Быйыл оттооһуҥҥа ыарахаттары көрсүбүт улуустар тустарынан салгыы билиһиннэрэбит. Урукку дьылларга атын улуустары абыраабыт Кэбээйи улууһа быйыл 14000 т оттуур соруктааҕа. Ол эрээри оттуур ходуһаларын сириттэн 8800 гектартан ордуга ууга сытар.
Кэбээйилэр былаантан 5810 т кэбиһэн, 41,5 быр. эрэ оттоохтор. Ходуһаларга 235 звено оттуур, ити иһигэр 6 толору механизациялаах, 134 ситэтэ суох механизациялаах, 1 көлө-илии звенота уонна илиинэн оттооччулар. Отчуттар 4500 гектар сири оттоотулар уоннааҕы сир-уот, ол иһигэр аатырбыт Турбаахылара 100 бырыһыан ууга сытар. Уустук балаһыанньалаах улуус хайдах дьаһаммытын туоһуластыбыт.
– Атырдьах ыйын 15 күнүттэн “көҥүл хотуур” бэриллэн, дьон илиинэн оттуур. Улуус дьаһалтата мотокосилка атыыласпыт дьоҥҥо аҥаарын толуйбута. Инчэҕэй оту тууһуулларыгар анаан Кэмпэндээйи тууһун 20 т аҕалан түҥэппиппит. Хаар түһүөр диэри оттоотохпутуна табыллар. Быһа холуйан, 9585 т чөкөппүт киһи диэн баҕалаахпыт. Үөскээбит балаһыанньабытынан сибээстээн өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар отунан көмөлөһүҥ, атыылааҥ диэн көрдөһүү сурук ыыталаабыппыт. Онон Хаҥалас, Нам, Амма, Горнай улуустарыттан оту уонна сенаһы ылыахтаахпыт, кэпсэтэ сылдьабыт. Улууска ааспыт ый бүтүүтэ өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко кэлэн, ходуһаларга сылдьан, көрөн-истэн барбыта, кыалларынан көмөлөһүөхпүт диэн эрэннэрбитэ, – диэтэ оттооһуну уонна отунан хааччыллыыны сүрүннүүр, улуус баһылыгын дьаһалтатын дьыалаларын управлениетын салайааччыта Илья Алексеев.
Билигин кэбээйилэр сылгыга-сүөһүгэ эбии аһылыкка наадыйыы улааппытынан гранулированнай оту уонна комбикорму атыылаһыыга төһө наадатын ааҕа-суоттуу сылдьаллар. Ол курдук, 347 туонна комбикорм, 56 т зернофураж эбии булуллуохтаах. 30 т гранулированнай оту атыылаһарга сайаапканы түһэрбиттэр. Дьон сайаапката элбии турарынан уопсайа 314 т маннык от наада. Хантан атыылаһар ордугун, хаачыстыбатын үөрэтэллэр. Калуга, Алтаай киэнэ үчүгэй дииллэр эбит. Онон кинилэри кытта кэпсэтэн, быһа аҕалтараары гыналлар.
– Улахан хаһаайыстыбаларбытыттан куруук Турбаахыга оттуур Левина А.В. бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбата урут 1600 т отунан сыл тахсара. Турбаахы ууга сытарынан бу хаһаайыстыбаҕа от атыылаһарыгар 1 мөл солк. уонна тиэхиньикэтин туоратарыгар атыыласпыт бааржатын төлөбүрүн аҥаарын толуйбуппут. Сыл тахсар оту булунууга Кэбээйи сэлиэнньэтигэр Физическэй култуура управлениета ыҥырыы таһааран, “Ворошилов” бааһынай-пиэрмэр хаһаайыстыбатыгар 9 от кэлэр сирин илиинэн охсон, мунньан биэрдэ. Управление салгыы оскуолары оттуурга ыҥырбыта. Оскуола кэлэктиибэ эмиэ күргүөмүнэн көмөлөһөн, салгыы олохтоох хомунаалынай хаһаайыстыбаҕа бачыымын туттарда. Бу наһаа үчүгэй бачыымы Физическэй култуура управлениета саҕалаабытын бэлиэтиибит, – диэн кыстык оту булунууга дьон-сэргэ көмөтүн туһунан салгыы кэпсээтэ Илья Николаевич.
Ол да буоллар, били Алексеева этэринэн, уу таһыма үрдээн, Сииттэҕэ, Куокуйга киппэлэммит отторо ууга баран, ыксал буолбут. Билигин мобильнай биригээдэлэригэр улаханнык эрэнэллэр. Онон Кэбээйи улууһа сөптөөх дьаһалы ылыммыт эбит диэн түмүктүөххэ сөп.
Женни Стрюкова, «Саха сирэ» хаһыат
Хаартыска: ФЕВРОНЬЯ ВАСИЛЬЕВА, УУС АЛДАН, КУРБУҺАХ