Тохсунньу 25 күнүгэр Уус Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр «Түһүлгэ» сынньалаҥ киинигэр аҕам саастаахтарга аналлаах тэрээһин өрө күүрүүлээхтик ааста.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Бу күн нэһилиэк ытык-мааны кырдьаҕастарын чиэстээтилэр. Нэһилиэк түөлбэлэрэ эгэлгэ интэриэһинэй маскараадтарга, бальнай үҥкүүгэ, театрализованнай туруорууларга уо.д.а күрэхтэстилэр.
Мэлдьи да буоларын курдук, «Төрүт түөлбэ» быйыл да биир дойдулаахтарын уонна ыалдьыттар сэҥээриилэрин ылыан ылла. Кинилэр «Кавказская пленница» киинэттэн оонньоон, күннээх дойду сылаас тыынын аҕаллылар, биир дойдулаахтарыгар сылаас мичээри бэлэхтээтилэр. Бу көрдөөх дьүһүйүүлэринэн мөккүөрэ суох инники күөҥҥэ таҕыстылар. Сүрүн оруоллары Лилия Винокурова, Галина Саввинова, Михаил Черноградскай, Анатолий Парников, Раиса уонна Михаил Охлопковтар, Иннокентий Попов оонньоотулар.
Сынньалаҥ киинигэр түөлбэлэр эрэ буолбакка, көрөөччүлэр эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар, бары үөрэн-көтөн, сарсыҥҥы күҥҥэ күүс-уох ылынан тарҕастылар.
«Төрүт түөлбэ» кыттааччылара тэрийээччилэргэ махталларын биллэрдилэр, ыарахан үлэ быыһыгар дьону-сэргэни сынньатар дьаһаллары өссө да ыыта туралларыгар баҕардылар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru