Тиэхээн оҕонньор сааһыран, ыарытыйар буолла. Быраастар Дьокуускайга баран көрдөрүнэригэр анал сурук биэрдилэр. Кытта кырдьыбыт эмээхсинэ эмиэ санааҕа ылларда.
— Оҕонньоор, онно тиийэн, ханна түһэриҥ эбитэ буолла? — эмээхсинэ куоракка барбатаҕа быданнаабыт оҕонньорун ханна түһэрин тобула сатыыр. Онно үөлээннээхтэрэ да бүттүлэр. Кыргыттара улаатан, сүктэн хоту улуустарынан барбыттара. Сиэннэрин үксүн хаартысканан эрэ көрөллөр. Хаһан эмэ кэлэ сылдьаллар. Саатар, хайалара да Туймаадаҕа олохсуйбатах.
— Били, Саакычча уол аадырыһын булбут киһи, — Тиэхээн туох эрэ үчүгэйи санаан эрэрдии ымах гынар.
— Арба, кини баар этэ дуу. Дьокутаат буолан көммүт сурахтааҕа. Оҕо сылдьан интэринээккэ баппатаҕар, дьоно биһиэхэ олохсуппуттара дии. Аҕыйах күн баҕас хоннорор ини. Абыраабыппыт да элбэх. Хата, бэйи дьонуттан аадырыһын ыйытыллыа — эмээхсин эгди буолла. Уола суох буоланнар Саакыччаны мэҥийэн, үксүн кинилэргэ сылдьара.
Тиэхээн оҕонньор борохуокка олорсон, Өлүөнэ өрүс таҥнары уһунна. Сүүнэ оҥочолоох аал көлө, тимир салбахтарынан эрдинэн күллүгүрэтэн дапсынар. Өрүс ньуурун күөнүнэн күрдьэн, иннин хоту дьүккүйэр.
Тиэхээн палубаҕа тахсан, Өлүөнэ очуостарын кыҥастаһар. Эдэр сылдьан манан ааһара да, улаханнык сэҥээрээччитэ суох. Сааһыран истэҕин аайы, киһини айылҕата тардар эбит. Тэлээрэ көтөр маҥан хоптолору тиийэ кэрэхсии көрөр. Эдэр сылдьан киһи онно эрэ кыһаммат курдуга. Кэнниҥ уһаан, инниҥ кылгаан истэҕин аайы өйдөнөр курдуккун.
Борокуот аал көлө доллоһуйа устан, дьоллоох Дьокуускай куоракка чугаһаата. Ону биллэрэн айаатаан дуораһытта, хоптолор соһуйан өрө көттүлэр.
Тиэхээн өрүс пуордугар киирэн уоскуйаары олоро түстэ. Биир дойдулааҕа Ньукуоланы көрсөн күө-дьаа буоллулар.
“Ханна түһэҕин? Көрсүбүччэ биһиэхэ барыахха” – диэн Ньукуола эппитигэр – манна биир билэр уоллаахпын — диэтэ Тиэхээн уонна таксига олорон куорат устун айаннаата.
Кумааһынньыгыттан эмээхсинэ кумааҕыга аадырыс суруйбутун хостоон таксистка ааҕан биэрдэ.
— Дьэ, коттеджкар кэллибит кырдьаҕас, — диэт таксист ытыһын ууммутугар Тиэхээн айанын төлөөтө.
Килэйэн-халайан дьиэ да дьиэ эбит. Күрүөтэ даҕаны таас эркиннээх, эмиэ да тимир иилээх кылдьыылаах эбит.
“Ама, атын аадырыска кэлбэтим ини” диэн кумааҕытын көрбүтэ ол эбит.
Олбуор аанын сыһаҕастаһан аһан, тиэргэҥҥэ киирбитэ, бөрө саҕа хайа эрэ боруода ыт өстөөҕүн көрбүттүү үрэн баргыйда. Ыт үрэрин истэн эдэр дьахтар тахсан ытын буойда.
— Дорооболоруҥ.
— Здравствуйте, вам кого надо?
— Саакычча манна олорор дуо?
— Ханнык Саакычча? Александр Терентьевич дуо?
— Кини, кини.
— Тохтоо, билигин ыҥырыам — диэт дьахтар дьиэҕэ киирдэ. Сотору уойан истэнэн эрэр эдэрчи киһи таҕыста. Тиэхээн бу Саакычча буоларын нэһиилэ биллэ.
— Дорообо тоойуом. Мин дии, дьээдьэ Тиэхээммин — Тиэхээн үөрэн илиитин биэрэр — билбэтиҥ дуо?
— Билэн, билэн. Дорообо. Туох баар?
— Манна куоракка көрдөрүнэ кэллим ээ.
— Кимнээххэ түстүҥ?
— Оттон бу эйиэхэ кэллим дии. Аадырыскын дьоҥҥуттан ылбытым.
— Һмм! Хҕһымм!
