«Кэбээйи» уонна «Сангаар» суолларынан айан-сырыы быстах кэмҥэ бобуллуоҕа

Бөлөххө киир:

«Управтодор РС(Я)» ГКУ иһитиннэрбитинэн, күн-дьыл туруга мөлтөөн, кулун тутар 11 күнүттэн 12 күнүгэр диэри «Сангаар» уонна «Кэбээйи» суолларынан быстах кэмҥэ айан-сырыы тохтотуллуоҕа.

Ол курдук, бүгүҥҥүттэн Сангаар — Сииттэ — Батамай — Булуус  хайысхатынан  0+000 —  152+780  км Кэбээйи уонна Нам улуустарыгар итиэннэ  Аһыма — Бэс Күөлэ — Кэбээйи — Сангаар хайысхатынан  193+282 —  215+940, 215+940 — 296+190 км айан-сырыы бобуллуоҕа.

«Управтодор РС(Я)» ГКУ бирикээһинэн кыһыҥҥы суолларга киириигэ дьуһуурустуба олохтонуоҕа.

edersaas.ru

Хаартыска http://ysia.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0