Кэбээйилэр “күннээх сарсыардалара”

01.12.2017
Бөлөххө киир:

Үбүлүөйдээх суруйааччылардыын көрсүһүү

Саха сиригэр биир саамай элбэх суруйааччыны биэрбит улууһунан Кэбээйи буолар. Талааннаах драматург, поэт, прозаик, буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин, эбээн поэта, прозаига Платон Ламутскай, поэт Иван Петров, норуодунай суруйааччы Николай Лугинов, норуодунай суруйааччы Андрей Кривошапкин, эбээн поэта, прозаига Василий Барҕачаан, поэт, прозаик, очеркист Иван Егоров-Сүгэһэрдээх, прозаик Прокопий Степанов, поэт, прозаик, драматург, кириитик Иннокентий Левин, поэт Григорий Кобяков, суруйааччылар  Владимир Федоров, Василий Иванов, Иван Иннокентьев, Петр Максимов, Григорий Эверстов, Евдокия Иринцеева-Огдо, Константин Эверстов, Иосиф Кобяков, уо.д.а… киһи итинник ааттаатар ааттаан бара туруон сөп.


Оттон бу ааспыт сэрэдэҕэ, сэтинньи 29 күнүгэр, Былатыан Ойуунускай аатынан Литература мусуойугар сарсыарда 10 чаастан, Кэбээйи улууһун 80 сылынан Дьокуускайга ыытылла турар Кэбээйи Күннэрин чэрчитинэн, улуус быйылгы үбүлүөйдээх суруйааччыларын чиэстээтилэр.

Көрсүһүү кэмигэр

Көрсүһүүнү ыытааччылар, “…историябытын сэгэтэн көрдөххө, улууспутугар литература киэҥ эйгэтин тэрийбит дьонунан биһиэхэ оччолорго үлэлии кэлбит саха суруйааччылара буолбуттара…”, — диэн саамай сөпкө бэлиэтииллэр. Ол курдук, педтехникуму бүтэрээт, 1932-1933 с.с. Кэбээйигэ учууталынан үлэлии кэлбит бастакы суруйааччынан поэт Гаврил Егоров-Биилин буолар. Кини манна “Сардаҥа” диэн оскуола аан бастакы хаһыатын таһаарбыт, бастакы литературнай куруһуогу тэрийбит. Онон, айар дьоҕурдаах оҕолору уһуйан, бастакы суруйааччылары, драматург Тимофей Сметанины, поэт Иван Петрову литература алыптаах эйгэтигэр киллэрбит өҥөтө улахан. Салгыы ити курдук, ааспыт үйэ 30-с, 40-с сылларыгар  Кэбээйи улууһун оскуолаларыгар суруйааччылар Пантелеймон Тулааһынап, Федор Винокуров-Даадар айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Дьон-сэргэ саха бастакы суруйааччыларыгар махтала муҥура суох.

Иннокентий Левин кыыһа Туйаара Иннокентьевна аҕатын сөбүлүүр хоһоонун ааҕар

Литература мусуойугар бу бэлиэ күн мустубут дьон истиҥник ахтан-санаан аастылар төрөөбүтэ 85 сылын туолбут прозаик Прокопий Степановы, төрөөбүтэ 75 сылын туолбут поэт, прозаик, драматург, кириитик Иннокентий Левини. Эҕэрдэлээтилэр, чиэстээтилэр биир дойдулаахтарын, быйыл 75 саастарын туолбут ытыктыыр суруйааччыларын Василий Иванову, Григорий Эверстовы уонна 60 сааһын бэлиэтээбит прозаик, драматург Иван Иннокентьевы.

Үбүлүөйдээх суруйааччы Иван Иннокентьевтыын

Тэрээһиҥҥэ, Кэбээйи оскуолатыгар “Күннээх сарсыарда” литературнай куруһуогу үлэлэтэн оҕо айар талаанын арыйыыга, саахымакка, дуобакка уһуйууга  улахан кылааттаах педагог, Кэбээйи улууһун Бочуоттаах гражданина, талааннаах суруйааччы, суруналыыс Прокопий Егорович Степанов уола Игорь Прокопьевич Степанов, бу куруһуоктан куорсун анньынан тахсыбыт айдарыылаах суруйааччы, педагог, саха тылын учуутала, суруналыыс, кэбээйилэр ытыктыыр киһилэрэ Иннокентий Левин кыыһа Туйаара Иннокентьевна, уо.д.а. аймах-билэ дьонноро кыттыыны ыллылар.

