Иннин бу сигэлэринэн ааҕыҥ:
1-2 чааһа: https://edersaas.ru/kelejii-kepseen/
3-4 чааһа: https://edersaas.ru/kelejii-kepseen-salgyyta-3-4-chaaha/
5-6 чааһа: https://edersaas.ru/kelejii-kepseen-salgyyta-5-6-chaaha/
7-8 чааһа: https://edersaas.ru/kelejii-kepseen-salgyyta-7-8-chaaha/
Борбуос Буруонньа бүгүн иһэн баран, уулуссаны икки гына хааман иһэр. Быыбар кэмигэр Саакычча бу киһиэхэ төлүөх буолан Баанньысканы кырбаттарбыта уонна көҕөрбүт сирэйдээх хаартыскатын тарҕатан, аргылаан охсуспут курдук көрдөрө сатаабыта. Буруонньа соҕотох да буолбатах, сирэйдэрин саптан баран иккиэ буолан өмүтүннэрэн саба түспүттэрэ.
Ол онон ааспыта эрээри, Саакычча харчытын сороҕун төлөөбөтөҕүн иһин Буруонньа итирэн баран тыл быктарбыта тарҕаммыта. Ону Баанньыска бырааттара билэн баран ээҕин этитэн билиннэрбиттэрэ.
Суут буола турар. Александр Терентьевич-Саакычча эмсэҕэлээбит киһи оруолун толорон, улаханнык атаҕастаммыт киһилии туттан турар. “Быыбарга кыайбытыҥ иһин суукка баҕас хотторор инигин! Силлибэт сиргиттэн ыллардыҥ ини сиргидэх! Хаайыы харахтаныаҥ! Түрүмэҕэ түүнүгүрүөҥ!” — Саакычча Баанньысканы өһөхтөөҕүнэн кынчыаттыыр. Иван Ксенофонтович аҕыйах кэм иһигэр санааҕа ылларан дьүдьэйбит көрүҥнээх.
Суукка Тиэхээн эмээхсининээн Сөдүөрэлиин кэлбиттэр. Баанньыска бырааттара Борбуос Буруонньаны аҕалбыттар уонна Саакычча Баанньысканы көбүөлээн дьиэтигэр кэлэн дарбыйан дибдийбитин көрбүт кэрэһит ыкса ыала киһи баар. Бу дьону Саакычча атыҥырыы, салла көрдө.
Сөдүөрэ эмээхсин тыл көрдөөн эттэ:
— “Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар” диэн өс хоһоонун сөпкө да айбыттар. Биһиги бу Александр Терентьевич оҕо сылдьан аһаҕас халлааҥҥа хаалбытын иитэ кэриэтэ ылан олордубуппут, уол оҕобут суох буолан төрөппүт оҕобут курдук маанылаабыппыт. Онтон кырдьан, ыалдьан оҕонньорум балыыһаҕа көрдөрүнэ киирбитин балыыһаны саатар булларбакка, уулуссаҕа атаарбыт этэ. Ону, хата, Иван Ксенофонтович абыраабыта. Бэйэтэ төлөөн да эмтэппитэ. Бу Александр быыбарыгар дебакка кэлбэккэ гынан баран, ити Баанньаны дьону кигэн кырбаттарбыт этэ. Уонна өссө бэйэтэ билигин атаҕастаммыт буолан тураахтыыр. Дьэ буолар да эбит! Кэлэйэн да диэн төһөнү кэлэйиэхпитий!
— Ити түөһэйбит эмээхсини итэҕэйимэҥ, мин кими да кигэн кырбаттара иликпин!
— Дьэ тукаам, билиҥҥитэ түөһэйэ иликпин. Эн быһыыгын, куһаҕан кэмэлдьигин илэ өйбүтүнэн биллибит! — Сөдүөрэ кэлэйбиттии иҥиэттэр.
— Баһаалыста, миэхэ тыл биэриэххит дуо? — диэн тыл көрдөөн Буруонньа Саакычча Баанньысканы хайдах кырбаттарбытын кэпсээтэ.
