Казахстан вайнера Саха сириттэн төрүттээх (ВИДЕО)

21.10.2016
Бөлөххө киир:

Вайн диэн аҕыйах сөкүүндэлээх күлүүлээх видеолары устар билигин муода буолла. Вайнердар вайн устан “Инстаграм” социальнай ситимҥэ угаллар, элбэх “лайк” уонна “репост” хомуйан аатыраллар, элбэх сурутааччыланаллар. Саха сиригэр 39 тыһыынча сурутааччылаах @freakyjokes, 49 тыһыынча сурутааччылаах @hitsvine вайнердар бөлөхтөрө бааллар. Оттон Казахстан вайнердара номнуо аан дойдуга аатырбыттара, биллибиттэрэ-көстүбүттэрэ ыраатта. Биир биллэр вайн-бөлөҕүнэн @jokeasses буолар. Сэттэ бэһиэлэй доҕордуулар мустан, вайн устуунан дьарыктаммыттара икки сыл буолла. Соһуйуохпут иһин, бу бөлөххө саха кыыһа баар эбит. Асселина Сайлаубекова ийэтэ Орто Халыматтан сылдьар, аҕата – казах. Казахстан сулуһа буолбут саха кыыһа Асселинаны кытта кэпсэттибит.

  • Мисс Виртуальная Якутия” күрэхтэһиигэ кыттар буолбут үһүгүн дии. Ким сүбэлээтэй? Бу күрэхтэһии туһунан хантан истибиккиний?
  • Куоластаа!” диэн көрдөһүү көдьүйүүтүнэн эбэтэр Интернет ситимигэр элбэх доҕордоох кыыс кыайара чиэһинэйэ суох диэн санаа баар. Мин бастакы түһүмэҕи да ааһа иликпиттэн номнуо итинник балыйылынным. Орто Халыма куоратым аата ааттанарын туһуттан кыттарга сананым. Хайаан да кыайыахтаахпын диэн сыал мин иннибэр турбат. Эдьиийим Сардаана “кыттан, боруобаланан көр” диэн сүбэлээбитэ. Кини бэйэтэ хаһан эрэ эмиэ бу күрэхтэһиигэ кытта сылдьыбыта.
  • Дьонуҥ туһунан кэпсээ эрэ.
  • Билигин ийэм, аҕам уонна эдьиийим Сардаана буолан Казахстан Алматы куоратыгар олоробут. Мин оҕо сааһым Орто Халымаҕа ааспыта, билигин онно эбэлээх эһэм олороллор. Ийэм Чукровтар диэн халыҥ аймах сыдьаана буолар. Биир-икки сыл буола-буола хайаан да дойдубутугар айанныыбыт. Бу сотору кэминэн эмиэ тиийэ сылдьарбытын былаанныыбыт. Эбэлээх эһэбин, айылҕаны, тоҥ балыгы уонна, оннооҕор, бырдаҕы аҕынным (күлэр). Саха тылыттан “кэл-бар” диэни өйдүүбүн, наадабын быһаарсыахпын сөп, ийэбит дьиэбит иһигэр сахалыы саҥарар. Быйыл Казахстаннааҕы менеджмент, экэниэмикэ уонна прогнозирование институтун бүтэрэн, маркетолог идэтин баһылаатым. Үөрэх эйгэтигэр үлэлиибин, быыспар теннистиибин, хайкины (сатыы ыраах сирдэргэ тиийии, тэлэһийии) инэриэһиргиибин уонна доҕотторбунаан — @jokeasses диэн бөлөх ыччата буолан вайн устабыт. 
  • Вайн устуутунан хаһан дьарыктанан саҕалаабыккытый?
  • Бииргэ үөрэнэр доҕотторум буоламмыт бөлөх тэринэргэ санаммыппыт уонна тута устан саҕалаабыппыт. Казахстаҥҥа, сүнньүнэн Алматыга олус элбэх айар куттаах киһи олорор. Олор быыстарыгар вайнердар олус элбэхпит. Кистээбэккэ эттэххэ, бэйэ икки ардыбытыгар бэрт былдьаһыы да баар. Куоталастахха, үчүгэйтэн үчүгэйи оҥоро сатаатахха эрэ сайдар буоллахпыт. Маннааҕы вайн-бөлөхтөр сыалай бырайыак курдук үлэлиибит, видео устуутунан эрэ муҥурдаммаппыт.
  • Оттон саха вайн-бөлөхтөрүттэн кимнээҕи билэҕин?
  • @freakyjokes бөлөх уолаттарын кытта билсэбин. Ис хоһоонноох, күлүүлээх вайнары устар маладьыас уолаттар.
  • Үгүс вайнердар “Инстаграм” страницаларыгар реклама киллэрэр буоллулар. Төһө барыһыраҕыт? Вайн устан харчыланыахха сөп дуо?
  • Сөп дии саныыбын, харчы син киирэр.
  • @jokeasses бөлөх ыччата олоххут тухары вайн устар былааннааххыт дуо? Вайн устуу быстах кэм ирдэбилэ эрэ дуу?
  • Мин санаабар, вайн устуу – хобби уонна дьарыктаах буолуу биир көрүҥэ. Доҕотторбун кытта алтыһабын, бириэмэбин бэһиэлэйдик атаарабын, рекламанан харчыланабын… Онон тохтуур санаабыт суох, өссө үүнэр-сайдар былааннаахпыт.
  • Инстаграмҥа” бэйэҥ тус страницаҕар 109 тыһ. сурутааччылаах эбиккин. Биллэр дьону үөҕүү, сиилээһин бөҕө буолаллар. Манна хайдах сыһыаннаһаҕын?
  • Араас дьон санаата араас буоллаҕа, ким, туох дии саныырын сатаан уларыппат буоллахпыт. Хаартыскаларбын араастаан үөҕэр да, сэргиир да дьон үгүс. Куһаҕаны суруйар, арбыыр дьон иитиилэрэ суоҕун дакаастыыллар, маннык дьону кытта баайсыбаппын, наадыйбаппын.
  • Билигин Саха сиригэр киинэ, сүрүннээн кэмиэдьийэ жанрдаах киинэни устуу олус сайынна. Биир эмит сахалыы киинэни көрбүтүн буолаарай?
  • Итинник диэн истибитим. Ол эрээри, хомойуох иһин, сахалыы киинэни көрөр кыах көстө илик, быыс-арыт буллум да хайаан да көрүөм.
  • Сахалар казахтары кытта майгынныыллар дииллэр. Эн санааҕар хайдаҕый?
  • Биир түүр омуктар буоллахпыт дии, майгыннаһабыт. Тылбытыттан саҕалаан тас көрүҥмүтүгэр тиийэ. Ол эрээри менталиттеттарбыт атыттар.

Айтана АММОСОВА

Хаартыскалар дьоруой тус архыыбыттан киирдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0