"Дойдубутугар туох сонун?" САха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов уонна Кэбээйи улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Татаринов

Кэбээйи улууһун баһылыгын солбуйааччы Айсен Татаринов баһылык И.Н. Спиридонов аатыттан, улуустааҕы “Дабаан” хаһыат кылаабынай эрэдээктэр-дириэктэрэ  Виктор Эверстов, уо.д.а. улуус 80 сылынан эҕэрдэлээн туран, быйыл үбүлүөйдээх суруйааччыларга уонна үбүлүөйдээх суруйааччылар чугас дьонноругар Махтал,  Эҕэрдэ Суруктары, Тимофей Сметанин айымньылара нууччалыы тылынан аан бастаан тылбаастаммыттара быйыл улуус үбүлээһининэн кинигэ буолан тахсыбытын, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.

Иннокентий Левин “Биһирэм” пьесата Саха тыйаатырын репертуарыгар киирбитинэн биир дойдулаахтара киэн туттуохтарын тутталлар. Кэнники сылларга Иннокентий Наумович кэргэнин дойдутугар Чурапчы улууһун Чыаппаратыгар олорбута, айбыта — үлэлээбитэ. Кини сырдык аатын кэриэстээн, оҕолоро быйыл Чыаппараҕа литературнай экспедиция тэрийбиттэр, оскуолаҕа аҕаларын аатынан истипиэндьийэ олохтообуттар. Кыыһа Туйаара Иннокентьевнаҕа,  олус долгуйан, иэйэн туран, мустубут дьоҥҥо аҕатын сөбүлүүр  хоһоонун ааҕан иһитиннэрбитин иһин, литератураны таптааччылар күргүөмнээх ытыс тыаһынан махталларын биллэрдилэр.

Василий Иванов автограф биэрэр

Иннокентий Левин туһунан олус истиҥ ахтыыны бииргэ үөрэммит доҕоро, аймаҕа Савва Тимофеев уонна оскуолаҕа бииргэ үөрэммит табаарыстара оҥордулар. Быйыл доҕотторо Иннокентий Левин-Ньээчэс төрөөбүтэ 75 сылынан, “Эйэ баар буолан” диэн хоһооннорун хомуурунньугун таһаартарбыттара кэрэхсэбиллээх.

Сииттэ нэһилиэгин дэлэгээссийэтэ Прокопий Степанов уонна Иннокентий Левин ааттарын үйэтитиигэ туох оҥоһуллубутун уонна быйыл үбүлүөйдээх сылларынан ыытыллыбыт тэрээһиннэри сиһилии сырдатта.

Улуустааҕы "Дабаан" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Виктор Эверстов

Нэһилиэктэр дэлэгээссийэлэрэ бука бары биир дойдулаах суруйааччыларын айар үлэлэрин чинчийиигэ, үөрэтиигэ, пропагандалааһыҥҥа бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр. Чахчы даҕаны, элбэх оҥоһуллубут, оҥоһуллар, былаан да элбэх эбит.

“Полярная звезда” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, прозаик, драматург Иван Иннокентьев Сангаарга төрөөбүтэ. Кини, кыра кээмэйдээх эрээри олус дириҥ ис хоһоонноох кэпсээннэрин хат-хат ааҕар наадалааҕын бэлиэтээн, “Иван помогает нам увидеть свои ошибки…”, — диэн махтанан туран,  Мукучу оскуолатын нуучча тылын учуутала  Анна Дорофеевна Иванова олус ылыннарыылаахтык эттэ.

Истиҥ көрсүһүү түгэниттэн

Ити курдук, олус истиҥ көрсүһүү буолла. Литератураны сэҥээрээччилэр, биир дойдулаахтара, сөбүлүүр суруйааччыларын  ыллыктаах тылларын истэн, автограф ылан, бииргэ хаартыскаҕа түһэн, үөрдүлэр, астыннылар.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Виктор ЭВЕРСТОВ уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0