Кэбээйи улууһа тэриллибитэ 80 сылыгар аналлаах дьаһаллар Дьокуускай куоракка саҕаланнылар.
edersaas.ru
Сэтинньи 28 күнүгэр «Арчы дьиэтэ» духуобунай култуура киинигэр Улуус күннэрин алгыыр, арчылыыр тэрээһин ыытылынна.
Үбүлүөйү бэлиэтиир үөрүүлээх дьаһаллар кыттыылаахтарын, тэрилтэ салайааччыларын уонна куоракка олорор биир дойдулаахтарын улуус баһылыгын солбуйааччы Александр Андреев көрүстэ. Александр Васильевич улуус күннэрэ ситиһиилээхтик ыытыллалларыгар, бар дьоно дьаҥтан-дьаһахтан дьалты хаамалларыгар, чэгиэн-чэбдик сылдьалларыгар баҕарда.
Биир дойдулаахтара Михаил Винокуров бүгүҥҥү үтүө-мааны күҥҥэ алгыс тылларын анаата. Ыалдьыттары алгыстаах алаадьынан, саамал кымыһынан күндүлээтилэр.
Улуус култуураҕа отделын начаалынньыга Иннокентий Левин эппитинэн, аҥаардас култуураҕа аналлаах бырагыраамаҕа 150-ча киһи кыттыахтаах. Ол иһигэр, икки норуодунай тыйаатыр, үҥкүү 3-4 ансаамбыла, норуот кэлэктииптэрэ кэллилэр.
«Бу тэрээһиннэр улууспут тэриллибитэ 80 сылыгар туох дьаһаллар ыытыллалларын, туох ситиһиилэр баалларын отчуоттааһын курдук буолуохтара. Ону сэргэ биир дойдулаахпыт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 100 сылын көрсө аһымал ааксыйаҕа бар дьоммут көхтөөхтүк кыттыахтара. Ааксыйаттан киирбит үп-харчы Дьокуускай куоракка Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар «Лоокуут уонна Ньургуһун» пааматынньыгы туруорууга улахан көмөнөн буолуоҕа.
Улууспутугар түмүк тэрээһин ахсынньы 15-16 күннэригэр былааннанар. Тоҕо Кэбээйи нэһилиэгэр диир буоллахха, улууспут аан бастаан 1935 с. Кэбээйи нэһилиэгэр тэриллибитэ», – диэн санаатын үллэһиннэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Виктор Эверстов түһэриилэрэ