Казаах муммут көлүөнэтин тапталын сахалыы саҥарта (“Сарбыллыбыт таптал” туһунан санаа)

Ааптар:  Максим Ксенофонтов
19.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Алибек Аскаров аныгы казаах суруйааччыларыттан биир ураты буочардаах, туспа куоластаах, биһиги дойдубут ааҕааччыларыгар балачча биллэр прозаик быһыытынан биллэр. А. Аскаров айымньыларыгар персонажтар иэйиилэрэ, муунтуйуулара айылҕа эгэлгэ көстүүлэрин кытта алтыһан, төрөөбүт дойду устуоруйатын, дьылҕатын кытары ситимнэһэн көстөллөр. Кини геройдара үөрэллэр-көтөллөр, арыт, санааргыыллар, муунтуйаллар, ол эрэээри, инникигэ эрэллэрин сүтэрбэттэр.

Бу күннэргэ суруйааччы, тылбаасчыт Валерий Луковцев – Дьурустаан кини айымньыларын сахалыы саҥарта. “Сарбыллыбыт таптал” диэн хомуурунньугу “Айар” кинигэ кыһата таһаарда.

Кинигэҕэ “Албыннаппыт көлүөнэ” сэһэн уонна үс кэпсээн киирбиттэр. Кинигэни бэркэ кэрэхсээн аахтым. Тылбааһа бэркэ табыллыбыт. Бастаан, ааҕыам иннинэ, “мин хайдах тылбаастыам этэй?» диэммин, сэһэн нууччалыытыттан биир абзааһы тылбаастаан көрдүм. Онтон Дьурустаан тылбааһын, кинигэни ылан, тэҥнээтим.

“Да пропади все пропадом! Опять не повезло! Уж если ты неудачник по жизни, счастье вряд ли тебе улыбнется… Провалил экзамен!” Маны мин: “Барыта үөдэҥҥэ түҥкэлийдин! Эмиэ табыллыбата! Өскө олоххор сатаммат буоллаххына, дьол эйиэхэ мичээрдээн сыдьаайыа суоҕа… Эксээмэҥҥэ бырабааллаатым!” — диэтим. Дьурустаан ити кэрчиги маннык эппит: «Сах салаатын! Эмиэ сатаммата! Табыллыбат киһиэхэ барыта наар аанньа буолааччы… Эксээмэни кыайан ааспатым!»  Адьас уу сахалыы тылбаас эбит. Олус хабы-дьүөрэ, ис хоһоонун толору арыйар тыллардаах буолла. Тута кэрэхсээтим.

“Албыннаппыт көлүөнэ” сэһэҥҥэ  Базархан диэн, аармыйаттан кэлэн үөрэххэ туттарсан баран, киирбэккэ,  дойдутугар бараары сылдьар эдэр уолан мучумаана көстөр. Айымньыга ааспыт үйэ 70-ус сылларын салгына сайа биэрэр, оччотооҕу дьон мөссүөннэрэ арыллан кэлэр.

Базархан, төһө да быраапарсык буоллар, тыа уолун сиэринэн кэнэнин быһыытынан, араас мөкү дьон угаайытыгар киирэн биэрэр. Сытыы сыгаан дьахтара албыннаан, сүүрбэ биэс солкуобайын былдьаан ылар. Кэрээнэ суох фарцовщик “чэпчэкигэ, биир мөһөөккө эрэ биэрэбин” диэн угаайылаан, ортотунан аҥаардаммыт, биир эрэ сотолоох джинсаны килэбэчигэс бакыакка укпутун туттаран кэбиһэр. Милииссийэ уолаттар “арыгы сыттааххын” диэн баайсан, “ыстараап” диэн ааттаан бэрик  ыган ылаллар. Ити түгэннэр чэпчэки юмор арыаллаах кэпсэнэллэр.

Табыллыбатах абитуриент ааспыт түгэннэри санаан ылара, учууталларыгар истиҥ сыһыана умсугутуулаахтык, долгутуулаахтык ойууланар. Эдэр киһи тула баар эйгэҕэ, буола турар сабыытыйаларга оттомноохтук сыһыаннаһар, тус сыанабылын биэрэр. Кэнэҕэс олоҕун тымтыктанан, торумнана сатаабат эрээри, ийэлээх-аҕатын, дьонун-сэргэтин хомоппот, эрэллэрин тһэн биэрбэт курдук олоҕун оҥостор баҕалаах. Базархан мунаахсыйыылара, кинини долгутар үөмэхтэс санаалара, инникигэ тулхадыйбат эрэлэ төрөөбүт норуотун олоҕу көрүүтүн, олох оҥкула буолбут үгэстэрин кытта ыкса ситимнээхтэр.

“Бэлэһим кууран, тамаҕым хатан хаалбыт эбит. Аргыый аҕай туран тулабын көрүннүм. “Театральнай» кафе иннигэр гаастаах уулаах аптамаат таһыгар хас да оҕо, дьахтар мустан турара”.  Сүрүн дьоруой куйаас күн утаҕын ханнарыан баҕаран, аптамааттан газировка ылан иһэр. Сотору буолаат, аптамаат соҕотох, кырыылаах таас ыстакаанын иһэр-аһыыр, мөлтөх көрүҥнээх эрдьигэннэртэн биирдэстэрэ сойботон ылар. Билигин сорох ааптардар айымньыларыгар ааспыт сэбиэскэй кэми тупсаран, идеализациялаан көрдөрүү баар. Оттон “Сарбыллыбыт таптал” кинигэҕэ оччотооҕу кэм хайдах баарынан, кэрэ да, омсолоох да өрүттэрэ сырдатыллаллар.