Саакычча ойоҕо Тиэхээни сөбүлээбэттии татыр-түтүр туттар. Оҕонньор сөтөллөн хахсайдаҕына сирэйин мырдыччы туттар. Ол иһин Александр Терентьевич Тиэхээни биир хоннорон баран эттэ:
— Ханна эрэ барарыҥ дуу, кырдьаҕаас. Кэргэним… кыра оҕо эҥин баар буолан… – диэн сороҕун ботугураан төттөрү ыйыһынна. Тиэхээн барытын өйдөөтө. Ол иһин тахсан уулусса устун мээнэ хааман иһэр.
Ханна барарын бэйэтэ да билбэт. Били, өрүс пуордугар көрсүбүт, үөлээннээҕин кытта барсан хаалбыта буоллар дии саныыр. Саатар төлөпүөнүн нүөмэрин ылбатаҕа. Оҕонньор бу сэлэспэлэрин таккыйан арыычча үөрэммитэ.
Саакычча интэринээккэ олорон оҕолору кытта охсуһан баппакка, кыһын үүрүллэн барар сирэ суох буолбутугар, уола суох буолан үөрүүлэрин кытта олордубуттара. Уол кэнники дьиэтийэн, саас Тиэхээни кытта кустаһа барсара. Саакычча куһу ылаары муустаах ууга түспүтүн Тиэхээн өрүһүйбүт да түгэнэ баара.
Кэнники Саакычча кинилэр Юпитер матасыыкылларын алдьатан, устунан ханна эрэ дьаккыйбыта да баар суол. Оҕолор кырбыылларын, атаҕастыылларын тиийэ көмүскэһэн, бэйэтин оҕотун курдук бэрийбитэ. Ол махталыгар билигин уулуссаҕа туран хаалла.
Тиэхээн Саакычча кинини хайдах көрсүөхтээҕин хараҕар тиийэ ойуулаабыта, хомойуох иһин, атын көстүү буолла.
“Дьокутаат киһи обургу балыыһаны да булларан, өрө баран өссө уочарата да суох киллэриэ буоллаҕа” — диэн эмээхсинэ дьону бэйэтинэн охсон үтүө санаалаах сиэринэн, оҕонньорун алы гынан эппитэ бу баарга дылы.
Саакычча интэринээттэн үүрүллэн кинилэргэ олорор кэмигэр, атын нэһилиэктэн аармыйаҕа бииргэ сулууспалаабыт атаһа эрийэн: “Бука, уолбун Баанньысканы олордуоҥ дуо? Интэринээттэригэр миэстэ суох эбит” — диэн көрдөспүтэ.
— Оо, манна биһиэхэ биир уол интэринэтэтэн кэлэн олорор ээ — дииригэр тиийбитэ Тиэхээн.
Киэҥ сиргэ куоракка кэлэн муммут кус оҕотун курдук сырыттахха, киһиэхэ эҥин араас санаа киирэр эбит. Олоҕуҥ тухары олорон салгыбыт ыыспаҕын да ахтар эбиккин. Бу эмээхсиҥҥин кытта үүттээх чэй иһэн сэлэһэриҥ да күндү буолар эбит. Бу кытта кырдьыбыт эмээхсиниҥ холбойбут көхсүн тарбаан биэрэриҥ, кини истиҥ мичээрэ тиийэ маннык түгэҥҥэ ахтылҕаннаах. Дьиэҕэр күн аайы салгыаххар диэри баар көстүү гынан баран, тэлэһийэ сырыттахха, ол түгэннэриҥ барыта күндү буолар эбит.
Тиэхээн ыскамыайкаҕа тиийэн олороотун кытта эмээхсинэ эрийдэ. Төлөпүөнүн холбоон баран саҥарбакка, ытаары мэрбэҥнээн эрэр оҕо курдук аллараа уостара ибигирээтэ.
— Хайа оҕонньоор, ханна бааргын? Тоҕо саҥарбаккын? — эмээхсинин куолаһа күндүркэйэн да иһилиннэ.
— Баарбын… баарбын.
— Саакыччаҥ хайа балыыһаҕа сырыттыннарыах буолла дуо?
— Суох. Кинилэртэн барбытым — диэн Тиэхээн кэпсээтэ.
— Оо дьэ. Оччоҕо билигин ханна бараҕын? — диэн эмээхсинэ кинитээҕэр ордук айманна.
Тиэхээн санаатыгар били үөлээннээҕин көрдүү сатаата да, улахан куораттан хантан булуоҕай. Халлаан киэһэрэн, талах олордуллубут аллея устун баран истэҕинэ, үс эдэр уол сүүрэн кэлэн, оҕонньору түҥнэри анньан түһэрдилэр уонна сиэбин, хаппайдаан кумааһынньыгын сулбу ойутан ыллылар. Ону былдьаһаары тарбачыспытын, быарга тэптилэр ону кытта Тиэхээн түүрүллэн сытан тыынын нэһиилэ ылла. Тура сатыыр да илиитэ-атаҕа нукаай курдук. Ааһар дьону ыҥыран илиитин уунан, саҥара сатыыр да саҥата тахсыбат. Дьон көрөллөр да “итирик киһи сытар” дии саныыллар быһыылаах, ааһа тураллар.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
Родион Данилов-Ородьумаан.