Кэбээйигэ күн «сүтэ» сырытта

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кэбээйи улууһугар бүгүн  күнүс эбиэккэ күн сүтэн хаалан, олохтоохтору соһутта.

Чаас курдук буолан баран, арыый да сырдаан кэллэ. Оттон Чагда олохтоохторо: «Буруоттан туох да көстүбэт хараҥата буолла. Күммүт өллө дуу дии санаатыбыт. Хаһан да манныгы көрө иликпит«, — диэн видеоҕа устан, социальнай ситимнэргэ ыыттылар. «Күл бөҕө түһэр…; Мааҕыын кып-кыһыл буруо этэ, үс чааска…; Дьоммут туох да көстүбэтиттэн оттуу тиийээт, ходуһаттан төннөн кэллилэр...» — диэн батсаапка суруйаллар.

Былырыын баччаларга Дьааҥыга буолбут баһаарга эмиэ күн сүтэн хаалбыта. Ону норуот синоптига Тускул ойуур баһаарын кытта ситимнээбитэ. Улахан  баһаарга айылҕа итинник дьикти көстүүлэнэр эбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска, видео — социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0