90-с сылларга буолбут оскуолатааҕы сылларбыттан быһа тардан кэпсиим. Дьон аатын, кыра бытархайдары уларытан-тэлэритэн биэрдим. Бу манна баар дьоруойум, кини доҕотторо билбэттэрин курдук кыһанным. Хас биирдии киһи олоҕор маннык баара буолуо. Кэпсээмминэн сиэттэрэн чугас дьоммутугар истиҥ-итии сыһыаннаах, болҕомтолоох буолуоҕуҥ диэн ыҥырабын…
Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар сытыы-хотуу, мэлдьи үөрэ-мичээрдии сылдьар, туйгун үөрэхтээх Надя диэн кыыс баара. Олус чэнчистик туттара, таҥаһа-саба кимтэн да чорбойбот этэ эрээри, бэйэтигэр олус барсара, уолаттар «дьокутаат» диэн дьээбэлииллэрэ. Араас күрэхтэһиини, тэрээһини көтүппэккэ кыттара. Мэлдьи «Надя манна бастаабыт, онно кыайбыт» диэн истэрбит. Доҕотторо таптаан «Мичээр» диэн ааттыыллара. Мэлдьи инники паартаҕа хоруйдаһа, ол-бу дьээбэлээҕи этэн оҕолору, учууталлары күллэрэ олороро бу баарга дылы. Төһө даҕаны бастыҥ буоллар, улаатымсыйбытын, кими эмэ атаҕастаабытын, сэнээбитин, үрдүктүк туттан киэптээбитин өйдөөбөппүн. Бука, ол туһунан санаата да суоҕа буолуо. Уоттаах хараҕар олох, сырдык ыра баара. Мин Надялыын чугастык доҕордоспотоҕум эрээри, астына көрөрүм, кини курдук буолуохпун баҕарарым. Бэйэм үчүгэйдик үөрэнэрим, ол эрээри уопсай дьыалаҕа туохха да кыттыбат этим.
Ийэлээхпин эрэ. Быраас буолан, балыыһаттан арахпат. Иккиэйэх эрэ буоламмыт, чуумпуга үөрэнэн хаалбыппын быһыылаах: үөрэҕим бүттэ да дьиэбэр кэлэн аһыыбын, иһит сууйаат, уруокпун ааҕабын. Күнүм онон бүтэр.
Дьиэҕэ үлэбин ааҕар остуолум түннүк аттыгар баара. Ол түннүктэн Надя дьиэтэ дьэндэйэн көстөрө. Санаабар, дэриэбинэҕэ кинилэр дьиэлэрэ – саамай дьоллоох. Сылаас дьиэ, толору көрсүө дьонноох, мэлдьи толору астаах остуоллаах, эгэлгэ кинигэлээх! Надя оскуолаттан ситиһиилэнэн кэлэрин бары үөрэ көрсөллөрүн, кыайыытын-хотуутун кэпсэтэллэрин, сыллыылларын, бары мустан олорон чэйдииллэрин, хаартылыылларын харахпар ойуулаан көрөрүм. «Миэхэ хаһан да оннук буолбат» диэн, үөһэ тыынан ыларым. Ымсыырарым…
Ийэм, үлэтиттэн кэлээт, хоско ааһан хаалар, кыратык сытан ылар, онтон туран ас астыыр. Ол кэннэ эмиэ хоспутунан тарҕаһабыт. Ийэм саҥата-иҥэтэ суох, улахан тыаһы-ууһу сөбүлээбэт этэ. Миэхэ хаһыытаабытын, улаханнык мөхпүтүн өйдөөбөппүн. Сэмэлээри гыннаҕына, халыҥ таастаах ачыкытын нөҥүө тоҥуйдук көрөн кэбиһэрэ.
Биир күн ийэм төлөпүөнүнэн кимниин эрэ этистэ, онтон туруупканы талыр гына бырахта. Саҥарбат, арай кыыһырбыта сирэйигэр биллэр. Эрийбит киһи туох эрэ диэн часкыйара, мөҕүттэрэ, оннооҕор миэхэ иһиллибитэ. Тугу гыныахпын билбэккэ аттыгар турбутум, кууһуохпун, уоскутуохпун баҕарбытым. Ол эрээри кууспатаҕым, туох буолбутун ыйыппатаҕым. Өр аттыгар тураат, хоспор баран суорҕаммын бүрүнээт, ийэбин аһынан, кистээн ытаабытым. Үлэтиттэн эрийэллэрин, эмиэ туохтара эрэ сатамматаҕын сэрэйбитим. Кэллиэгэлэрин кытта сатаспат быһыылааҕа. Тыл-тылга киирсибэккэ кэлэрин, хоһугар санаарҕаан сытарын элбэхтик көрөрүм. Туох кыһалҕалааҕын, туохтан сатаспаттарын ыйытыахпын баҕарар этим да, толлон чугаһаабат этим. Ийэбин кытта аһаҕастык кэпсэтиэхпин, күлэ-үөрэ тэҥҥэ ас астаһыахпын, үлэтигэр барса сылдьыахпын баҕарарым. Түннүкпүн манаан олорон «биһиэнэ дьон киэнин курдук тоҕо буолбатаҕый?» диэн санааргыырым. Чуҥкуйан, оскуолаҕа барарбын кэтэһэрим. Эмиэ Надяны көрүөм дии. Кинини көрөн, сырдыгы ыраланарым, үөрэхпэр кыһалларым.
