананы курдук түҥнэри көтөн, халаан аастахтара.

Тиэхээн арыый да бэттэх кэлэн ыаллары кытта билсэн чэйдээтэ. Кэпсэтэн билсибитэ, били, бииргэ сулууспалаабыт атаһа, уолун интэринээккэ миэстэ суоҕун иһин кинилэргэ олохтоору көрдөспүт уоллара Баанньыска эбит. Ол кэмҥэ Баанньысканы олордубакка, Саакыччаҕа мэҥийбит кэмнэрэ этэ. Саакычча улаатан, дьокутаат буолан баран биир хоннороот түҥнэри хайыспыта. Ону баара бу Баанньыска кинини өрүһүйэн, дьиэтигэр маанылыы олордоҕо. Тиэхээн ити түгэнтэн кыбыста быһыытыйда.

— Аҕаҕын кытта өрдөөҕүтэ аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыппыт, — диэн сүрэх баастаах оҕонньор, аны мантан үүрүөхтэрэ диэбиттии этэр.

— Билэбин, аҕам кэпсээччи, — диэн Иван Ксенофонтович, хата, кимнээҕэр эйэҕэстик кэпсэтэр. Биир дойдулааҕын көрсөн үөрбүт дьүһүннээх.

Баанньыска, билиҥҥитэ Иван Ксенофонтович үрдүк үөрэҕи бүтэрэн улахан тэрилтэ дириэктэрэ. Сотору быыбарга хандьыдаатынан туруохтаах эбит.

Сарсыныгар Тиэхээни балыыһаҕа илдьэн кэпсэтэн, эбиитин бэйэтэ төлөөн, уочарата суох хамыыһыйатын аһарта. Дьолго, ыарыыта улахана суох эбит. Балыыһаҕа ый курдук сытан эмтэнэргэ анаатылар. Тиэхээн үтүө санаалаах Баанньыскаҕа хайдах да махтаныан булбата.

Тиэхээн эмтэнэн үтүөрэн, сирэйэ-хараҕа сырдаабыт. Эмээхсинэ көрдөөн булан балыыһаҕа кэлбитэ. Куһаҕан да үчүгэйдээх диэбиккэ дылы, оҕонньорун көрдүү кэлэн баран бэйэтин көрдөрүннэ. Иккиэн сытан эмтэнэн баран дойдулаатылар.

Аҕыйах кэм иһигэр дьиэлэрин ахтыбыттар. Дьиэлэрэ туора дьон көрдөҕүнэ, самныллыбыт эргэ курдугун иһин, тустаах дьоҥҥо ахтылҕаннаах бөҕө буоллаҕа. Ыттара иччилэрэ кэлбиттэрин көрөн, бэйэлэринээҕэр ордук үөрбүттүү эккэлиир, кутуругун эрийбэхтиир, икки атаҕар өрө туран сирэйдэрин салаамахтыыр.

Күтэрдээн сиэбит буолан мээнэ мөлтөппөтөх. Сөдүөрэ ыалыттан тахсан куоскатын киллэрдэ.

Куораттан бакыаттаах куоска аһылыгын аҕалбытын иһитигэр табыгынатан кутан биэрдэ.

Тиэхээннээх улуустарыгар дьокутаат быыбара буолуохтаах. Ол испииһэккэ көрбүттэрэ, арай, Саакыччаны кытта Баанньыска хандьыдаатынан бааллар эбит.

Сөп түбэһэрэ да баар. Быыбарга кыайдахтарына Дьокуускайга олорон улуустарын көрөр-истэр, салайар дьокутаат буолаллар эбит. Эчи дьокутаат да элбэҕэ бэрт. Нэһилиэктэринэн кэрийэн аҕытаассыйа ыыталлар үһү диэн сурах кэллэ. Александр Терентьевич — Саакычча элбэх билсиилээх киһи кыайара буолуо дэһэллэр. Дьиҥэр, Иван Ксенофонтович — Баанньыска норуот киһитэ кыайара буоллар дии саныыллар.

Быыбар чугаһаан, Саакычча мэтириэтин, этэргэ дылы, хас баҕана аайы иилбиттэр. Сыаналаах баннердар тиийэ көстөллөр.

Онуоха холоотоххо Баанньыска киэнэ бэйэтин курдук боростуой. Бэйэтэ даҕаны атыттар курдук “мин манныкпын, ордукпун” диэн түөһүн охсуммат, арбаммат.

Бүгүн Сөдүөрэ маҕаһыыҥҥа бара сылдьан сонуннаах кэллэ:

— Оҕонньоор, били, Баанньыска уолбут дьэ биирдэ баннер иилбитин кимнээх эрэ хайа тардан кэбиспиттэр. Саакычча киэнэ тоҕо эрэ турар ээ.

— Кэм буолуо. Саакычча “үлэтэ” буолуо. Дьэ эмиэ кирдээх быыбар саҕаламмыт. Хаарыан уолу Баанньысканы “сиэн” саҕалыахтара, — Тиэхээн кэлэйбиттии иҥиэттэр. Уолу аһыннар да хайыыр да кыаҕа суоҕуттан абарда.

Салгыыта бэчээттэниэ. Саҕаланыытын манна аах.

Родион Данилов-Ородьумаан.

+1
26
+1
0
+1
0
+1
2
+1
7
+1
0
+1
2