«Кэбиһиилээх от» хартыына

26.05.2019
Бөлөххө киир:

Национальнай художественнай мусуойга Михаил Старостин хартыыналарын «Времена года – времена жизни» быыстапката буолан ааста. Бүтүн аан дойдуга биллэр, талааннаах, ураты буочардаах худуоһунньук саҥа үлэлэрин күүтэр, кини талааныгар сүгүрүйэр дьон кэккэтэ Саха сиригэр сыллата хаҥаан иһэр чинчилээх. Ол курдук, худуоһунньук айар үлэтин умсугутар, дьиктиргэтэр, кэрэхсэтэр өрүттэрэ элбиир, кырааскатын күүһэ-уоҕа төлөннүрэр, киистэтин суола уустугурар.

edersaas.ru

Бииртэн биир киһи болҕомтотун тардар хартыыналары аа-дьуо астына көрөн иһэҕин. Кэнники үлэлэриттэн «Марха», «Импровизация» сериялара киһи дууһатын үүйэ-хаайа тутан элбэҕи толкуйдаталлар. Дьахтар тиэмэтэ худуоһунньук үлэлэригэр балачча киирбитэ айааччы айымньыларыгар саҥа сүүрээн киирбитин курдук көстөр. Ми­хаил Старостины «хоту дойду киһитин ырыаһытынан» ылыналлар уонна билинэллэр. Кини үлэлэригэр Хоту дойду, аатырбыт балыксыт, булчут, буойун, эр киһи туһунан араас дьүһүйүүлэрэ улахан кэрэхсэбили ылаллар. Худуоһунньук ураты толкуйа, үгэргээһинэ, олоҥхолуу омуна хартыыналарын сылаас сырдык тыынныыллар. Хоту дойду уонна дьаабылыка, балыксыт уонна апельсин курдук дьүөрэлэспэт өйдөбүллэр дириҥ ис хоһоону үөскэтэллэр. Хас биирдии хартыынаҕа Хоту дойду дьонун ­айылҕа тымныынан тыынар, кыһынынан бохсуруйар алдьатыылаах күүһүн утары дьулуурдаах-тулуурдаах майгыта, олох иһин охсуһуута олус мындырдык, кэрэтик туойуллар. Дьиктитэ диэн баар – олох чахчытын сымсаппакка, киһи санаатын көтөҕөр үөрүүнү чаҕылхайа да суох өҥүнэн са­таан биэрэр кыахтаах. Худуоһунньук хартыыналара аан дойдуну бөлүһүөктүү анаарар уус-уран номохтор кэриэтэлэр.


