Кэбээйилэр кинигэни ааҕыыны үрдүктүк туталлар

Бөлөххө киир:

Өлбөт-сүппэт айымньылааах буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһиннэр чэрчилэринэн С.А.Новгородов аатын сүгэр «Бичик» уонна литература күннэрин ыыта кинигэ кыһатын улахан дэлэгээссийэтэ Кэбээйи улууһун Мукучу, Мастаах, Арыылаах уонна 1 Лүүчүн нэһилиэктэринэн сылдьан, олохтоохтору кытта сэргэх көрсүһүүлэри тэрийдэ. Саха норуодунай бэйиэтэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Иван Мигалкин уонна суруйааччы Галина Нельбисова кыттыыны ылбыттара олохтоохтору сэргэхситтэ.

edersaas.ru


«Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар элбэхтэ айанныыбыт, дьону-сэргэни кытта үгүстүк көрсөбүт. Кэбээйи улууһун дьоно-сэргэтэ билии-көрүү, эргиччи сайдыы сүрүн төрүөтүнэн кинигэни ааҕыы буоларын дьэҥкэтик өйдүүллэр. Көрсүһүүлэргэ элбэх киһи күргүөмүнэн сылдьыыта, кинигэни таһаарыы, ааҕыыны кэҥэтии, оҕоҕо, ыччакка аналлаах, билиҥҥи кэми таарыйар айымньы төһө баарын туһунан о.д.а. элбэх ыйытыылары көтөҕүүтэ сир ахсын, бэл, аҕыйах киһи олорор нэһилиэктэригэр кулууп саалатыгар лыык курдук мустуута ити этиибин туоһулуур. Олус тупсаҕай, киэҥ-куоҥ, ичигэс Арчы дьиэтэ тутуллубута даҕаны ону бигэргэтэр. Улуус олохтоохторо уус-уран кинигэҕэ умсугуйууну, билиини байытыыны үрдүктүк туталлара түбэһиэхчэ буолбатах. Бииринэн, Кэбээйиттэн Т.Сметанин, Н.Лугинов, И.Егоров – Сүгэһэрдээх, В.Иванов, И.Левин, К.Эверстов, бу кэлин И.Андросов-Айанньыт, о.д.а. талааннаах суруйааччылар тахсыбыттара улахан сабыдыаллааҕа чахчы. Бу эҥэргэ былыр-былыргыттан айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах дьон уутуйан үөскээбиттэрэ эмиэ өҥ кырыс буолан угуттуура, утум салгыыра хайаан да баар. Аҥаардас саха аймах бары тумус туттар киһибит, Мукучуга үөрэммит биир дойдулаахтара Эдьиий Дуора үтүө сабыдыала күүскэ биллэр эбит диэн сабаҕалыыбын», — диир кинигэ кыһатын салайааччы Август Егоров.
Олохтоохтор норуодунай бэйиэт Иван Мигалкин, суруйааччы Галина Нельбисова айар үлэлэрин биһирииллэрин биллэрдилэр, айымньыларын ырыттылар. Ону таһынан, сөбүлээн ааҕар ааптардарын кинигэлэрэ хаһан тахсыахтарын ыйыталастылар.

