Кэбээйи Батамайыгар, Уус Алдан Кыыллаайытыгар балаһыанньа кытаатта
Күн ахсын ойуур баһаардара элбээн иһэр буоланнар, аҕыйах хонуктан бэттэх Дьокуускай куорат эмиэ буруонан бүрүлүннэ.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хотуттан уонна хотугулуу-илинтэн тыалланан, Кэбээйигэ, Намҥа уонна Уус Алдаҥҥа турбут ойуур баһаардарын буруота куораты төгүрүйдэ. Бу туһунан Ойуур сыһыаннаһыыларыгар департамент иһитиннэрдэ.
Билигин баһаары умулларыыга 931 киһи, ол иһигэр «Авиалесоохрана» баһаарынай сулууспатын исписэлиистэрэ үлэлииллэр.Бүлүү, Таатта, Уус Алдан улуустарыгар ойуур баһаардарын кээмэйэ улаатан, эбии дьону, тиэхиньикэни үлэлэтэр сорук турда.
Уус Алдан Кыыллаайытыгар тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээтэ. Уоту умулларыыга 28 киһи уонна икки тыраахтар үлэлиир.Кэбээйи Батамайыгар сэлиэнньэттэн 11 килэмиэтирдээх сиргэ баһаар туран, быһыыны-майгыны күүркэттэ. Уоту утары охсуһууга 130 киһи үлэлиир.
Бүгүҥҥү туругунан Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Амма, Горнай, Кэбээйи, Нам, Таатта, Уус Алдан, Уус Маайа, Чурапчы улуустарыгар уопсайа 20 сиргэ ойуур баһаара баар.
Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru