Михаил Дмитриевич Капустин саха суруналыыстыкатыгар биллэр аат. Кини кырдьаҕас көлүөнэ суруналыыстартан биирдэстэрэ. Төрөөбүт-үөскээбит сирэ-дойдута Бүлүү оройуона. Бэрт кылгас кэмҥэ Үөһээ Бүлүүгэ учууталлаабыта, Бүлүүгэ райкомолга үлэлээн ааспыта, пиэнньэрдэр үлэлэринэн дьарыктанара, ол эрээри, тоҕо эрэ, хаһыакка үлэлиэн олус баҕарара.
Биирдэ, обкомол бэрэстэбиитэлэ кэлбитигэр хаһыакка үлэлиэн баҕарарын эппитигэр, киһитэ сөбүлээбэтэх, онон райкомолугар үлэлии сылдьыбыт. Бириэмэ ааһан испит, обкомол эппиэттээх үлэһитэ, былаастаах салайааччы кэлбитигэр хаһыакка үлэлии барыан баҕарарын иккиһин эппитигэр киһитэ: “Эйигин “Эдэр бассабыык” хаһыакка үлэлэтэр буоллубут, онон Дьокуускайдаа”, — диэн дьаһайбыт.
Михаил урут Дьокуускайга хаһан да үктэнэ илик этэ. Ууга түһэр сөмөлүөт кэлбитигэр кыбыллан көтөн кэлэн, дьонтон ыйдаран хаһыат эрэдээксийэтин булар. Оччолорго хаһыат эрэдээктэринэн Николай Семенович Яковлев үлэлиирэ. Кини солбуйааччыта Савва Томскай эбит. Эрэдээктэр суох буолан, кинини Томскай үлэҕэ ылар. Урукку өттүгэр бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэр. Салайааччы кимин-тугун, хантан кэлбитин ыйытар уонна Бүлүүтүн билэн, бэйэтэ эмиэ Бүлүүттэн сылдьарын кэпсиир.
Ыччат хаһыатыгар
Оччолорго хаһыат эрэдээксийэтэ уонна обкомол аппараата бииргэ кэриэтэ этилэр. Үлэни-хамнаһы бииргэ сүбэлэһэн ыыталлара. Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ обкомолга буолар түгэннэри сиһилии билэллэрэ, сырдаталлара, ордук ыччаттар, хомсомуоллар үлэлэрин-хамнастарын, производственнай былааннары, эбэһээтэлистибэлэри киэҥник сырдаталлара. Оччолорго аппараат үлэһиттэрин туһунан тугу да суруйбат этилэр. Билигин чунуобунньуктар хас биирдии хамсаныылара сонун курдук буолла.
Савва Томскай саҥа үлэһиккэ бастакы сорудаҕы биэрбит: куорат ыччатыгар ыҥырыы таһаарбыт бастыҥ үлэлээх ЯЦЭС (Якутская центральная электростанция) үлэһитин туһунан суруйарыгар. Куораты саҥа булбут киһи ыйдаран ЯЦЭС-ка тиийбит, пропуск ылан уол үлэлиир миэстэтигэр тиийбит. Эдэркээн нуучча уола эбит. Бэрт холку, аҕыйах саҥалаах, судургу киһини кытта сиһилии кэпсэтэн, үлэтин хайысхатын, ылыммыт эбэһээтэлистибэтин билсэн суруйар. Ити түгэн киниэхэ, хайдах эрэ, суруналыыстыкаҕа инники суолун арыйар курдук
буолбута. Өр сылларга “Кыым” хаһыат бырамыысыланнаска отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээн ааспыта.
