Казахстан өрөспүүбүлүкэтин үрдүк үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэр кыргыттарга анаан «Мисс Университет» күрэхтэһиигэ биир дойдулаахпыт Анастасия Белоцкая кыайбытын туһунан «Эдэр саас» хаһыакка сырдаппыппыт. Настялыын Казахстаҥҥа үөрэх, олох-дьаһах туһунан интернет нөҥүө кэпсэттибит.
— Мин Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин, Чурапчытааҕы Дмитрий Коркин аатынан спортивнай оскуоланы бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн элбэҕи билэ-көрө, сайда сатыыр оҕо этим. Ол иһин да буолуо, куруук Москва, Санкт-Петербург куораттарга үөрэнэ барарбын саныырым. Онтон оскуоланы бүтэрэн бараммын, үөрэх туттарса сылдьан, Дьокусскайга Казахсатн университетын преподавателлэрэ кэлбиттэр үһү диэн истибитим. Тута тургутуу, эксээмэн туттараммын, Ходжа Ахмет Ясави аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Казах-Турок университетын устудьуона буолбутум. 17 сааспар дойдубуттан, дьоммуттан тэйэн, билбэт дойдубар, билбэт оҕолорум ортолоругар баар буола түспүтүм. Ол эрээри, соһуччу да буолаар, Казахстаҥҥа кэлбиппиттэн, манна үөрэнэрбиттэн кэмсиммэппин. Үөрэнэр, сайдар диэн дьол буоллаҕа. Онон дьол көрдүү, дьоллоно сылдьабын.
– Идэҥ, университетыҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Норуоттар сыһыаннаһыыларын дипломата буолабын, идэбин олус сөбүлүүбүн. Бастакы сылбытыгар бэлэмнэнии кууруһун ааспыппыт. Казах тылын үөрэппиппит, онтон салгыы идэбитинэн арахсан үөрэнэбит. Арассыыйа үөрэҕин систиэмэтиттэн улахан уратыта суох. Норуоттар икки ардыларынааҕы университет буолан, олус элбэх омук устудьуоннара бааллар. 26 түүр омуга үөрэнэр.
– Казахсатҥҥа сахалар төһөҕүтүй? Түмсүүлээххит дуо?
– Казахсатҥҥа уопсайа 35 саха устудьуона баар, араас тэрээһиннэргэ кыттабыт, бэйэбит мустабыт, түмсүүлээхпит. Соторутааҕыта мин университеппар үөрэнэр саха устудьуоннара буоламмыт кэнсиэрдээбиппит. Үөрэнэ кэлиэхпиттэн казахтар Саха сирин олус интэриэһиргииллэр. Тылбытын, култуурабытын бэйэлэригэр маарыннаталлар.
– Казахсатҥҥа олорор хайдах эбитий? Кэлии омуктарга олохтоохтор сыһыаннара хайдаҕый?
– Казахстан – олус сайдыылаах дойду. Ханна баҕар кимниин баҕар биир тыл булан кэпсэтиэххэ, өйдөһүөххэ сөп. Тылларын өрө туталлар, бары дьаныһан туран үөрэтэллэр. Суоллара киһи эрэ онно-манна барыах-кэлиэх, айанныах курдук үчүгэй. Ас-үөл, таҥас-сап сыаната Дьокуускайтан уратыта суох. Олохтоохтор миигин казах кыыһын курдуккун диэччилэр, атын омукпун диэтэхпинэ соһуйаллар. Бэйэлэрин кытта биир халыыпка угалларын иһин, бастаан утаа өһүргэнэ саныыр этим. Кэлин наадыйбаппын, биир түүр омугун сыдьааннар буоллахпыт.
– Оттон казах уолугар кэргэн тахсыан этэ дуу?
– Толкуйдуом этэ… Ол эрээри, кырдьыгынан эттэххэ, казах уолаттарыгар сүрэҕим сыппат, атын омук аата атын. Манна саха кыргыттара дьиэ кэргэн тэринэн, оҕо-уруу бөҕө төрөтөн олороллор. Дьон бэйэ-бэйэтин таптыыр, убаастыыр буоллаҕына, ыал буолуохтаах дии саныыбын.
– «Мисс Университет» күрэхтэһии туһунан кэпсээ, хайдах кыттарга быһаарыннын? Урут маннык күрэхтэһиилэргэ кыттар этин дуо?
– Куонкуруска кыттарбын соһуччу быһаарыммытым, икки күн иһинэн былааччыйа тиктэн, видеоролик устан, үҥкүү туруоран, тылбын өспүн бэлэмнэммитим. Бэйэни билиһиннэрии уонна ыйытыкка хоруй түһүмэхтэригэр ыарырҕаппытым. Казах тылынан кэпсээбитим, тоҕо диэтэр атын омук устудьуона кинилэр тылларын үөрэтэрин, билэрин истэн олохтоохтор олус үөрэллэр, киэн тутталлар. Кыайыыга соччо эрэммэтэҕим. Күн аайы биирдик ааһар күннэри саҥа тыыннаары, бэйэни боруобалаан көрүөххэ диэн сыалтан кыттыбытым.
– Университеккын бүтэрдэххинэ Саха сиригэр үлэлии кэлэҕин дуо?
– Быйыл үөрэхпин бүтэрэбин, ол эрээри үөрэхпин салҕаан өссө үөрэниэхпин быҕарабын. Манна атын норуоттары кытта алтыһабыт, омук тылын, историятын, култууратын билэбит. Дьон кэпсиирин курдук дуу, интернеккэ көрөрүн курдук дуу буолбатах, барытын бэйэн нөҥүө аһардаҕын. Онон сайдыан баҕалаах киһи кылгас кэмҥэ дойдутуттан тэйэрэ ордук эбит диэн түмүккэ кэллим.
Айтана АММОСОВА, edersaas.ru