Казань — дойдубут үһүс тэбэр сүрэҕэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Москуба уонна Санкт-Петербург эрэ буолбатах. Арассыыйа биир курдук ислам итэҕэллээх, илиҥҥи култуура сорҕото. Улууканнаах дойдубут хайдах үөскээбитин туһунан, хайдах араас омук култуурата, итэҕэлэ эйэлээхтик биир тэҥҥэ сайдарын билиэххин-көрүөххүн баҕардаххына, хайаан да Татарстаҥҥа тиийэн, илэ хараххынан көрүөх, эт кулҕааххынан истиэх тустааххын.

Дьиҥэр, Арассыыйа империята – Евразияҕа аҥаардастыы айаатаабыт Алтан Ордуу (Золотая Орда) нэһилиэнньигэ буолар диэтэхпинэ бука сыыспатым буолуо. Улуу нуучча поэта Блок эппитинии: «Да, скифы — мы! Да, азиаты — мы, с раскосыми и жадными очами!» . Иван Грознай Казань ханствотын күүһүнэн холбооботоҕо буоллар, кыракый Москуба княжествота империяны сатааны салайбат, тус-туспа итэҕэллээх араас омугу кыахтаах модун судаарыстыбаҕа кыайан түмпэт.

Татарстан Арассыыйа Илиҥҥи судаарыстыбалары кытта алтыһарыгар күлүүс, тумус эрэгийиэн. Дэлэҕэ даҕаны, биһиги кыттыыны ылбыт Национальнай СМИ-лэр IX пуорумнарын кэмигэр, ислам дойдуларын эдэр дипломаттарын V глобальнай пуорума эмиэ ыытылла турар этэ.

Араас өҥнөөх кустук

Татарстаҥҥа ааспыт сүүрбэччэ сыл устата бэртээхэй түмэллэри, комплекстары, храмнары уонна мечеттэри туппуттар, саҥардыбыттар. Мечеть аттыгар храм, храм аттыгар мечеть турар. Бу барыта араас норуоттар уонна итэҕэллэр эйэлээх, доҕордуу олохторун кэрэһилиир. Арҕааҥҥы дойдулар Татарстантан холобур ылыахтаахтар. Бэл, 2009 с. Хиллари Клинтон өрөспүүбүлүкэҕэ толерантноһы хайдах бөҕөргөтөллөрүн билээри-көрөөрү анаан ох курдук оҥостон ыалдьыттыы кэлбит. Дьиҥэр, толерантность диэн биһиэхэ барсыбат. Көннөрү тулуйан олоруу эрэ диэн тылбаастанар. Татарстаҥҥа киэҥ нэлэмэн дойдубут хайдах биир сомоҕо буолбута, итэҕэллэр уонна тыллар тэҥ бырааптаныылара, култууралар хардарыта эйэлээх сыһыаннаһыылара, бэйэ-бэйэҕэ убаастабыл арылхайдык көстөр.

Дьэ, бу маны билэр-көрөр туһугар Казаньтан ураты, Свияжск диэн арыыга турар куораты уонна Болгар диэн историческай мусуой- куораты көрөргө сүбэлиибин. Национальнай СМИ-лэр IX пуорумнарын кэмигэр ыалдьыттары онно сырытыннардылар.

Арыы-куорат Свияжск

Саар Салтаан туһунан остуоруйаны өйдүүгүт дуо? Онно Буян арыытыгар турар куораты атыыһыттар сөҕө-махтайа кэпсииллэр. Экскурсовод этэринэн, остуоруйаны сурукка тиспит Пушкин арыы-куоракка 1833 сыллаахха сылдьыбыт. Остуоруйа эрдэ суруллубут да буоллар, Свияжск бука ити Буян арыыга ханыылаан уруһуйдаммыт буолуон сөп эбит.

Бу арыыга (Щука, Свияга уонна Волга өрүстэр тулалыыллар) байыаннай кириэппэһи аан маҥнай Иван Грознай Казань сэриилиэн иннигэр туппут. Чахчы арыыттан өрүс нөҥүө Казань куораты көстөн турар.

Нууччалар кэлиэхтэрин иннигэр манна татардыы тыллаах омуктар олорбуттарын туоһута «Татарская слободка» диэн мас археологиятын мусуойа баар. Хаһыы кэмигэр умайан хаалбыт уулуссаны буланнар, Минтемир Шаймиев быһаччы этиитинэн мусуой тэрийбиттэр. Мас дьиэлэр эркиннэрэ ыйаммыттар, дьэҥкир таас анныгар сытар уулусса омоонунан күүлэйдиэххэ сөп. Хаһыы кэмигэр булуллубут араас туттар тэриллэр, таҥас-сап, иһит-хомуос көрдөрүүгэ тураллар. Мас уустарын ускуустубалара манна кэпсэнэр.

Кыракый арыы-куоракка 7 храм уонна манастыыр баар. Маннык элбэх итэҕэл дьиэлээх куорат ханна да суоҕа буолуо. Ол курдук 1555 сыллааҕы, Свияжскай Богородица-Успенскай эр киһи манастыыра, Успенскай собор, Николай Чудотворец таҥара дьиэтэ, Иоанно-Предтеченскай манас-

тыыр, Константин уонна Елена таҥара дьиэтэ, Сергий Радонежскай таҥара дьиэтэ. Кэлин 1896–1906 сс. тутуллубут Богоматерь Собора «Всех скорбящих Радости». Биир бэйэм, 1550 с. « биир күн устата биир да тоһоҕото суох тутуллубут» Троицкай таҥара дьиэтин Саха сиригэр баар мас таҥара дьиэлэригэр ханыылыы көрдүм. Маннык 16‑с үйэтээҕи тутуу Арассыыйаҕа тарбахха баттанар буолуохтаах.