Улахан болотуналар ортолоругар «Кэбиһиилээх от» хартыына дьоҕус эрээри ураты сырдык сыдьаайынан тыган турар эбит. Эчи кэрэтин, эчи дьиктитин! Олох курдук хаттыгастанан кэбиһиллибит от киһи сүрэҕин ортотунан киирэн, мэйиигэ охсор сүдү күүстээх. Тыый, биһиги олохпут устуоруйата бу кэбиһиилээх отунан дириҥник да туойуллар эбит!
Дагдаҕар да буолбатах, ­логлоҕор да буолбатах, кэлтэйбэтэх даҕаны, саха санаатын курдук бастыҥ түстээччинэн ­лаглаччы кэбиһиллибит от. Кытыыта ардахтан-тыалтан харыстанар курдук хараҥатыҥы дьураа күрүөлээх. Иккис дьураа сайыны санатардыы от күөҕэ дуй. Ортото күн өҥүнүү күлүмүрдүү тыгар. Оо, ити саһархай от кыырпахтара – талааннаах илии киистэтинэн «өрүллүбүт» куруһубалыы кэрэхсэбиллээх оһуордар. Манна туран Модильяни аатырбыт суккуруур сурааһыннарын санаан кэлэҕин. Ити синньигэс от салаалара кыраасканан туора-маары суол түһэрэн тардыллыбыттара көпсөркөй көстүүнү биэрэр. Одуулаан истэҕиҥ аайы сыдьаайар сырдыга күүһүрэн иһэргэ дылы. Онуоха хартыына араамата кэҥээн, саха олоҕо бүүс-бүтүннүү көстөн кэлиэх курдук. Оччоҕо кэбиһиилээх от балаҕан дьиэҕэ ортото оттуллубут көмүлүөк сылаас уотугар кубулуйарга дылы.
Оттон эн бэйэҥ өйгөр от кэмин араас хартыыналара субуруһа усталлар. Оҕо сылдьан са­йын уһун да буолара. Турар-турбат от үлэтигэр турунара. Улаатан истэҕиҥ аайы сайыҥҥы күннэр былдьаһыктаах буолаллар. Сайыҥҥы үлэ лааҕырыгар от кэбиһиитигэр бугул түгэҕин харбыы сылдьан кыраабылга өйөнөн ыллахха, улахан сэмэҕэ тардылларыҥ. Ол курдук, кэбиһии үлэтэ от охсордооҕор, харбыырдааҕар биэтэккэ тиксэрэр саамай эппитинэстээх кэм буолара. Хас биирдии кэби­һиилээх от турдаҕына, сылайбытыҥ кытта ааһар үөрүүтэ кэтэһиилээх сөрүүн салгын ­буолан түөскүн толору киэптиирэ. Уһун кыһыны туоруурга эрэл эбиллэр, үчүгэй олох туһунан санааҥ кынаттанар түгэнэ. Угут сыл от кэбиһэр эрэй эҥээрдээх буолара. Ийэм барахсан кэбиспит отун ыһан куурдарын, күн аайы сылайары аахсыбакка, күрүөҕэ сырыынньалыы ууруллубут хаптаһын маска отун тэлгэтэрин, онтун кэлэ-бара субу-субу көбүтэрин саныыбын. Оттон үчүгэй от таҕыстаҕына, ис-иһиттэн үөрэрэ. Тыа сиригэр үчүгэй түсчүттэр, кыдамаһыттар маастар кэриэтэ улаханнык убаастаналлара, үтүө сурахтаналлара.

«Кэбиһиилээх от» хартыына билиҥҥи кэмҥэ урукку дьоллоох кэмнэр тустарынан ахтылҕаннаах санаалары сэргэ кэлэр кэм туһунан долгутуулаах, хайдах эрэ хараастыылаах санньыары үөскэтэр. Сылгы-сүөһү ахсаана аччаата, тыа дьоно сүөһүнү ииппэт буоллулар диэн сэбиэскэй кэм эстиэҕиттэн аймаммыппыт ыраатта да, үйэни уҥуордуур олохтоох оҥкулбутун билигин да була иликпит. Былыргы сахалар өлүү үүтүн сүөһүнэн үтэйэллэрэ диэн мындыр үгэһи билэбит. Ол аата эстэр суолтан иитэр сүөһү эрэ быыһыыр буоллаҕа. Оттон эстэр ыал сүөһүтэ кэйсиик буолар дииллэрэ үйэлээх тыыннаах хаалар дьарыкпытын аахайбаппытын уот харахха этэр. От үлэтин үөрүйэҕин билиҥҥи реклама, бырайыагынан үбүлэнии сайдыбыт кэмигэр сөп түбэһиннэрэн ыччакка тарҕатан, кэбиһиилээх от үөрүүтүн биллэрэр буоллар, хамсааһын тахсыа этэ буоллаҕа. Өйдүүрүн өйдүүбүт буолан баран, хамсаныахпытын тоҕо эрэ ким эрэ, туох эрэ мэһэйдиир, бопсор курдук, өрүү кимтэн эрэ туохтан эрэ тутулуктанар курдукпут.
Дьиҥэр, кылгас сайын күөҕэр умсар, быйаҥы сомсор, үлэ үөрүүтүн билэр – сахаҕа дьиҥнээх дьол. Ол иһин «Кэбиһиилээх от» уйгулаах олох гимнин кэриэтэ.

Надежда ОСИПОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0