Базархан бэйэтин көлүөнэтин, аҕа дьон, төрөппүттэрин күүрээннээх, уустук дьылҕатын кытта тэҥнээн баран, “албыннаппыт, муммут көлүөнэнэн” ааҕар. “Улугуруу” кэмигэр итинник санаа эдэр дьоҥҥо ыалдьыттаан ылара. Төрөппүттэрэ сэриини ааспыттара, норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрбиттэрэ, кырыс сири туһаҕа таһаарбыттара, куосумаска көппүттэрэ. Оттон кинилэргэ, эдэрдэргэ, дуоспуруннааҕы, күүрээннээҕи, баараҕайы оҥорорго туох даҕаны хаалбатах курдуга.

Базархан өрөйө-чөрөйө, инникигэ эрэлинэн туолан, тутум үрдээн сылдьар кэмигэр тулалыыр эйгэтэ күлүмүрдээн олорор. Холобур, бастаан сылдьарыгар Алма-Ата дьэргэйэн, кэрэтэ сүрдээх. Оттон, аармыйаттан кэлэн, үөрэххэ сатаан киирбэккэ, аулга бараары муҥкугура сырыттаҕына куората өлбөөрөн көстөр.

“Загира-апай” — кылгас эрээри, дириҥ ис хоһоонноох кэпсээн. Казаах тыла ииммэтин-хаппатын, тыа сирин оҕолорун инники кэскиилэрэ сарбыллыбатын туһугар эрдээхтик турууласпыт оскуола дириэктэрин, дьиҥ норуот учууталын туһунан сиэрдээхтик, ыллыктаахтык кэпсэнэр.

Дьурустаан тылбаасчыт быһыытынан биир киэпкэ хаайтарбакка, ааҕааччыга тиийимтиэ гына үлэлээбитэ көстөр. “Ах, как жаль, и Загира-апай покинула этот бренный мир! Она была честолюбивым человеком, сумевшим говорить в лицо правду-матку в те смутные времена, как смерч, сметающие все на своём пути”. Сахалыытын ааҕабыт: “Оо, Загира-апай барахсан бу кэрэгэй оҥоһуулаах орто дойдуттан арахсыбыта олус даҕаны хомолтолоох! Кини кырдьыгы, бэйэ чиэһин өрө тутар хорсун киһи буолан, ала буркуннуу суолугар түбэспити тоҕо солуур дьүүл-дьаһах саҕанааҕы кэхтии кэмигэр, куттаммакка, дьиҥ кырдьыгы оччотооҕу салайар үлэһиттэргэ хайдах баарынан малтаччы эппитэ”. Тылбаасчыт этии ис хоһоонун, тутулун уу сахалыы тиэрдибитэ көстөр. Загира-апай “кырдьыгы оччотооҕу салайар үлэһиттэргэ” тиэрдибитин бэйэтиттэн эбэн, этиини чопчулаан биэрбитэ табыллыбыт.

“Доҕордуулар үһүө этилэр” кэпсээн таптал, доҕордоһуу, ордугурҕааһын, күнүү, уодаһын туһунан. “…бэл, сулумах кыыстыын чугаһаспытыҥ, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүгүттэн эргийэн тахсан, ыар содулланыан сөп эбит”. Ол содулун, тугунан диэлийэн тахсыбытын, якудза курдук ылгын чыҥыйы быстар кыһалҕаҕа тиэрпитин кэпсээни аахтаххытына билиэххит.

“Бэлиитикэ аахсыйата” кэпсээҥҥэ 1980-ус сыллар ортолорунааҕы биир тэрилтэҕэ ыытыллыбыт “эмтэммэт хаисык ыарыы утары” тэрээһин көрдөөхтүк ойууланар.

“Сарбыллыбыт таптал” кинигэҕэ, казаахтар олохторо кэпсэнэрин быһыытынан, “камча”, “апай”, “мугалима”, “аксакал” диэн курдук тыллар тоҕоостоохтук туттуллаллар. Тылбааһа сатаммыт буолан чэпчэкитик, кудуххайдык ааҕыллар. Тылбаас тыла-өһө баай, дьэрэкээн палитралааҕын, “кустук өҥнөөх, кымыс сыттаах” ийэ тылбытынан дэлэгэйдик, киэҥ хабааннаахтык суруллан тахсыбытын уус-уран литератураны таптааччылар үрдүктүк сыаналыылларыгар саарбахтаабаппын.

Валерий Николаевич Луковцев – Дьурустаан, тыл бөдөҥ маастара, талааннаах тылбаасчыт, казаах биллиилээх суруйааччыта Алибек Аскаров чулуу айымньыларын сахалыы саҥардан, ааҕааччыларга дьоһун бэлэҕи оҥорон, сахалыы тылбаас фондатыгар улахан кылааты киллэрдэ.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0