Сэрии иннигэр куорат олохтоохторо уонна тэрилтэлэр оһоҕунан сылытыллан олороллоро, онон куорат чугаһыгар тыаҕа тахсан мас мастыыллара. “Эдэр бассабыык” эрэдээксийэтин үлэһиттэрэ эдэр уолаттар кыһын оттор мастарын бэйэлэрэ бэлэмнииллэрэ. Михаил Капустин, ити курдук баҕарар баҕата туолан, хаһыакка үлэлии, астына аҕай сылдьара, бэйэтин дьоллооҕунан ааҕынара. Командировкаҕа сылдьар, эрэдээксийэ сорудаҕын чуолкайдык толорор, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир, элбэхтик ааҕар. Оччолорго үлэ кэнниттэн кинигэ ааҕыытынан дьарыктаналлара, атын хаһыаттары сэргээн ааҕаллара. “Кыым” уонна “Социалистическая Якутия” хаһыаттары таһынан “Комсомольская правда”, “Пионерская правда” сирийэн ааҕаллара. Ити “Эдэр бассабыык” хаһыат үлэһиттэриттэн ирдэнэрэ уонна бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтинэллэригэр улахан суолталааҕа.
Тааттаҕа, Усуйаанаҕа хаһыат эрэдээктэринэн
Михаил Дмитриевич биирдэ ахтан турардаах: 1941 сыл сааһыгар эрэдээксийэ үлэһиттэрэ сүбэлэһэн баран, хамнастарын ылаат, фотографияттан хаартыскаларын ылан баран, бэйэ-бэйэлэригэр бэлэхтэспиттэр. Ити, арааһа, оччотооҕу быһыыны-майгыны, аан дойду үрдүнэн балаһыанньаны өйдөөннөр дьаһаннахтара. Сэрии саҕаламмытыгар үгүстэр сэриилэһэ аармыйаҕа барбыттара.
Михаил Капустины биир күн партия обкомугар ыҥыран ылбыттара уонна Таатта оройуонугар хаһыат эрэдээктэринэн аныылларын эппиттэрэ. Сорудах кытаанах, мөккүһэр уонна аккаастыыр табыллыбат. Тааттаҕа тиийэн олохсуйан, хаһыатыгар үлэлии олорор. Нэһилиэктэргэ сылдьар, аттаах киһини кытта аргыстаһар, массыына диэн суох. Күһүн эрэдээксийэтин наадатыгар куоракка киирбитэ уонна “Эдэр бассабыык” эрэдээксийэтигэр сылдьан, доҕотторо бары сэриигэ барбыттарын истэн олус хомойбута, эрэдээксийэҕэ үлэһит лаппа аҕыйаабытын билбитэ.
1943 сыл. Партия обкуомугар ыҥыран ылаллар уонна ыраах хоту Усуйаана оройуонугар бар диэн дьаһайаллар. Ордук балык бултааһыныгар хаһыат сүрүн болҕомтотун уурарыгар сорук туруораллар. Усуйаана урукку өттүгэр хаһыата суох, типография диэн кэлиэ дуо?! Типографиятын тэрилин уонна хаһыатын кумааҕытын борохуокка тиэйэн илдьэр. Өлүөнэ өрүһүнэн, муоранан устан, Дьааҥы өрүскэ түһэр. Дьэ, балаҕан ыйыгар Хаһааччыйаҕа тиийэн тиксэр. Типографиятын биир ыарахан чааһын көтөҕөн борохуоттан тахсан иһэн, трапка халтарыйан мүччү тутан, ууга түһэрэн кэбиһэр. Дьэ, кыһалҕа буолар. Хайыай, быстыа дуу, ойдуо дуу, сыгынньахтанан тымныы ууга киирэн тимирин хостоон таһаарар. Хаһааччыйаҕа тиийэн олохсуйар, типографиятын үлэһитэ оборудованиены таҥыар диэри, балыксыттарга сылдьан матырыйаал хомуйар, дьону кытта көрсөр уонна оройуон хаһыата тахсарын туһунан кэпсиир, суруйуҥ диэн көрдөһөр. Онон Усуйаанаоройуонун хаһыатын төрүттээбит бастакы эрэдээктэринэн Михаил Дмитриевич Капустин буолар.
