Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин Казань куоратыгар «Саха сирэ» («Якутия») диэн этнотуркомплекс тутуллан эрэр.
Манна дьон Саха сирин култууратын, абыычайын, куукунатын уонна сүрүн туристическай эбийиэктэрин кытта билсиэхтэрэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр оҥоһуллан тахсар олохтоох табаары атыылыаһыахтара.
Туристическай бааза саха уһаайбатын курдук моһуоннаах оҥоһуллар. Бу туризм биир бөдөҥ эбийиэгин өрөспүүбүлүкэтээҕи татарскай община бэрэстэбиитэллэрэ көҕүлээтилэр. Кинилэр бэс ыйыгар буолан ааспыт «Татарстан – Саха сирэ» диэн дьыалабыай пуорумҥа бу туһунан этии көтөхпүттэрэ.
— Комплекс тутуутун үбүлээһинин тутулуга суох инвестордар көрүөхтэрэ. Манна дьон сөбүлээн сылдьара чахчы. Бу сонун сүүрээн Саха сирэ уонна Татарстан бииргэ үлэлээһиннэрин сайыннарыы биир көрүҥүнэн буолар, — диэн СӨ Предпинимательство уонна туризм дьыалаларыгар министиэристибэ эппиэттээх үлэһиттэр бэлиэтииллэр.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыска — СИА.