Былыргы булгардар судаарыстыбалара

Татардар, чуваштар, балкардар, бэл, Болгария болгардара булгар диэн былыргы сүүнэ омук сыдьааннара буолаллар. Улуу көһүү саҕана хуннары кытта бу түүр тыллаах омуктар сорохторо Балкаҥҥа тиийбит, сорохторо Волга өрүскэ, Татарстан билиҥҥи сиригэр олохсуйбут, судаарыстыба тэрийбит.

Болгар диэн сэлиэнньэ аттыгар (Казаньтан 180 км) 919 с. татардар өбүгэлэрэ — булгардар ислам итэҕэлин ылыммыттар. Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн, булгардар ыраахтааҕыларын Алмуш кэрэ кыыһа ыалдьыбыт. Араас эмчит кэлэн эмтии сатаабыт да кыайбатах. Ислам итэҕэлин тарҕатааччы паломник тиийэ сылдьан, бу кыыһы атаҕар туруорбут. Хайыаҕай, тапталлаах кыыһа үтүөрдэҕинэ, итэҕэли ылыныах буолан тылын биэрбит Алмуш бэйэтэ уонна норуота мусульман буолбуттар. Ону кэрэһилиир болотуна истиэнэни биир гына мусуойга ыйаммыт.

Волжскай булгардар ислам итэҕэлин ылыммыттарыгар анаан мусуой туппуттар. Мусуойга саамай улахан Коран таас дьааһык иһигэр ууруллан турар. Маны арыйарга 4 кыахтаах эр киһи наада үһү. Ыйааһына 500 киилэ, 1,5–2 миэтэрэ кээмэйдээх.

Болгарга булуллубут төбө уҥуохтарын чөмкөлөрүттэн хайдах сирэйдээх-харахтаах дьон буолалларын бюст оҥорон туруораллар. Биир олорон эрэн көмүллүбүт, кириэстээх киһи дьардьамата, чахчы оччотооҕу таҥара үлэһитэ, Византияттан сылдьар грек быһыылаах. Биир ыал уҥуоҕунан Кавказ омуктарыгар майгынныыр эр киһини уонна кини кэргэнин кытай дьахтарын гипсэнэн учуонайдар оҥорон таһаарбыттар. Ол аата куорат чахчы араас омук бииргэ олорор киэлитэ буоллаҕа.

Волжскай Булгарияны монголлар үлтү сынньыбыттарын кэннэ, бу куоракка Бату Хан уонна Джучи (Золотая Орда) олохсуйа сылдьыбыттар. 1250 с. судаарыстыба манньыаттарын бэчээттээбиттэр. Бу булгар цивилизациятын туһунан кэпсиир аныгылыы мультимедийнай мусуойу аҕыйах сыллааҕыта үлэҕэ киллэрбиттэр. Волга өрүс эниэтигэр турар мусуой таһыттан көрдөххө, кыра дьиэ курдук, иһигэр киирдэххэ 6 этээстээх эбит. Мусуойу көрдөрөөрү кытылга круизнай лайнердар, катердар тиксэллэр.

Салгыы мусуой комплексыгар Оччугуй минареты, Хан көмүллүбүт уҥуоҕун (мавзолей), Хара палатаны көрдүбүт. Биир цивилизация үрдүгэр, саҥаттан саҥа цивилизация тирэҕирэн турара көстөр. Холобура, булгардар уҥуохтарын таас пааматынньыктарын таҥара дьиэтин акылаатыгар туһаммыттар. Аны Хара палата диэн ааттаабыт манаахтар коптильнайдара, дьиҥэр, былыргы булгардар мавзолейдара эбит.

Болгарга татардар Исламскай академияны туппуттар. Манна итэҕэл үөрэхтээхтэрэ үөрэнэллэр эбит. Аны Тадж-Махалга маарынныыр Маҥан мечеть (Белая мечеть) киэһээҥҥи хараҥаны сырдатарын көрүөххэ кэрэ.

Түмүккэ

Свияжска уонна Болгарга элбэх туристары көрүстүбүт. Туристар Казань кириэмилигэр эрэ буолбакка, Кабан күөлүн кытылынан сөҕө-махтайа дьаарбайаллар. Барыта дьоҥҥо анаан оҥоһуллубут. Күөл кытылын үүнээйилэрин, араастаан, үрдүктээн-намыһахтаан үүннэрбиттэрэ, уотунан тыктаран киэргэппиттэрэ — олус астык.

Биһигини арыаллаабыт Татмедиа генеральнай дириэктэрэ Шамиль Садыков этэринэн, туризмтан киирэр харчы сотору ниэби-гааһы солбуйуоҕа. Кэмигэр көрүллүбүт үгүөрү үп, суолга-иискэ, дьиэҕэ-уокка, туризмҥа, мусуойдарга, реставрацияҕа куттуллубут баһаам харчы номнуо бүддьүөккэ дохуоту аҕалан эрэр.

Татарстан — икки улуу итэҕэл, икки улахан норуоттар алтыһыыларын, эйэлээх олохторун туоһута, Арассыыйа судаарыстыбаннаһын историятын кэрэһитэ. Дойдубут сүрэҕэ Москубаҕа уонна Питергэ эрэ буолбатах, Казаньҥа эмиэ тэбэр.

Чокуур Гаврильев, «Саха сирэ» хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0