Капустиннар дьиэ кэргэн
Кэлин Дьокуускайга кэлэн олохсуйар. Ыал буолар. Кини сэрии иннигэр Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир кэмигэр билсибит кыыһын Ольга Тарасованы кытта холбоһон ыал буолаллар. Ольга Андреевна уоттаах сэрии сылларыгар дойдутугар райкомол бастакы сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.
Сэрии сылларыгар ыччаттар уонна хомсомуоллар күүрээннээх үлэлэринэн биллибиттэрэ. Верховнай Кылаабынай Командующай И. В. Сталинтан үс төгүл Махтал сурук ылар чиэскэ тиксибиттэрэ. Ити үрдүк сыанабылга райкомол бастакы сэкирэтээрэ Ольга Тарасова үтүөтэ-өҥөтө эмиэ көстөр. Ольга Андреевна өр сылларга Саха АССР тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан биэриилэргэ Судаарыстыбаннай кэмитиэтигэр үлэлээн ааспыта. Михаилын кытта олус иллээхтик уонна дьоллоохтук олорбуттара. Капустиннар кыыстара Диана Михайловна Саха Судаарыстыбаннай университетын бүтэриэҕиттэн бэчээт эйгэтигэр үлэлээн ааста. Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна бочуоттаах аат иҥэриллибитэ. Кини билигин да илиитин араарбакка суруксуттуур эрээри, иһирэх эбээ буолан сиэнин көрөр-истэр, улаатыннарар.
“ Салайааччым уонна тойонум…”
Михаил Дмитриевич хомсомуол ииппит киһитэ, патриотическай ырыалары, хоһооннору бэрт элбэҕи аахпыта, үөрэппитэ, ыллыыра. “Катюшаны” бастакынан сахалыы тылбаастаабыт суруналыыс буолар. Кини өр сылларга “Кыым” хаһыат бырамыысыланнаска отделын салайбыта, онон өрөспүүбүлүкэҕэ тутуу, көмүс, ньиэп, гаас, алмаас бырамыысыланнаһын үлэһиттэрин туһунан элбэҕи сырдаппыта. Сытыы кириитикэни табатык, ылыннарыылаахтык суруйара, кириитикэлэммиттэр өһүргэммэттэрэ. Итэҕэстэрин туоратан, туруоруллубут соруктары, былааннары толорууга сорунуулаахтык туруналлара.
Михаил Дмитриевиһи суруналыыстыка эйгэтигэр киллэрбит киһинэн Савва Константинович Томскай буолар. Өр сылларга “Кыым” хаһыакка кини быһаччы салалтатынан үлэлээбиттэрэ. Дэлэҕэ ахтыа дуо: “Савва Константинович миэхэ үйэм-сааһым тухары салайааччым уонна тойонум. Кини хамаандатынан үлэлээн аастым. Арай биирдэ мин кинини хамаандалаан турабын. Саас этэ, Орджоникидзевскай оройуоҥҥа өрүс арыытыгар кустаатыбыт. Биир сарсыарда өрүс мууһа хамсаан, уу бөҕө кэлэ турар. Хомуна охсон, тыыбытынан кытыы диэки устан иһэбит. Мин куормаҕа олоробун, Савва эрдииһитим. Уу күүскэ кэлэр, онон киһибин: “Ууга түһээри гынныбыт, күүскэ эрдэн ис, эрдэн ис!”— диэн хамаандалыыбын. Онон эрэдээктэрбин, Савва Константиновиһы, биирдэ хамаандалаан турабын дии-дии күлэрэ.
Михаил Дмитриевич айымньылаах үлэтэ Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ үрдүк аатынан бэлиэтэммитэ. Умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт хаһыатчыт. Кинини Таатта уонна Усуйаана улуустарыгар өйдүүллэр, сыаналыыллар. Саха суруналыыстыкатыгар умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт дьоннор ортолоругар Михаил Дмитриевич Капустин сырдык аата көмүс буукубаларынан суруллар.
Иван Борисов,
суруналыыстыка бэтэрээнэ.