Сынньалаҥ чуораанчыга тыҥкынаабытыгар оҕолор тута көрүдүөргэ сүүрбµттэрэ. Мин кылааска хаалан уруһуйдуу олорбутум. Надя эмиэ хаалбыта. Литэрэтиирэ кинигэтин хостоот, ааҕан киирэн барбыта. Ол кэннэ чочумча буолаат, мин диэки хайыспыта:
– Дьиэҕэ үлэҕин оҥорбутуҥ дуо? Мин бириэмэм тиийбэккэ, оҥорбокко хаалбытым… Миэхэ, баһаалыста, уһултарыаҥ дуо? – диэн көрдөспүттүү көрбүтэ. Надя курдук туйгун, актыбыыс кыыс миигиттэн көрдөспүтүттэн соһуйан, тэтэрээппин сонно ууммуппун бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Кыыһым махтанаат, устан ылбыта.
– Махтал, Светик, аныгыскыга туох эмэ буоллаҕына, көмөлөһүөҕүм, – диэн истиҥник мичээрдээт, көрүдүөргэ оҕолоругар сүүрэн хаалбыта.
Ол түүн арай төлөпүөммүт тырылаата. Ийэм түргэн үлүгэрдик уотун холбоот, туруупканы ылла:
– Оо… сөп. Билигин тиийиэм, – диэт, таҥнан барда.
– Ханна бардыҥ? Кимий?
– Ээ, Надялаахха туох эрэ буолбут. Утуй. Кэлиэҕим сотору, – диэт, тахсан барбыта.
Надялаахха? Туох буоллаҕай… Түннүкпүнэн кини дьиэтин көрөбүн. Таһырдьа ыас хараҥа, арай Надялаах дьиэлэрин түннүктэрин уота бүүс-бүтүннүү сандааран олорор. Ол түүн ончу утуйбакка оскуолабар тиийбитим. Надям көстүбэт. Кылааспыт салайааччыта:
– Надя ыалдьыбыт. Балыыһаҕа киирбит. Ол иһин бакаа үөрэммэт, – диэн быһаарда.
Оҕолор сибигинэһэн киирэн бардылар. Надя паартата кураанах турарын киһи атыҥырыы көрүөх үлүгэрэ, кылаас чуҥкуйбукка дылы. Аттыбар олорор кыыһым миэхэ сурук суруйан биэрдэ уонна «салгыы ыытан ис» диэтэ. «Надя бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт үһү. Балыыһаҕа бара сылдьыбаппыт дуо?» диэн ыар ис хоһоонноох суругу итэҕэйбэккэ, хос-хос аахтым. Ити сурукпутун учуутал тутан ылан, бары мөҕүлүннүбүт. «Доҕоргут, баар-суох бастыҥ кыыспыт туһунан араас сураҕы ыытымаҥ, харыстыа да эбиккит. Балыыһаҕа барымаҥ!» – диэн уруок кэннэ кылааспыт салайааччыта отут мүнүүтэлээх «лиэксийэ» аахпыта.
Дьиэбэр тиийбитим, ийэм остуолун тардан, номнуо кэтэһэн олорор. Ийэбиттэн бэҕэһээ түүн туох буолбутун туоһуласпыппар:
– Чэ, ону кэпсэтимиэх, аһаа, – диэтэ. Онон кэпсээммит бүттэ. Надялаах кэлин дэриэбинэттэн көһөн барбыт сурахтарын эрэ истэн хаалбыппыт.
Дьыл-хонук ааспыта. Кэргэннэнэн, оҕолонон, дьиэ арыандалаһан куоракка олоробут. Биирдэ оҕо саадыгар баран истэхпинэ, арай утары Надя иһэр! Соһуйдум да, үөрдүм даҕаны. «Кэпсэтэрэ дуу, миигин билэрэ дуу?» диэн мух-мах буолан истэхпинэ, хата, бэйэтэ уруккутун курдук истиҥник, арылхайдык мичээрдээтэ:
– Хайа, Светик! Төрүт уларыйбатаххын. Чэ, мин ыксаатым, – диэт, ааһан хаалла. Испэр «Этэҥҥэ эбит. Эмиэ мичээрдээн, үөрэ-көтө сылдьаахтыыр». Оскуолатааҕы быһылааны санаан, үөһэ тыынан ыллым. Кылааһынан көрсүһэрбитигэр кыыспытын ыҥыра сатыырбыт да, биирдэ эмэ кэлбитин өйдөөбөппүн.
