Кэбээйигэ 120 миэстэлээх хотон тутулунна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүгүн Кэбээйигэ  Степан Аржаков аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ  лауреата, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия үтүөлээх фермера, саха Далбар Хотуна Аксинья Васильевна Левина 120 миэстэлээх, аныгы тииптээх, бары ирдэбилгэ эппиэтиир саҥа хотоно үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллар.

Аксинья Васильевна – сатабыллаах салайааччы, ыарахантан толлубат туруу үлэһит   киһи. Кини 1997 сыллаахтан баһынай хаһаайыстыба тэринэн үлэлээн-хамсаан кэллэ. 16 үлэһиттээх. Күн бүгүн 440 сүөһү кыстатта, ол иһиттэн ыанар ынаҕа 200 төбө.

Аксинья Васильевна хаһаайыстыбатыгар 2020 сылтан государство өйөбүлүнэн 120 миэстэлээх аныгы хотон тутуута саҕаламмыта. Бүгүн хотон аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн кыттыыны миниистир солбуйааччыта Николай Афанасьев ылар.

Бүтүн дойду үрдүнэн тыа хаһаайыстыбатыгар бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарыыга болҕомто ууруллар. Ол курдук производство сүрүн тирэҕэ буолар улахан объектар государство суотугар тутуллаллар.

Аксинья Васильевна сүрүн тирэҕэ — дьиэ кэргэнэ. Кинилэр көмөлөрүнэн хаһаайыстыба атаҕар туран, аны билигин оҕолоро эмиэ фермер буоллулар. Улахан уол ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, билигин 300-тэн тахса сүөһүлээх, иккис уола сылгынан, онтон кыыһа переработканан дьарыктанар.

Ити курдук кэргэнэ, оҕолоро, кийииттэрэ, күтүөтэ, аймахтара бары бииргэ тутуспутунан үлэлииллэр. Онон  уот оттуллар — олох салҕанар.

Кэбээйи  нэһилиэгэ – өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр үлэлээх, туруу үлэһит дьонноох. Бу үтүө үгэс салгыы да сайдан иһэригэр баҕарабыт. Бу саҥа хотон маныаха төһүү күүс буолуо диэн эрэнэбит.

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0