«Бу сылга Кэбээйи Мукучутуттан төрүттээх-уустаах суруйааччы Иван Егоров төрөөбүтэ 80 сыла эмиэ бэлиэтэнэр. Нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Анна Сысоева суруйааччы аатын уонна нэһилиэктэн тахсыбыт саха чулуу дьонун, түөлбэ аҕа көлүөнэ ытык, бэлиэ дьонун, сэрии кыттыылаахтарын ааттарын кэриэстииргэ, үйэтитэргэ олус элбэҕи үлэлиир эбит. Анна Ивановна иилээн-саҕалаан ыыппыт айымньылаах үлэтин түмүгүнэн «Аҕа көлүөнэ аллеята» баар буолбут. Аһаҕас халлаан анныгар баар «мусуойга» нэһилиэктэн тахсыбыт киэн туттар, биллиилээх үтүө үлэһит дьон ааттара, мэтириэттэрэ бааллар.
Кэбээйи дьоно-сэргэтэ кинигэни таптаан ааҕаллара кинигэ атыытыгар ырылхайдык көһүннэ. Кыра дохуоттаах тыа сирин икки нэһилиэгэр 400 кэриҥэ кинигэни үөрэ-көтө, хамаҕатык ылбыттара сөхтөрдө. Бу сырыы кэнниттэн уустук суоллаах-иистээх ыраах Кэбээйиттэн суруйааччы, айар куттаах, биллиилээх дьон тахсыыһылар, улуус кэскилэ улахан диэн түмүккэ кэлэбит. Оттон биһиги үлэбит оҕо, ыччат, дьон-сэргэ сайдыыга-билиигэ, ситиһиилээх буоларга тардыһарыгар оруола кырата суох эбит диэн өссө төгүл итэҕэйдибит», — диэтэ сүрүн эрэдээктэр Валерий Луковцев.
«Мин Кэбээйи улууһун Мукучу, 1 Лүүчүн, Арыылаах нэһилиэктэригэр сылдьан, дьону-сэргэни кытта көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн сүргэм көтөҕүллэн, санаам кынаттанан кэлэн олоробун. Нэһилиэнньэ кыһа саҥа тахсар кинигэлэрин эрдэттэн атыылаһа, билэ-көрө сылдьарын бэлиэтии көрдүм.
Сахалыы тыллаах ааҕааччы улахан өттө тыа сиригэр олорор, онон маннык үчүгэй көрсүһүү тэриллибитэ олус кэрэхсэбиллээх. Тэрээһиннэр кэмиттэн-кэмигэр ыытыллар буоллахтарына, суруйааччы—кинигэни таһаарар кыһа—ааҕааччы ыкса ситимнэрэ үөскүүр. Ити түмүгэр ааҕааччы ахсаана элбиирэ, дьон-сэргэ билиитэ-көрүүтэ хаҥыыра, оҕо эргиччи сайдара саарбахтаммат. Кэбээйилэр мин айар үлэбин, айымньыларбын, инники былааммын сэҥээрэллэриттэн үөрдүм. Кэлэр кэскилбит – кырачааннар. Кинилэр «Бичик» эриэккэс таһаарыыларын олус биһирииллэр Көрсүһүүгэ көхтөөхтүк кытыннылар, 2-3 чаас устата буолбут кэпсэтиини, ыйытыкка хоруйу мэниктээбэккэ, тулуйан олорон сэргии, сэҥээрэ истибиттэрэ — кинилэр кинигэ ааҕыытын, кыһа таһаарыыларын сөбүлүүллэрин туоһута. Бибилэтиэкэҕэ кэлбит оҕо аҕыйах кинигэтин былдьаһа сылдьан ааҕаллар эбит. Мукучу нэһилиэгин баһылыга кинигэни ааҕыы улахан суолтатын өйдүүр, өйүүр буолан, көрсүһүүнү үчүгэйдик тэрийдэ, арыаллыы, көмөлөһө сырытта. Кистээбэппин, билигин итинник баһылыктар аҕыйахтар диэххэ сөп. Олохтоохтор «Бичик» кэлэктиибэ дьон-сэргэ, оҕо-аймах билиитэ кэҥиирин, сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьалларын бэлиэтээн эттилэр, үтүө баҕа санааларын тиэртилэр», — диэн биллиилээх бэйиэт Иван Мигалкин санаатын үллэһиннэ.
Сүрүннүүр эрэдээктэри солбуйааччы, сакааһынан тахсар кинигэ эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйэ Акулина Филиппова:Кэбээйи сирэ-уота дириҥ, баай литературнай историялаах, бөдөҥ суруйааччылардаах. Интэриниэт, сибээс бытаан уонна киин сиртэн тэйиччи нэһилиэктэр, учаастактар буолан даҕаны буолуо, атын сирдэргэ холоотоххо, манна ааҕыыны өрө тутуу билигин да күүстээх, сүтэ, симэлийэ быһыытыйа илик. Дьон-сэргэ кинигэни сөбүлээн ааҕар, саҥа таһаарыылары, айымньылары кэтэһэр эбит.
Дьон, тэрилтэ сакаастаан таһаарар кинигэ эрэдээксийэтин үлэтин, туох-ханнык сакаастары ыларбытын, ханнык сиэрийэлэринэн кинигэни таһаарыахха сөбүн, хайдах быһыылаахтык матырыйаал хомулларын, рукопись оҥорорго туох ирдэнэрин, сакаасчыттарга туох көмө, аахсыйа дуу, чэпчэтии дуу оҥоһулларын уо.д.а. кэпсээтибит. Маннык таһаарыыны сэргэ үлэбит саҥа хайысхаларын билиһиннэрдибит, бэлиэ түгэннэргэ, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ үйэлээх бэлэх буолар таһаарыылары (сувенирнай бородууксуйа, альбом-кинигэлэр, хаартыскалардаах кинигэ) көрдөрдүбүт. Ити түмүгэр хас да үлэх киирдэ», —— диэтэ.
«Үлэбит биир сүрүн хайысхата үөрэх кинигэлэрин, босуобуйаларын таһаарыы, тарҕатыы буоларынан сибээстээн, иитээччилэр, учууталлар мунаарар боппуруостарыгар, кыһалҕаларыгар хоруйдаатыбыт. Сылдьыбыт оскуолаларбытыттан федеральнай, региональнай үөрэх кинигэлэригэр сакаас хомуллан үлэ бара турар. Мастаах оскуолатын дириэктэрэ Маргарита Баишева үлэтин-хамнаһын кытта билиһиннэрэр экскурсия оҥордо. Үөрэнээччилэрин 100% көрсүһүүгэ аҕалан сырытыннардылар. Оҕолор ыйытыыларыттан, хоруйдарыттан ааҕыыга интэриэстээхтэрин, баҕалаахтарын бэлиэтээтибит. Тохсус кылаас үөрэнээччитэ баҕа өттүнэн интервью ылыам этэ диэн дьоһуннаах, сытыы ыйытыылары биэрэн сэргэхситтэ.
Көрсүө, ыалдьытымсах майгылаах Кэбээйи улууһун Мукучу, Мастаах нэһилиэктэригэр умнуллубат истиҥ көрсүһүүлэргэ сонун үллэстэн, ааҕааччыларбыт санааларын, баҕаларын истэн, атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн астынныбыт. Тэрийэн көрсүбүт салайааччыларга, бибилэтиэкэ, кулууп, оскуола үлэһиттэригэр истиҥник махтанабыт», — диэн кэпсээтэ үөрэх уонна оҕо кинигэтин киинин эрэдээктэрэ Саргылаана Константинова.

Елена ОБУТОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru сайтка анаан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0