Сайыҥҥы сынньалаҥҥа ийэбитигэр таҕыстыбыт. Ийэм соҕотохсуйар, кэлбиппитигэр олус үөрдэ, сиэннэриттэн арахсыбат, санаабар, олус уларыйбыт курдук. Ас эгэлгэтин астаан сандалытын тарта. Киэһэриитэ ийэбиниин чэй иһэ-иһэ, хаһан да кэпсэппэтэхпитин кэпсэттибит. Надяны өйдөөн кэлэн, ол кэмҥэ туох буолбутун ыйыттым.
Ийэм ол түүн ыҥырбыттарыгар Надялаах дьиэлэригэр тиийбит. Аҕата умса түһэн олорор, остуолга арыгы бытыылката кэчигирэспит. Ийэлэрэ холуочук, дьыбааҥҥа ытыы олорор үһү. Дьиэлэрэ тымныы, кибис-кирдээх, ыһыллаҕас, сууйуллубатаҕа ырааппыт. Надя хоһугар ороҥҥо кубарыйан сытарын көрөн, ийэм уйадыйан ылбыт. Хоһо барыта кинигэ, арааһа, уруогун ааҕа олорбут. Эмп-томп бөҕөтүн иһэн, дьиэтин ойоҕоһугар өйө-суох сытарын ыала Марыына булан аймаммыт. Кырдьыга, маннык эбит: ийэлээх аҕата киэһэ ахсын арыгы иһэллэр, түүнү быһа ардыгар ытыы-ытыы, сороҕор күлэ-күлэ кэпсэтэллэр, оҕолорун сүгүн да утуппат эбиттэр. Кыыстара ол иһин уруогун аахпыта буолаат, мэлдьи оскуолаҕа сылдьар. Биир да ситиһиитин да билбэттэр, наадыйбаттар эбит. Ол иһин Надя кэпсээбэт даҕаны, үөрүүтүн үллэстибэт да эбит. Үөрүүтэ барыта оскуолаҕа хаалар: учууталлара хайгыыллар, доҕотторо эҕэрдэлииллэр. Ол курдук, хас да сыл дьиҥнээх кыһалҕатын кимиэхэ да көрдөрбөккө, сүрэҕэр баар кутурҕанын, ыар сүгэһэрин кыратык да биллэрбэккэ нарын, истиҥ мичээригэр саһыаран сылдьыбыт. Ыаллара Марыына кэпсээбитинэн, Надя дьоно арыгы иһэллэрин тулуйбакка, түүн дьиэтин таһыгар тахсан олорон ытыыр, баанньыкка хонор эҥин эбит. Марыына хаста да Надяттан туох буолбутун ыйытарын «ээ, суох, уруогум элбэх, сатаан кыаммакка ытыыбын, дьоммор этимээр» диэн сымыйалыыр эбит. Чугас дьүөгэтиттэн туоһуласпыттарын «миэхэ кэлэн наар ытааччы, олоҕум ыарахан диэн кэпсээччи диэбит. «Дьиэбиттэн барыахпын баҕарабын эрээри, дьоммун таптыыбын, кинилэр иһэллэрин-аһыылларын атын дьон билиэ диэн кыбыстабын. Арааһа, мин буруйдаахпын быһыылаах… Олоруохпун баҕарбаппын», – диэн, хаста да ытыы-ытыы сүбэлэттэрэ кэлэ сылдьыбыт эбит. Дэриэбинэҕэ мэлдьи итинник: ким да түмсүүтэ суох, кыһалҕа буоллаҕына ким да өйөөбөт, аһаҕастык кэпсэппэт, сурах эрэ тарҕанар…
Быһылаан кэнниттэн дьонун төрөппүт буолар быраабыттан быспатахтар. Эмтэнэн баран атын нэһилиэккэ көспүттэр. Син биир кыралаан иһэллэр диэн сурах баара. Надя билигин куоракка олорор, үлэлиир. Тус олоҕо хайдаҕа буолла?.. Ити курдук нарын, истиҥ мичээр иһигэр ыар баттыгы саһыара сылдьыбытын киһи итэҕэйбэт. Онтон мин түннүгүнэн кини олоҕун ойуулаан көрөрүм, ымсыырарым. «Киһи олоҕун таһыттан көрөн сыаналаабат буол» диэн ону этэн эрдэхтэрэ. Сарсыарда тураат, бары мааска кэтэбит, бэйэбит дьиҥ сирэйбитин кистиибит. Арааһа, арыый аһаҕас, көрсүө буоларга үөрэниэххэ наада быһыылаах. Ким билиэ баарай дьону туох кыһалҕа үүйэ-хаайа тутарын, этиллибэтэх ханнык тыллар муҥнуулларын…
«ВКонтакте» сайт «Сахалыы кэпсээннэр, номохтор» бөлөҕүттэн.