— Бэйи атыҥҥа халыйан бараары гынныбыт — диэн судьуйа Саакычча хайдах кырбаммытын дьүүллүүргэ көстө.
Онуоха барытын илэ хараҕынан көрбүт Баанньыска ыкса ыала киһи кэрэһит буолан кэпсээтэ. Саакычча ыалга бэйэтэ ыһыытаан-хаһыытаан кэлэн, эбиитин хаһаайыны охсубут, ону биирэ аһаран биэрэн баран садьыйбытыгар сибэкки олордор күрүөҕэ куйахатын хайа түспүтүн эттэ.
Онон суут аны Саакычча буруйун өртүгэр көһөн, хаттаан дьыалата тэриллэн, бэйэтэ сууттанар буолла.
Саакычча ыгылыйан төбөтүн иһэ “дууҥ-дааҥ” курдук буолла.
“Киһи эриэнэ иһигэр, сүөһү эриэнэ таһыгар” кырдьык үрдүгэр сымыйаны ытыннара сатаабыт сордоох дууһа! Дьэ маннык дьокутааттар салайан олороллор. Быыбарга хайдах маннык киһини талбыппытый?” — диэн дьон саҥата Саакычча кулгааҕар ыарыылаахтык иһиллэр. Саха өс хоһоонноро киниэхэ ананан төбөтүн баалкылыыр курдуктар. Бу чаһыбын кэтэртилэр дуо? Суох наручник эбит! Эрэй да буолсу — Саакычча аргы испэккэ да итирбит курдук ээл-дээл буолан барда.
Бу кэмҥэ Ньургуннаах Вилена уулусса устун хаамсан иһэллэр.
— Ньургун, аччыктаатым… бүгүн ханна хонобут? …Оо, оҕобут тоҕо эрэ хамсаабат буолбут дии, — диэн Вилената эбии аймаата. Икки кыахтаах дьон оҕолоро маннык эрэ буолуохпут дии санаабатахтара. Дьылҕа хаан киһини бэйэтэ билэринэн, хайа баҕар диэки хайысхалыан сөп. Эн баай да, дьадаҥы даҕаны буол. Эн күн сиригэр ытаан бэбээрбитинэн сыгынньах ийэттэн түспүтүҥ. Киһиттэн уһулуччу буоларыҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах.
Ньургун ыксаан дьонугар барарга сорунна.
Дьонун куттаан өсөһүн, хадаарын көрдөрөр кыаҕа да суох буолла. Вилена ытыырын тулуйбат буолан барда.
— Уоскуй, чыычаах, чэ. Мин дьоммор барыахха…
— Эн дьоҥҥуттан куттанабыын, мин аҕам кинилэр иннилэригэр буруйдаах дии.
— Мин дьонум өс-саас диэни туппаттар — диэн Ньургун кыыһын илдьэ барда.
Тиийбиттэригэр, дьоно кыыһырыахтааҕар үөрэ көрүстүлэр. Ол да буоллар Вилена син биир толлор. “Уоллара көстүбүтүгэр үөрдүлэр” дии саныыр. Бу ыалга кэлиэҕиттэн аҕатын оннугар кини эмиэ хайдах эрэ буруйдаах курдук сананар.
Иван Ксенофонтович кыыс кини диэки куттаммыттыы чоҕулуччу көрөрүн иһин алы гынаары эттэ:
— Тоойуом, эн куттаныма, манна бэйэҥ дьиэҕэр курдук санан. Биһиги атааннаһыыбытыгар эһиги туох да буруйгут суох — диэн уонна да атын истиҥ тыллары эппитигэр кыыс долгуйан хараҕын уута таҕыста.
Ким эрэ кинини аһыннаҕына оҕо эрдэҕиттэн ытыыр идэлээх. Ити үлүгэр кэннэ кини аҕатыгар да өс туппат, туох үтүө санаалаах киһитэй дии санаата. Кини санаатыгар, тойон буолла да бардам, улахамсык курдук көрөр. Онто үтүө санаалаах тойон баарын бу Ньургун дьонугар олоруоҕуттан биллэ. Вилена балыыһаҕа сытан таҕыста.
Ньургун дьонугар сиэн бэлэхтээри сылдьарын билэн, кинини эбиитин сарыысса курдук көрөр буоллулар.
Вилена үөрэнэ сылдьан оҕолор “сиэмэх тойоттор”, “албын быыбар”, “быыбар эрэ кэмигэр норуот диэки хайыһаллар, мэҥийэллэр” эҥин диэн кэпсэттэхтэринэ бэйэтин аҕатыгар ылынан кыбыстан, истибэтэҕэ буолан кэпсэтиини атыҥҥа иэҕэр этэ.
Билигин ийэтин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэр. Александр Терентьевич кырдьыга арыллан, сууттанаары сылдьар.
Биир үтүө күн эмиэ кыра холуочук Иван Ксенофонтовичтаахха киирэн кэллэ. Дьиэлээхтэр бары да соһуйдулар. Вилена аҕатын көрөн кыбыстан сирэйэ кытарда. Дьиэлээхтэр кыыһын сылгылыы кэллэ дии санаатылар. Саакычча ааспыттааҕытын курдук бардамнаабат, кута-сүрэ тостубут көрүҥнээх.
— Дорооболоруҥ. Иван Ксенофонтович, баһаалыста, таһырдьа тахса сылдьыаҥ дуо? Кэпсэтии баар — диэн ыҥырда. Хаһан да “баһаалыста” диэн тылы туттубат бэйэтэ, тоҕо эрэ ньуолбаарбыт. Иван Ксенофонтович таҕыста.
— Дьэ, Уйбаан, сыыһа быһыыламмыппын бырастыы гыныаҥ дуу — Саакычча илиитин биэрэр.
— Оттон киһи эрэ алҕаһыыр баҕайыта. Сааһыран түспэтийэн көнөн иһиэхпит буоллаҕа — Иван Ксенофонтович кимиэхэ да өс туппат киһи сиэринэн илиитин биэрэр.
— Эбиитин аймахтыы буолбуппут эбит дии доҕор. Кыыһым манна баар эбит — диэн Саакычча чахчы үөрбүт дьүһүннээх.
— Оннук. Сотору иккиэн эһээ буолуохпут. Дьиэҕэ киириэх, чэйдиэхпит. Оҕолор да үөрүөхтэрэ.
— Тыый, өссө эһээ буолуохпут диэ. Уол оҕо буоллаҕына эн ааккын биэриэхпит — Саакычча ытыһын лас гына охсунар.
— Билбэтим. Баҕар, эн ааккын да буоллун. Иккиэн сэрэбиэйдэһиэхпит.
— Ээ Саша, Ваня буолуоҕунааҕар сахалыы ааты булуохпут. Арба да, Уйбаан, көрдөһүүбүн этэн кэбиһиим. Били, суукка биэрбит сайабылыанньаҕытын төттөрү ыларгыт буоллар. Оҕолорбут ыал буолаары сылдьар кэмнэригэр сууттаһа сатыыр соччото суох.
— Ээ сөп. Төттөрү ылан бөҕө буоллаҕа. Биһиги өс-саас туппат дьоммут. Чэ, дьиэҕэ киириэх — диэтэ Иван Ксенофонтович.
Дьиэлээхтэр эмиэ охсуһуу буолбат ини диэн тыыммакка да кэриэтэ иһиллии олорбуттара. Иккиэн күлсэ-күлсэ киирбиттэригэр үөрэн күө-дьаа буола түстүлэр.
Сарсыныгар устунан киһилии Виленаны ыйыта бардылар, уруу тэрийиэх буоллулар.
Эйэ эрэ эҥэрдэстин, дьол эрэ тосхойдун!
Бүтүүтэ. Иннин манна аах.
Родион Данилов-Ородьумаан.