Кэбээйигэ баһаары умуллара икки сөмөлүөт уонна бөртөлүөт көттө

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бе-200 диэн икки сөмөлүөт уонна МИ-8 бөртөлүөт Кэбээйигэ ойуур баһаарын умуллара көттүлэр диэн СӨ ойуур хаһаайыстыбатын департамена иһитиннэрдэ.


Кэбээйи Лүксүгүнүттэн 7 км ыраах сиргэ умайа турар баһаарга Бе-200 сөмөлүөт  үөһэттэн сүүрбэччэтэ уу куппут. Билигин баһаарга 11 десантник баһаарынай, 7 ойуур харыстабылын сулууспатын үлэһитэ, 32 олохтоох уонна 7 тиэхиньикэ үлэлии сылдьаллар.

Санатан эттэххэ, Кэбээйигэ 3 тыһ. га кэриҥэ ойуур умайа турар. Уоту умулларыыга эбии 14 киһини Таатта улууһуттан ыыттылар.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0